Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкы орто оскуолабытыгар кылаастар икки ардыларыгар бырайыак күрэҕэ буолан ааста. Бу тэрээһин туһунан «Проба пера» эдэр кэрэспэдьиэннэрэ Азиза Копырина, Сардаана Федорова билиһиннэрэллэр.
Күрэххэ I-VIII кылаастар кытыннылар. Бары үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр.
Бырайыактары дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Любовь Евгеньевна Романова, саха тылын уонна литературатын учуутала Антонина Павловна Филиппова. нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Прасковья Николаевна Попова сыаналаатылар. Үөрэнээччилэр сонун, интэриэһинэй бырайыактарын көмүскээтилэр, дьүүллүүр сүбэ ыйытыыларыгар эппиэттээтилэр.
Маҥнайгы кылаастар оскуолабытыгар араас сайыннарар оонньуулары ыытыахтарын баҕараллар эбит. Иккис кылаастар төрөөбүт дойдуларын эмтээх үүнээйилэрин үөрэтэр санаалаахтар. Үһүс кылаастар Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан нэһилиэк тас көстүүтүн тупсарыахтарын баҕаралларын эттилэр. Хонтуора, пекарня, маҕаһыын иннилэригэр сынньанар ыскамыайканы туруорарга, тротуар тэлгииргэ, биллэрии ыйыыр стендэни ыйыырга сметаларын аахпыттар. Интернеттэн булбут хаартыскаларын , бэйэлэрэ уруһуйдаабыт эскизтэрин көрдөрдүлэр.
Бэһис кылаастар «Саҥалыы көрүү» диэн бырайыагы толкуйдаабыттар. Оскуолабыт сымнаҕас олоппосторугар чехол тиктэрэн, саҥардыахтарын баҕараллар. Олоппостор ахсааннарын билбиттэр, мээрэйдээбиттэр. «Чехол өҥүн, оскуолатааҕы формабыт курдук, халлаан күөх гыныахха сөп»,- диэтилэр. Аллараа Бэстээх «Ткани» маҕаһыынын кытта кэпсэтэн, төһө миэтэрэ матырыйаал, сыанатын билэр былааннаахтар.
Алтыс кылаастар бырайыактарын аата: «Экомиэнэ Чыамайыкы». “Үөрэнээччилэр бөҕү быраҕымаҥ, уотунан оонньоомоҥ» диэн сыанканы көрдөрдүлэр. “Дойдубутун харыстыы, бөхпүтүн хомуна сылдьыахтаахпыт»,- диэтилэр. Бөҕү наардаан хомуйуу наадатын эттилэр. Пластиктан спортивнай форма, кроссовка оҥоруохха сөбүн билиһиннэрдилэр.
Сэттис кылаастар бырайыактарын аата: «Оҕуруот аһа-доруобуйа төрдө» диэн. Кинилэр сайыҥҥы үлэ лааҕырын тэрийиэхтэрин баҕараллар. Оҕуруот аһын олордон, нэһилиэнньэни бэйэ оҕуруотун аһынан хааччыйан, саас арассаада үүннэрэн, эбии дохуоту киллэриэхтэрин баҕараллар.
Ахсыс кылаастар барыйыактара — «Познай». Бу профориентационнай, идэ таларга көмөлөһөр сыаллаах бырайыак буолар. Араас идэлээх дьону кытта көрсүһүүлэри, мастер-кылаастарга сылдьыыны, кылаас чаастарын тэрийиэххэ сөбүн эттилэр. Оскуола оҕолоругар анкета ыыппыттарын түмүгүнэн үөрэнээччилэр 17%-нара эрэ туох үлэһит буолалларын быһаарыммыттар эбит.
Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ (спонсор — СХПК «Тамма») — III кылаас, 2 миэстэ (спонсор — олохтоох администрация) — VI кылаас уонна 3 миэстэ (спонсор — оскуола) — V кылаас буоллулар уонна бары 3-түү тыһыынча харчынан бириэмийэлэннилэр.
Оҕолор бырайыактара олоххо киирэригэр баҕарабыт. Сонун тэрээһин үтүө түмүктэрдээх буоллун.