Кырдьык, билиҥҥи биһиги үйэбитигэр харчы суолтата наһаа улахан. Ол мэлдьэх буолбатах. Оҕолор бэйэҕит да ону үчүгэйдик билэҕит, өйдүүгүт. Оннооҕор: «Ханнык үөрэххэ туттарсаҕыт?»— диэн ыйыттахха, бары кэриэтэ: «Үрдүк хамнастаах», — диэн хардараҕыт. Оннук буолбаат?
Эмиэ да сөп ээ. Үчүгэй, талым, баай, тот, мааны, талба олоххо талаһар туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри, наһаа харчыга хараҥарар, харбыалаһар эбэтэр, төттөрүтүн, мэлдьи аҕыйаҕын ааҕан тахсан суланар — соччото суох быһыы, мөкү өрүт.
Уопсайынан, харчыга сыһыан хайдах буолуохтааҕый? Бу туһунан эһиэхэ анаан Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүллээх буолуутун киинин үлэһиттэрин кытта анал матырыйаалы бэлэмнээтибит. Ону ааҕыҥ, олоххутугар туһаныҥ.
***
Киһи олоҕун туох салайарый? Таптал дуу, аччыктааһын дуу, биитэр харчы дуу? Ити ыйытыыга күн бүгүнүгэр диэри сөптөөх чопчу биир эппиэти була иликтэр.
Биллэн турар, бу боппуруоска киһи бэйэтин кыһалҕатыттан көрөн хардарыан сөп. Холобур, баай соҕотох киһи: «Таптал», — диэн хардарыа. Хоргуйан өлөөрү олорор дьиэ кэргэн: «Аччыктааһын», — диэн этиэ. Ол эрээри, ити да кырдьыктаах хоруйдар буолбатахтар. Тоҕо диэтэххэ, биһиги оннооҕор бэйэбитин кытта, хомойуох иһин, чиэһинэйэ суохпут, ардыгар албынныыбыт. Холобур, эн таптаабат киһигэр, баайын эрэ иһин, кэргэн буолуоҥ этэ дуо? Эбэтэр кураанах турар кыбартыыраҕын куортамҥа биэриэҥ этэ дуу, биитэр дьиэтэ суох аймаххар босхо уларсыаҥ этэ дуу? Толкуйдаа эрэ…
Көр, харчы биһиги иннибитигэр итинник улахан былаастаах. Кини дьон өйүн-санаатын, ыратын, олоххо көрүүлэрин, бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннарын таах уларытар күүстээх.
Киһи бэркиһиэх, билигин харчыны олохпут биир сүрүн сыаннаһын курдук ылынар буоллулар. Үтүмэн үп киһи статуһун, уопсастыбаҕа балаһыанньатын, таһымын, ситиһиитин кээмэйигэр кубулуйда.
Аны туран, хачыгырас кумааҕыбыт олохпут бары эйгэтигэр сабыдыаллыыр, дьайар. Дьиэ кэргэн иһигэр харчыттан сылтаан этиһиилэр, өйдөспөт буолуулар тахсаллар. Оҕолор ортолоругар арахсыы, атааннаһыы үөскүүр: ким дьоно кыахтаах, ким кыаммат ыал оҕото.
Ол эрээри хаһан эрэ харчы бүтүө, баай-дуол бараныа. Оччоҕо? Халыҥ кумааһынньыккар эрэ ымсыыран доҕордоспут атастарыҥ киэр хайыһыахтара, харчы аайыттан этиспит, арахсыбыт чугас дьонуҥ эйигин сонньуйа көрүөхтэрэ. Ол иһин өйдөө: дьон ытыктабылын, билиниитин, тапталын, эйэтин эн үөгүлүүр үпкүнэн буолбакка, үтүө майгыгынан, киэҥ билиигинэн, киһилии сиэргинэн ылар кыахтааххын.
***
Кэтээн көрүүлэр көрдөрүүлэринэн, киһиэхэ куттал уонна дьаарханыы биир үксүн (70%) үп-харчы быһаарыллыбатах боппуруостарыттан үөскүүр эбит. Ол иһин билиҥҥиттэн, оскуола сылларыттан, үбү-харчыны сөпкө туһанарга үөрэнэн саҕалыахтааххыт. Онуоха сүбэлэри биэрэбит.
- Ороскуот тэтэрээтин оҥоһун. Киэһэ аайы бүгүн төһө харчыны бараабыккын уонна ону туохха туттубуккун быһааран суруй. Холобур, дьонуҥ эйиэхэ 200 солкуобайы биэрбиттэр. Онтон хаһын суотабайгар уктуҥ, остолобуойга аһаатыҥ, маҕаһыынтан атыыластыҥ? Суоттаан-ааҕан көр эрэ. Бу маннык 1-2 ый эрэ бэлиэтэнэҕин. Ол кэнниттэн суруммуккун сыныйан көрөн, бэйэҕэр түмүк оҥостоҕун.
- Былаанныыр буол. Кэлин онтукаҥ туһалыа. Устудьуон буоллаххына, истипиэндьийэҕин сөпкө аттарыаҥ, биир ыйга холкутук тиэрдиэҥ.
- Харчыгын сөпкө тутта сатаа. Чэпчэки эрэ диэн, солуута суох ону-маны ылыма. Ол оннугар сыаналаах эрээри, биир үчүгэй хаачыстыбалаах табаары атыылас.
