Маанылаах Маҕаайыбытыгар Оҕо аймах Үрүҥ Тунах ыһыаҕар «Мин төрдүм-ууһум – тирэнэр тирэҕим” диэн Төрүччү бьыыстапкатыгар дьүүллүүр сүбэ быһыытынан үлэлээтим.
Силиһэ суох мас үүммэтин курдук, төрдө-ууһа суох киһи диэн суох. Төрүччү быыстапкатыгар оскуола аайыттан оҕолор бэйэлэрин төрдүлэрин-уустарын үөрэппит чинчийиилэрин кэпсээтилэр.
Барыта 27 үлэни көрдүбүт. Төрүччүлэрин 15-с көлүөнэҕэ тиийэ үөрэппит оҕолор бааллар эбит. Төрдүлэригэр-уустарыгар олорон ааспыт ураты күүстээх, мындыр уус, 100 эһэҕэ тиийэ бултаабыт дьоннорун туһунан номохтору кэпсээбиттэрэ миэхэ ордук интэриэһинэй буолла.
Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ Чурапчы улууһун үөрэҕириитин салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын сүрүннүүр специалиһа Екатерина Романовна Хоютанова кэпсээбитинэн, биһиги улууспут “Төрүччүгэ” улахан болҕомтотун ууран үлэлиир эбит.
“Боотур Уус сыдьааннара” диэн улуус программатыгар “Төрүччү” биир хайысха быһыытынан киирбит. Онно ураты ирдэбиллэр бааллар эбит: 6-7 саастаах оҕолор ийэлэрин, аҕаларын, кинилэр бииргэ төрөөбүттэрин толору ааттарын-суолларын, төрөппүттэрэ ханна төрөөбүттэрин билиэхтээхтэр. Онтон алын кылаас үөрэнээччилэрэ эбэлэрин эһэлэрин билиэхтээхтэр. Бэһис кылаастан 8-с кылааска диэри оҕо төрүччүтүн бэһис көлүөнэҕэ диэри үөрэтиэхтээх. Онтон 9-11 кылаастарга сэттэ, аҕыс көлүөнэҕэ диэри үөрэтиэхтээх.
– Быйыл “Төрүччүнэн” оҕо саадтарыгар, оскуолаларыгар туһаайыллыбыт соруктары толорон, ыам ыйыгар улуус бары оҕо саадтарыгар, оскуолаларга ааҕыылар ыытылыннылар. Хас биирдии оскуола, оҕо саада итиннэ наһаа үчүгэйдик үлэлээтэ. Ол түмүгүнэн Оҕо аймах Үрүҥ Тунах ыһыаҕар кэлэн кыттыыны ыллылар. “Боотур Уус сыдьааннара” улуус программатын иһинэн киирбит “Төрүччү” хайысхата “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата “Төрүччүгэ” ыытар үлэтин кытта сөп түбэһэн, икки өттүттэн үлэлиирбит ордук үчүгэй буолла диэн үөрэбит. Оҕо ыһыаҕар «Мин төрдүм-ууһум – тирэнэр тирэҕим” быыстапканы холбооон тэрийэн ыыттыбыт. Манна кыттыбыт 27 оҕо бары кэлэр үөрэх дьылыгар “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата ыытар “Төрүччү” бырайыагар кыттарга ыҥырыыны тутта. Быыстапка түмүгүнэн тугу этиэххэ сөбүй? Биһиги туоруорбут сорукпутун аһары барбыттар диэн үөрэ көрдүбүт. Тоҕус көлүөнэҕэ диэри тиийбиттэр. Өссө аһары бараннар 15-с көлүөнэҕэ диэри үөрэппит оҕолор бааллар. Архыып даннайдарын кытта үлэлээбиттэрин сэргии көрдүбүт, – диэн Екатерина Романовна санаатын үллэһиннэ.
Быыстапка түмүгүнэн “Бастыҥ үлэ” анал аатынан наҕардааламмыт Маша Соловьева (Соловьев орто оскуолата), Ваня Слепцов (Алаҕар орто оскуолата), Дина Макарова, Айтал Собакин (Сылаҥ орто оскуолата), Виолетта Емельянова (Арыылаах орто оскуолата), Аляна Андросова ( И.М. Павлов аатынын Чурапчы орто оскуолата), Вероника Скрябина (Мугудай орто оскуолата), Тимур Пономарев (Кытаанах орто оскуолата), Катя Постникова (Чурапчытааҕы интернат-оскуола), Петя Кугдаров (Амма орто оскуолата), Андрей Степанов (Чурапчы гимназията), Алена Кузьмина (Чакыр орто оскуолата) ИП Старостин Ф.М. “Стайер» маҕаһыыныттан биир тыһыынча суумалаах сертификаты туттулар.
Ангелина Прокопьева, Камила Троева, Таня Харитонова (Арыылаах орто оскуолата), Таня Корякина, Стас Корякин, Айзара Дьяконова, Катя Попова (И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолата), Алиса Корякина (Чурапчы интернат-оскуола), Костя, Дьулустан Захаровтар (С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата), Алеся Луковцева (Амма орто оскуолата), Эрчим Поисеев, Дамир Адамов (Дириҥ орто оскуолата), Дима Лазарев, Максим Макаров (С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата), Решетниковтар (Хадаар орто оскуолата) “Үйэлээҕи үөрэтээччи” анал ааты туттулар.
Саамай үчүгэйэ диэн “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата кыттыбыт оҕолору 2024-2025 үөрэх дьылыгар “Төрүччү” кэтэхтэн ыытыллар научнай-практическай конференцияҕа кыттарга ыҥырда. Бастыҥ үлэлэр “Инникигэ хардыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияҕа кыттар кыахтаныаҕа.
Мин бу быыстапкаҕа оҕолор кэпсииллэрин көрөн-истэн бараммын, дьиэбэр Төрүччүбүн дириҥник үөрэтэр баҕа санаалаах кэллим.
Сайаана СОРОКОУМОВА, Х кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата