Олунньу ый биһиги нэһилиэккэ олус сэргэхтик ааста. Онтон аҕаларга уонна уолаттарга анаан буолан ааспыт «Эр Хоһуун» бырайыак тэрээһиннэрин сырдатыахпытын баҕарабыт.
Бу бырайыагы толкуйдаабыт автордар — уһуйаан иитээччитэ Илларионова Нарыйа Константиновна, директоры оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ солбуйааччы Иванова Юлия Петровна, оскуола директора Романова Любовь Евгеньевна санааларын үллэстэллэр:
«Быйылгы үөрэх дьылыгар уһуйаан-оскуола-нэһилиэк үлэтин ситимниир санааттан «Эр Хоһуун» социальнай бырайыак суруйбуппут.
Бу бырайыакка нэһилиэкпит эр дьоно, уһуйаан саастарыттан саҕалаан, оскуолаҕа үөрэнэр уолаттар, ыччаттар хабыллаллар. Бырайыак сүрүн сыала:
- Уол оҕону эр киһилии иитии
- Төрүт дьарыкка сыһыарыы
- Эт-хаан өттүнэн сайыннарыы
- Дойдуга тапталы иҥэрии.
Олунньу ыйга улууска ыытыллыбыт патриотическай иитии ыйгар сөп түбэһиннэрэн нэһилиэк таһымыгар проекпытын презентациялаатыбыт уонна олоххо киллэриэхтэрэ диэн эрэнэн туран Аҕа сүбэтигэр туттардыбыт».
Директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Дьячковская Аграфена Константиновна: «Биһиги нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанабыт. Эр дьон өбүгэлэрин үгэһин утумнаан булка сылдьаллара үгүс. Оҕону төрүт дьарыкка сыһыарыы оскуолабыт «Өбүгэ ыллыга» диэн элбэх сыллаах проегын биир хайысхата буолар. Ону кытта «Эр Хоһуун» проект ситимнээхтик үлэлэрин саҕалаатылар. Ол курдук олунньу 5 күнүгэр оскуола оҕолоро, ыччаттар, нэһилиэк эр дьоно түмсэн «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» декадаҕа сөп түбэһиннэрэн проегы презентациялаан сөптөөх былааны бигэргэтэн, аһаҕастык санаа атастаһан үлэ саҕаланна. Ол түмсүүгэ Аҕа сүбэтэ талылынна, салайааччынан Чыамайыкы нэһилиэгин аҕа баһылыга Захаров А.П. буолла уонна сонно тутатына көмөлөһөөччүлэрин талан, дьиҥ чахчы уол оҕону эр киһилии иитиигэ үлэлииргэ сөбүлэһэн ылыстылар. Бастакы тэрээһин оскуола оҕолоро уонна эр дьон хамаандата «ТОК» өй оонньуутунан саҕаламмыта. Иккис — Бойуот диэн күөлгэ баран, сааскы куска бэлэмнэнэн дурда атаҕын туруорустулар; үһүскэ — булчут Уткин Семён Владимирович бөрө сүлүүтүгэр көмөлөһүннэрдэ, элбэххэ үөрэттэ; төрдүс тэрээһиҥҥэ — Федоров Григорий Михайлович андаатары туулаан ылар туһунан маастар-кылаас көрдөрдө. Оҕолор үөрүүлэрэ үгүс, инник эр дьону кытта сылдьан элбэххэ үөрэнэллэр, дьиҥ чахчы патриотическай тыыннаах буолан тахсыахтара диэн эрэнэбит».
Саҥа талыллыбыт аҕа сүбэтин салайааччыта Захаров Александр Петрович: «Эр хоһуун бырайыак биһиги нэһилиэккэ үлэлээн эрэрэ сүрдээх кэрэхсэбиллээх. Ол курдук олунньу 5 күнүгэр патриотическай иитии декада чэрчитинэн оскуола оҕолоро, аҕалар, эр дьоннор, ыччаттар кыттыылаах нэһилиэк таһымыгар «Эр Хоһуун» барайыак презентацията, сүбэ мунньах, аһаҕас кэпсэтии буолбута. Үүнэн, улаатан эрэр ыччаттарбытын олоххо бэлэмнээх икки атахтарыгар бигэтик тирэнэн туралларыгар, аҕа, эр дьон, оҕолор алтыһыылара сүрдээх улахан суолталаах. Биһиги төрүт үгэспитин, култуурабытын көрдөрөбүт, билсиһиннэрэбит, бэйэбитинэн холобур буолабыт оҕону иитиигэ. Оҕо төһөнөн үлэҕэ, култуурабытыгар, үгэспитигэр чугас сыстар да, оччонон кини сахалыы толкуйа, олоҕу көрүүтэ, араас түгэннэргэ быһаарыныы ыларыгар бу барыта көмөлөөх буолуо, оҕолорбут инникигэ эрэллээх, булугас өйдөөх-санаалаах, бэйэлэрэ улаатан дьиэ кэргэн буолан, нэһилиэкпитигэр, улууспутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр туһалаах дьон буолан тахсалларыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэлбит улахан. Ол курдук оҕолорбут номнуо Бойуот эбэҕэ андылыыр дурда атахтарын туруорууга, бөрө сүлүүтүгэр, андаатары туулаан бултууру көрдүлэр, кытыннылар. Инникитин бу хамсааһыны салгыы сайыннаран иһэр былааннаахпыт».
Дьячковский Антон, 5 кылаас үөрэнээччитэ: “Биһиги Бойуот күөлгэ дурда атаҕын туруорууга аҕаларбытын кытта барса сылдьыбыппыт. Дурда көнө буоллун, саас андыга үчүгэйдик сытарга диэн тыаттан тыраахтарынан аҕам сиэрдийэ соһон киллэрбитэ, эр дьон ону быһан-отон, бэлэмнээн баран, дурда турар сиригэр ойбоннору алларан баран, сиэрдийэлэри туруору аспыттара. Олору аҕам тыраахтар куунунан ыбылы баттаппыта дириҥник киирдин диэн».
Захаров Антон, 10 кылаас үөрэнээччитэ: «Биһиги ааспыкка, Уткин Семен Владимирович ыҥырыытынан уһаайбатыгар тиийэн адьырҕа кыылы — бөрөнү сүлүүгэ көмөлөспүппүт, көрбүппүт.
Бөрө диэн олус интэриэһинэй кыыл эбит. Холобур, бөрө мээнэ сылдьар киһиэхэ түспэт эбит. Ол туһунан барытын Семен Владимирович сиһилии кэпсээбитэ. Ол кэпсиирин истэммин олус элбэҕи биллим-көрдүм. Уонна бөрө сүлэргэ холонон көрдүм, бэйэм үлэбин астынным. Бөрө этин сиэбэт буолан, булчуттар кинини сүлэн баран төттөрү бултаммыт сиригэр таһааран быраҕаллар, ону бөрөлөр бэйэлэрэ харайаллар эбит.
Саас, халлаан сылыйдаҕына бултка миигин уонна уолаттары илдьэ барыах буолбута. Ол иһин саас буоларын астына-дуоһуйа кэтэһэ ахан сылдьабыт».
Куприянов Эрчим, 7 кылаас үөрэнээччитэ: «Биир күн Чыамайыкы нэһилиэгин булчута Федоров Григорий Михайлович хайдах андаатары ойбонтон туулаан ыларын көрүн диэн биһигини Даркылаах күөлгэ ыҥырбыттара. Улахан кылаас уолаттара Андрейдаах Артур бастыкы ойбону тэспиттэригэр уу бадараннаах этэ, ону Григорий Михайлович хаарынан көмпүтэ, манан андаатар уйата суох эбит диэн. Иккис ойбону тэспиттэригэр ол бадараана суох этэ. Он но тууну укпута, талахтары уурбута уонна куулунан саппыта, хаарынан үрдүн баттаппыта. Барытын кэпсээн, көрдөрөн биэрбитэ. Сарсыныгар уолаттар мустан, туубутун көрө киирбиппит. Григорий Михайлович хас да сиргэ туулуур эбит. Бастакы ойбоҥҥо хомойуох иһин андаатар суох этэ, ол аата чугас эргин андаатар уйата суох эбит диэбитэ. Онтон иккис ойбоҥҥо түһэрбит туутугар көрбүппүт икки андаатар баар этэ. Инчэҕэй андаатары хаарга буккуйдахха тутатына кууран хааларын көрдөрбүтэ. Уопсайа түөрт андаатары туппуппут туулартан ол күн».
Антон Захаров, Х кылаас, Эрчим Куприянов, VII кылаас,
Чыамайыкы орто оскуолата, «Проба пера» эдэр кэрэспэдьиэннэрэ