Ольга Петровна Иванова – Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин иһинэн тэриллибит “Дьөһөгөй” кулууп иитиллээччилэрэ от ыйын 25-26 күннэригэр Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо Геннадий Иванович Назаровка от үлэтигэр көмөлөстүлэр.
Амма, Бөтүҥ нэһилиэгиттэн барыта 25 уол Хотуйа үрэҕин Арыы диэн сиригэр икки күн сырыттылар. Ол курдук Хотуйа үрэҕин уҥуор туораан, хонук сирдэрин оҥостон, аһаҕас халлаан анныгар эбиэттээн баран Геннадий Иванович оҕолорго күннээҕи үлэлэрин быһаарда. Икки хамаандаҕа арахсан от мустулар уонна лэкээ тастылар. Петр Иннокентьевич Попов салалтатынан уолаттар 200 тэн тахса лэкээни мустулар, оттон Андрей Александрович Гоголев салайааччылаах лэкээ таһааччылар 110 лэкээттэн биир кэбиһиилээх оту туруордулар. Уолаттар бу иннинэ от үлэтигэр сылдьыбатах буоланнар бастакы күннэригэр ыарырхаттылар. Сынньалаҥ кэмнэригэр үрэххэ дуоһуйа сөтүөлээтилэр.
Иккис күҥҥэ уолаттар от охсорго үөрэннилэр. Ол курдук Петр Иннокентьевич Попов илии хотуурунан охсорго үөрэттэ уонна мотокосанан от охсору көрдүлэр – иһиттилэр. Икки кэбиһиилээх от турар отун тастылар. Дьөһөгөй кулууп уолаттара бу сылдьыбыт икки күннэригэр илиинэн оттооһуну эттэринэн – хааннарынан толору биллилэр, сылгы, сүөһү ииттэр дьон сайыҥҥы кылгас кэмҥэ кыстыыр отун булунар түбүгэр сылдьарын өйдөөтүлэр. Түмүккэ, Геннадий Иванович эһиил эмиэ кэлэн көмөлөһөөрүн диэн баҕа санаатын эттэ.
“Дьөһөгөй” бырайыак Президент гыраанын фондатыттан үбүлэнэр буолан уолаттар окко кэтиллэр таҥаһынан, рюкзагынан, спальнай мешогунан, от мунньар кыраабылынан, походнай иһитинэн – хомуоһунан уонна аһыыр астарынан хааччылыннылар.
Уолаттар үлэлээбит үлэлэриттэн толору астынан, ходуһаҕа палатканан хонон, киэһээ кутаа уот тула төгүрүччү олорон араас түбэлтэлэри кэпсэтэн, бэрткэ астынан дьиэлэригэр тархастылар. Икки күҥҥэ оҕолору салайан, аһатан – сиэтэн илдьэ сырыттылар: бырайыак салайааччыта Феврония Данилова, педагогтар Вероника Давыдова, Александра Егорова, Петр Попов уонна Косиор Карманов, Андрей Гоголев.
Александра Егорова