Өрөспүүлүлүкэбитин күнүн көрсө Семен Андреевич Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук 1-5 кылаас оҕолоругар “Сахам сирэ” уруһуй куонкурса буолла. Манна оҕолор Сахабыт сирин айылҕатын, кэрэ көстүүлэрин, куораттарын, сорохтор Олоҥхоттон быһа тардыылары уруһуй нөҥүө бэркэ тиэрдибиттэр.
Муус устар 25 күнүгэр 8-11 кылаас оҕолоро флешмобка кыттыыны ыллылар. Сахабыт сирин былааҕын өҥнөрүнэн шардары тутан “Тыыннаах коридор” буолан турдулар, Саха сирин автономиятын төрүттэспит улуу дьоммут мэтириэттэрин тутан, бу коридор устун хаамтылар. Муус устар 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх линейка буолан ааста. Үөрэнээччилэр, учууталлар Россия, Саха сирин, Чурапчы өрөгөй ырыаларын өрө көтөҕүүлээхтик ыллааһыннарынан саҕаланна. Үөрүүлээх чааска оскуолабыт дириэктэрэ Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Надежда Васильевна Уарова үөрэнээччилэргэ туһаайан Сахабыт сирин төрүттэспит чулуу дьоннорбутун Исидор Никифорович Бараховы, Платон Алексеевич Ойуунускайы, Максим Кирович Аммосовы, Степан Максимович Аржакову, ону тэҥэ Чурапчы Арыылааҕыттан төрүттээх, биир дойдулаахпыт Иван Николаевич Винокуровы аҕынна. Сахабыт сирин сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит Михаил Ефимович Николаев, Вячеслав Анатольевич Штыров, Егор Афанасьевич Борисов, Айсен Сергеевич Николаев курдук чулуу дьоннорунан киэн тутта сылдьыахтаахпытын туһунан эттэ.
Биллэн туран, маннык линейкалар оҕолорго үтүө өйдөбүл буолаллар, дойдуга тапталы өссө күүһүрдэллэр. Сахабыт сирин историятын билэрбит олус наадалааҕын, суолталааҕын өйдөөн туран, чулуу дьоммут ааттара умнуллуо суоҕа диэн эрэнэбит.
Ира Скрябина, 7 “б” кылаас,
Полина Макарова, 6 “г” кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата