Мааны Маҕаайыбытыгар буолан ааспыт Оҕо аймах ыһыаҕар улахан оһуохай буолан ааста. Боотур Уус сыдьааннара кыратыттан улаханыгар диэри сахалыы таҥаспытын кэтэн, таҥнан-симэнэн, илии-илиибититтэн тутуһан күн эргииринэн оһуохайдаатыбыт.
Оһуохай – саха норуотун түмэр бастыҥ үҥкүүбүт. Манна хоһоон, үҥкүү, ырыа тэҥҥэ толоруллар. Үгүс учуонайдар чиничийиилэригэр оһуохай күҥҥэ сүгүрүйүү, киһиэхэ күүс-уох, эрчим биэрэр, кутун-сүрүн бөҕөргөтөр үҥкүү диэн бэлиэтииллэр.
Кырдьык, оһуохай дьону-сэргэни ситимниир, күүс-уох эбэр ураты күүстээҕин оҕо сааспытытыттан билэ, оһуохайы чугастык ылына улаатабыт.
Чурапчыга буолан ааспыт Оҕо аймах Үрүҥ Тунах ыһыаҕар оһуохай куонкуруһа тэрилиннэ. Оһуохайы ис иһиттэн ылынар, талааннаах оҕо элбэх эбит. Кинилэр оһуохайдарын истэн киһи санаата дуоһуйар, сүргэтэ көтөҕүллэр.
Түгэнинэн туһанан кыттааччылары кытта сэһэргэстибит:
Сандаара Ефремова, Х кылаас, Болтоҥо орто оскуолата:
– Бүгүн ыһыахха оһуохай куонкуруһугар кытта кэллим. Мин оһуохай этээччинэн былырыыҥҥыттан холонон саҕалаабытым. Тылбын салайааччым суруйан биэрэр. Оһуохай тылын түргэнник ылынабын, биирдэ ааҕан баран өйбөр киирэн хаалааччы. Оһуохайдыы сылдьан тылларым ис-испиттэн ситимнэнэн тахсан иһэллэр.
Валентина Ивановна Дьячковская, фольклор куруһуогун салайааччыта С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата:
– Мин оһуохайы таһаарбытым ыраатта. Чурапчылыы матыыбы тарҕатыыга күүскэ ылсан үлэлиибин. Оҕолорго оһуохайы уһуйабын. Чабырҕахха үөрэтэбин. Бүгүн Добун оһуохайы таһаарыҥ диэбиттэрин, үөрэнээччибэр Аля Бехтюеваҕа таһаартардым. Сүрдээх үчүгэй куоластаах. Талааннаах оҕо наһаа элбэх. Ол гынан баран, уһуйар киһи, хомойуох иһин, аҕыйах. Оһуохай көрүҥэ сүрдээх элбэх. Биһиги өбүгэбит үгэһин оһуохайы илдьэ сылдьыаххайыҥ диэн кэлэр кэнчээри ыччакка этиэм этэ. Оһуохай киһи тыыныгар уонна эти-хааны эрчийэргэ сүрдээх туһалаахтык дьайар. Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит күн тахсыаҕыттан киириэр диэри оһуохайдыыллара. Биһиги билигин, хомойуох иһин, онно тиийэ иликпит. Оһуохайы киһи бэйэтэ тута хоһуйуохтаах. Айылҕа кэрэ көстүүтүн, дьыл кэмнэрин, үрдүк айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйэн хоһуйан этиэххэ сөп. Тэтимҥэ киллэрэн баран, алгыс тылынан түмүктүөхтээххин.
Оһуохай этэргэ куоластаах буолуу уонна киһи баҕалаах буолара элбэҕи быһаарар. Дьэ оччоҕо эрчиллэн, сайыннаран улахан этээччи буолан тахсыан сөп.
Алина МЕСТНИКОВА, Сайаана СИДОРОВА, Х кылаас,
“Тумус кыһа” пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Арина Сотникова, Юлия Дьячковская хаартыскаҕа түһэриилэрэ