- Бэйэҥ харчылаһарга кыһалын. Улааттыҥ, наар төрөппүттэргиттэн көрдүү-көрдүү олорума. Сайын лааҕырга, окко-маска үлэлээн, кыһын дьоҥҥо мас хайытан, ойбон алларан, дьиэ кэргэҥҥэр эбии дохуотта киллэр. Эбэтэр тугу эмэ бэйэҥ илиигинэн оҥорон, доҕотторгор атыылаан көр.
- Угаайылаах албын оонньууларынан хаһан да үлүһүйүмэ. Автомат диэн эн дьиэҥ көмпүүтэрэ буолбатах. Бу — дьону халыыр «бандьыыт». Ол иһин ырааҕынан тумна сырыт, олох чугаһаама.
- Дьонуҥ кыра хамнастаахтарыттан кыйаханыма, санаарҕаама, кыбыстыма. Улуу бөлүһүөк Сенека этэн турар: «Бэйэҥ олоххунан дуоһуйбат, наар туох эрэ итэҕэһи көрдүүр буоллаххына, бүтүн аан дойдуну да баһылаатаххына, дьоло суох курдук сананыаҥ», — диэн.
***
Үтүмэн үп аҥаардас үлэттэн, сыраттан эрэ кэлбэт. Өссө ситиһиигэ дьулуургуттан эмиэ тутулуктаах.
Ситиһиигэ дьулуһуоҥ — кыайыылаах тахсыаҥ, бастыҥ баҕаҕын толоруоҥ. Оттон саарбахтыы, кэтэмэҕэйдии, сэрэнэ, куттана, төттөрү этэ сылдьыаҥ — тугуҥ да табыллыа суоҕа. Ол иһин бэйэҕэр эрэллээх буолуоххун наада. Ол туһуттан бу тыллары аах уонна мэлдьи искэр хатылыы, саныы сырыт:
- миэхэ барыта табыллар;
- мин олохпунан дуоһуйабын;
- мин ситиһиилээхпин;
- мин барытын сатыыбын уонна туохтан да куттаммаппын;
- мин баҕарбытым барыта туолар;
- мин олус дьоллоохпун;
- мин олоҕум олус үчүгэй уонна күн ахсын тупсан иһэр;
- мин эрчимнээхпин уонна эдэрбин;
- мин муус доруобайбын.
Итинник саргылаах санаалар үчүгэйгэ эрэ кынаттыыллар. Оттон: «Кэм миэнэ буолуо… Мин эрэйдээх», — диэн муҥатыйа, бэйэҕин аһына сырыттаххына, дьэ кырдьык, дьон атаҕастыыр, сэниир киһитигэр кубулуйуоҥ. Билэҕин дии, тыл туолар күүстээҕин.
Уонна кыра туһаны да оҥордоххуна, бэйэҕин искэр хайгыыр буол. Аны туран, бэйэҥ тускунан куһаҕаны саҥарыма, быдьар тылы туттума, маатыралаама. Итиэннэ саамай сүрүнэ — бэйэҕин таптаа уонна ытыктаа. Оччоҕо эрэ атын дьон эйиэхэ оннук сыһыаннаһыаҕа.
***
Психолог Виктория Шамаева «Саҥа күн» биэриигэ кэлэн ыалдьыттыырыгар, харчы туһунан кэпсээбитэ. Онуоха маннык диэн эппитин мэлдьи саныыбын:
— Харчы диэн табаар сыанатын быһаарар мээрэй эрэ буоллаҕа дии. Ону олоххут сүрүн сыала-соруга оҥостор сыыһа. Оннук өйдөөх-санаалаах дьон татым толкуйдаахтарын, кыра ычалаахтарын, күннээҕинэн эрэ олороллорун көрдөрөллөр. Харчыга эрэ харбыалаһар киһи духуобунай өттүнэн сайдыбат. Кинилэри дьон-сэргэ ахсарбат буолар.
Кырдьыга да оннук ээ. Аҥаардас харчыга эрэ охтубуттар тоҕо эрэ улаханнык сураҕырбаттар. Этэргэ дылы, кэччэгэй кэриэһэ суох. Оттон, холобура, Өймөкөөн атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын курдук, омуктарын дьылҕаларын санаан, бэйэлэрин үптэринэн оскуола, балыыһа, о.д.а. туттарбыттар, норуокка туһалаабыттар — үйэ-саас тухары умнуллубаттар, уос номоҕо буолан кэпсэнэллэр. Чэ, ылан көрүөҕүҥ — Павел Третьякову. Төһөлөөх үчүгэй хартыыналары мунньубутуй? Кини, дьиҥэр, билиҥҥи тылынан эттэххэ, урбаанньыт, эргиэмсик буоллаҕа дии. Ол эрээри, кэрэни кэрэхсиир дьоҕурдаах буолан, бүтүн галерея буолар кэллиэксийэни түмтэҕэ. Күн бүгүн киниэхэ аан дойду сүгүрүйэ махтанар.
Аныгы улуу бизнесменнэр да (холобур, Стив Джобс, Конрад Хилтон, Билл Гейтс) — бары эмиэ киэҥ дууһалаах, аһымал ааксыйалары мэлдьи тэрийэр, көмө пуондалардаах, искусствоны, литератураны, култуураны сэҥээрэр, эргиччи сайдыылаах, дэгиттэр дьон ээ.
Онон байарга да үтүө майгы, муударай буолуу, киэҥ билии, баай дууһа оруоллара сүҥкэн эбээт.
Бэлэмнээтэ Анисия Иевлева.