Кулун тутар 13 күнэ ССРС спордун маастара, көҥүл тустууга 1976 с. Олимпийскай оонньуулар чемпиона (Монреаль), Аан дойду үс төгүллээх чемпиона, Европа чемпиона Павел Павлович Пинигин төрөөбүт күнэ биһиэхэ, Чурапчы дьонугар, ураты бэлиэ күн буолла.
Бу күн Чурапчы нэһилиэгэр уһулуччулаах спортивнай салайааччы, маассабай спорт тэрийээччитэ Афанасий Софронов аатынан саҥа спортивнай комплекс арылынна!
Ыалдьыттары сахалыы сиэринэн алаадьынан, саламаатынан,кымыһынан күндүлээн көрүстүлэр.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ нэһилиэк олохтоохторо, спорт эйгэтин бэтэрээннэрэ, тренердэр, оскуола дириэктэрдэрэ, нэһилиэк баһылыктара, бас-көс дьоммут үөрэ-көтө кэлбиттэр. Саҥа тутуу дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы турдун диэн алгыс сиэрэ-туома оҥоһулунна. Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев видео-конференция сибээһинэн бэлиэ түгэнинэн олохтоохтору эҕэрдэлээтэ. Ол кэнниттэн ытыктыыр, убаастыыр дьоммут Егор Афанасьевич Борисов, Павел Павлович Пинигин, улуус баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев, саҥа комплекс дириэктэрэ Михаил Михайлович Степанов эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Биһиги комплекс дириэктэрин Михаил Михайлович Степановы кытта көрсөн кэпсэттибит.
– Чурапчылар чулуу дьоммутунан Д.П. Коркинынан, А.К. Софроновынан киэн туттабыт. Кинилэр спорт сайдарыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ. Чурапчы дьоно-сэргэтэ спордунан дьарыктанар, спорду сэҥээрэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ “Чурапчы – спорт туоната” диэн мээнэҕэ ааттаммат. Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо саала тутулларын долгуйа күүппүттэрэ.
Ким баҕарар спордунан дьарыктанарыгар анаан маннык спорт уораҕайа тутулларын өйөөбүт Ил Дархаммытыгар Айсен Сергеевич Николаевка, Бырабыыталыстыба салалтатыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Дойдубут президенэ Владимир Владимирович Путин туруорбут соругунан, нэһилиэнньэ 70 бырыһыана спордунан дьарыктанарыгар кыах баар буолла.
Бу комплекс нэһилиэнньэ саалата буолар. Онон үлэбит-хамнаспыт барыта нэһилиэнньэҕэ туһуланар. Манна остуол тенниһигэр, волейболга, баскетболга, футболга, хабылыкка, хаамыскаҕа дьарыктаныахха сөп. Ону таһынан фитнескэ, аэробикаҕа баҕалаахтар сайаапка биэрэн дьарыктарын ыытыахтарын сөп. Иккис этээскэ анал инструктордаах тренажернай саала баар буолуоҕа. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммут эмиэ туспа графигынан дьарыктанар усулуобуйалара баар буолла.
Дьон-сэргэ манна кэлэн, ким сүүрэн, ким мээчиктээн, дьарыктанан барыахтарын сөп. Кэлэр нэдиэлэттэн ким тугунан дьарыктаныан баҕарарынан сайаапка хомуйан саҕалыахпыт. Ол кэниттэн нэдиэлэтээҕи график оҥоруохпут. Онон спорду сэҥээрэр, дьарыктанар дьоммутун-сэргэбитин күүтэбит!, – диэн кэпсээтэ саҥа комплекс дириэктэрэ Михаил Михайлович Степанов.
Уля СТЕПАНОВА, VIII «А» кылаас,
«Тумус кыһа» пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Уля СТЕПАНОВА, Вилена СТРУЧКОВА хаартыскаҕа түһэриилэрэ,
VIII «А» кылаас, «Тумус кыһа» пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията