Балаҕан ыйын бүтүүтэ Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкы орто оскуолатын эдкордара, салайааччылара Саргылана Егоровна көҕүлээһининэн, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан уопут атастаһа, билсэ, саҥа сири көрө, Бүтэйдээх оскуолатыгар баран кэллилэр.
Үгүспүт хаһан да бу нэһилиэккэ сылдьыбатах буолан, барар күммүтүн олус долгуйа күүппүппүт, тугу гынарбытын былааннаабыппыт.
Бүтэйдээххэ айаннаан тиийэн, нэһилиэк киэн туттар сирдэриттэн экскурсиябытын саҕалаабыппыт. Аан бастаан «Музейный комплекс духовности» тиийдибит. Музей үлэһитэ Егор Егорович Сергеев көрсөн, комплексы барытын кэритэ сылдьан кэпсээбитэ.
Бу музей тэлгэһэтигэр барыта 11 объект баар эбит. Саамай сөҕө көрбүппүт былыргы саха ыалын балаҕана уонна кыыллар чуучулалара этэ.
Саха балаҕаныгар эһээхий оҕо ороно, көмүлүөк оһох, талкы, былыргы иһиттэр бааллара. «Айылҕа муннугар» тайахтар, араас кыыллар, көтөрдөр чуучулалара, сэлии (мамонт) уҥуохтара, сиртэн хостонор таастар бааллара. Кыыллар дьиҥнээх курдук этилэр. Музей бары объегын олус интэриэһиргээн көрбүппүт-истибиппит, үгүһү ыйыталаһан билбиппит.
Махталбытын биллэрэн, музейга Чыамайыкы оскуолатын туһунан кинигэни уонна оскуолабыт 100 сааһын туолар юбилейыгар «Проба пера» эдкордара бэлэмнээбит матырыйаалбыт тахсыбыт «Кэскил» хаһыаппытын бэлэх ууммуппут.
Салгыы Саха сиригэр саамай улахан таҥара дьиэтигэр барбыппыт. Үгүспүт бастакытын таҥара дьиэтигэр сылдьара. Таҥара дьиэтэ улахан мастарынан тутуллубут этэ. Икки үйэ турбут дьиэ диэтэххэ, Бүтэйдээхтэр киэн туттар таҥара дьиэлэрэ улахан да улахан, көбүс-көнө, үп-үрдүк, үчүгэй туруктаах эбит этэ. Эһиил 200 сылын туолар эбит. Сэбиэскэй кэмҥэ спортзал, мастерской буола сылдьыбыт. Маҥнайгы, иккис этээс эркиннэрин маҥхаппыттар, ол эрээри иккис мэндиэмэнигэр таҥара ойууларын аҕыйаҕы хата хаалларбыттар. Олор өссө да бааллара биһигини сөхтөрдө. Үһүс мэндиэмэҥҥэ тахсан куолакалы тыаһаппыппыт, үөһэттэн Бүтэйдээҕи көрбүппүт. Дэриэбинэ олохтоохторо ыалдьыттар кэлбиттэрин арааһа биллилэр буолуо — бука бары тыаһаппыппыт, сорохтор хастыыта даҕаны…
Сыал-сорук туруорунан айаннаан кэлбит оскуолабытыгар, дьэ, ол кэннэ тиийбиппит.
Бүтэйдээх оскуолата Саха АССР төрүттэспит Кузьма Осипович Гаврилов аатын сүгэр. Оҕолор биһигини минньигэс алаадьынан көрсүбүттэрэ. Дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Алина Николаевна Борисова оскуола туһунан билиһиннэрбитэ. Оскуолаҕа 130 оҕо үөрэнэр эбит, өссө интернаттаах, онно Анаабыртан тиийэ, оҕолор кэлэн үөрэнэ сылдьаллар. Саха тылын уонна литературатын учуутала Айталина Дмитриевна Семенова «Кэскил» хаһыакка суруйар оҕолору, кинилэр үлэлэрин сырдаппыта. Улахан уолаттар бөлөхтөрө Бүтэйдээх туһунан, 7 кылаас үөрэнээччилэрэ Кузьма Гаврилов туһунан хоһоон аахпыттара. Оскуола выпускнига, кэрэ куоластаах Надя Осипова ырыа ыллаан эҕэрдэлээбитэ.
Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн оскуолабыт, киэн туттар биир дойдулаахпыт С.Н.Михайлов туһунан лидербыт, «Проба пера» эдкора Аайа Макарова кэпсээбитэ. Салайааччыбыт Саргылана Егоровна биһигини билиһиннэрбитэ, онтон бары «Проба пера» эдкорпоспут туһунан сырдаппыппыт, хайдах үлэлии сылдьарбытын, үлэлэрбитин, ситиһиилэрбитин кэпсээбиппит уонна бэлэхпитин туттарбыппыт.
Эбиэт кэннэ оҕолор бары музейга барбыппыт. Онно икки хамаандаҕа арахсан, квест оонньуу сорудахтарын толорбуппут.
Оскуолаҕа кэлэн, түөрт группаҕа арахсан хаһыат оҥорбуппут. Барыбытыгар араас тема тиксибитэ: Саха АССР 100 сыла, Ийэ сыла, Учуутал сыла, Бүгүҥҥү Бүтэйдээх.
Хаһыат оҥорорбутугар интервью ылбыппыт, ыйытык оҥорбуппут, оҕолор санааларын суруйбуппут, хоһоон айан, уруһуйдаан киэргэппиппит. Баһаатай кыргыттар сүбэлээн-амалаан биэрбиттэрэ. Хас биирдии бөлөх хаһыата интэриэһинэй, сонун буолбута. Хаһыаппытын көмүскээбиппит, тугу оҥорбуппутун кэпсээбиппит. Икки хаһыат Бүтэйдээх оскуолатын активыгар хаалбыта, онтон иккитин Чыамайыкыга өйдөбүнньүк гынан илдьэ кэлбиппит.
Сынньалаҥҥа волейбол оонньообуппут. Бүтэйдээх кыргыттарын хамаандатын 2:0 кыайбыппыт.
Оскуола активын оҕолоро остуол тардыбыттар этэ.
Онно бүгүҥҥү күммүт туһунан сана атастаспыппыт. Икки өттүттэн олус үчүгэй, таһаарыылаах, интэриэһинэй күн буолбутун бэлиэтээбиппит.
Күммүт оонньуунан, дискотеканан түмүктэммитэ. Үөрэн-көтөн, төлөпүөн нүөмэрин бэрсиһэн, арахсыбыппыт.
Бу күн биһиэхэ элбэх билиини, үгүс үөрүүнү, саҥа доҕоттору биэрдэ. Бүтэйдээх оҕолоро олус бэһиэлэй, кэпсэтинньэҥ эбиттэр, өссө доҕордуу буоллубут. Бүтэйдээх олус кыраһыабай уонна интэриэһинэй дэриэбинэ эбит. Улууспут, өрөспүүбүлүкэбит үөрэнээччилэригэр Бүтэйдээх оскуолатын, киэн туттар сирдэрин баран көрүҥ диэн ыҥырабыт.
Маннык доҕордоһуу көрсүһүүлэр өссө буола турдуннар!