Чурапчы улууһун профессор Г.П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Вероника Трофимова киһи доруобуйатыгар дьикти ураты иҥэмтиэлээх, «С» битэмииннээх «Дьикти» чэйи оҥорорго үлэлэһэр. Бу үлэтин бүгүн кини «Агро- уонна биотехнологиялар, уларытан оҥоруу, ону туһаныы» салааҕа көмүскээтэ.
— Биһиги оскуолабыт агро хайысхалаах буолан, араас үүнээйини олордобут. Олор истэригэр мелисса диэн эмтээх оту. Онтон сайынын отоннуубут. Бу икки дьикти үүнээйи хаачыстыбаларын үөрэтэн, чинчийэн баран «Дьикти» диэн чэйи оҥорон таһаардыбыт. Бу чэйбитинэн оскуолабыт учууталлара кыттыылаах «оценочнай диагностиканы» оҥорбуппут. Учууталларбыт 10 күн устата чэйи иһэн, бэйэлэрин кэтэнэн көрбүттэрэ уонна маннык түмүккэ кэлбиттэрэ: үрдүк хаан баттааһына түһэр буолбута, үчүгэйдик утуйар, тымныйыы ыарыытыгар ылларбат буолбуттара. «С-витаминизация травяным чаем «Дьикти», новым продуктом пищевой биотехнологии» диэн чинчийэр үлэбинэн бүгүн түмүктүүр түһүмэххэ тахсан кытта сылдьабын. Салгыы бу чэйи быйыл саас, онтон күһүн, тымныйыы ыарыыта (ОРВИ) турар кэмигэр, алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр икки нэдиэлэ иһэрдэн уонна кэтээн көрүөхтээхпит. Салайааччым аата Лидия Степановна, саха тылын учуутала буолар. Киниэхэ махталбын биллэрэбин.
keskil14.ru