Өрөспүүбүлүкэтээҕи XIX педагогическай дьаарбаҥка кыттыылаахтара!
Ытыктабыллаах иитээччилэр, учууталлар, уһуйааччылар, иитэр үлэни көҕүлээччилэр, оскуола, уһуйаан салайааччылара!
Бэс ыйын 27 күнүгэр «Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтигэр» 14.00-18.00 ч. ыҥырабыт!
“ИЙЭ ТЫЛ – ТӨРӨППҮТ УОННА ОҔО” оҕо сахалыы саҥатын сайыннарарга туһуламмыт төрөппүттэр түмсүүлэрин үлэлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэһигэр эбии илэ (очно) кыттарга ыҥырабыт. Эрдэ ыытыллыбыт тэйиччиттэн (заочно) кыттыы түмүгүн кытта холбоон, үс кыайыылаах быһаарыллар.
“Барҕарыы” национальнай пуонда бириистэрэ:
I Үрдэл – 20000 солк.
II Үрдэл – 15000 солк.
III Үрдэл – 10000 солк.
Көрүү-күрэһи СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин өйөбүлүнэн «Ийэ тыл кэскилэ» Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын сахалыы саҥаны сайыннарар «Төрөппүт кыһата» бөлөҕө, «Норуот педагогикатын Саха сиринээҕи Ассоциацията» общественнай тэрилтэ тэрийэн ыыталлар. Бирииһи “Барҕарыы” национальнай пуонда аныыр.
«Ийэ тыл – төрөппүт уонна оҕо» көрүү-күрэс соруктара:
— оскуолаҕа, уһуйааҥҥа оҕо эрэ буолбакка, төрөппүт ийэ тылынан саҥарарын көҕүлээһин;
— саҥарыы тылын байытыы, ырааһырдыы суоллара;
— оҕо ситимнээн саҥарыыта ийэ тылынан (бастакы билбит тылынан) үөскэтиллэрин өйдөөһүнү олохсутуу;
— ситимнээн саҥарыыга олоҕуран сааһылаан уонна анааран (анааран көрөн) толкуйдуур, ол эбэтэр, айар дьоҕур ордук сайдарын, уһуктарын өйдөөһүнү тэнитии;
— оҕо дойдутун, дьонун-сэргэтин туһунан билиитэ ийэ тылга олоҕурбатаҕына, атын омуктуу толкуйдуур халыыптарыгар тирэҕирэрин, онон киһи быһыытынан сайдыытын таһыма тутахсыйарын, ийэҕэ, аҕаҕа да сыһыана татым буолуон сөбүн сөпкө сыаналааһыны кэҥэтии;
Көрүү-күрэскэ кыттааччылар уонна ирдэбиллэр:
Кыттааччы: СӨ оскуолаларын, уһуйааннарын Төрөппүт кэмитиэттэрэ;
Кыттааччыттан Power Point программаҕа 7-15 сирэйдээх презентация ирдэнэр, онно баар буолуохтаах:
— оскуола/уһуйаан толору аата,
— бырайыак аата,
— бырайыак кимиэхэ анаммыта,
— үлэ соруктара,
— үлэ ис хоһооно,
— үлэ түмүктэрэ/инники соруктара.
Тэрийээччилэр эбээһинэстэрэ:
- дьүүллүүр сүбэни тэрийии;
- көрүү-күрэс бары кыттааччыларыгар тэҥ ирдэбили олохтооһун;
- көрүү-күрэс кыайыылаахтарыгар анал көҕүлээһини, бэлиэтээһини тэрийии;
- көрүү-күрэс үбүлэниитин быһаарыахтаах.
Кэмитиэттэр үлэлэрэ/бырайыактара бөлөхтөргө арахсаллар:
- Уһуйааны, оскуоланы барытын хабар
- Уһуйаан биир-икки бөлөҕө, оскуола биир кылааһа
- Оскуола биир кэрдиис кылаастара (параллельнай кылаастар)
- Оскуола алын сүһүөх кылаастара
- Оскуола орто сүһүөх кылаастара
Үлэлэр икки хайысханан сыаналаналлар:
Үлэлэнэ турар түмүктээх бырайыактар – «Үтүө түмүктэр»
Саҥа толкуйданар бырайыактар – «Саҥа саҕахтар»
Итинэн бырайыактары барыта 14 бөлөххө арааран көрүллэр:
Уһуйаан барытын хабар | 1. Үтүө түмүктээх үлэлэр | 2. Саҥа саҕахтар |
Уһуйаан бөлөҕө | 3. Үтүө түмүктээх үлэлэр | 4. Саҥа саҕахтар |
Оскуолалар | 5. Үтүө түмүктээх үлэлэр | 6. Саҥа саҕахтар |
Биир кылаас | 7. Үтүө түмүктээх үлэлэр | 8. Саҥа саҕахтар |
Биир кэрдиис кылаастар | 9. Үтүө түмүктээх үлэлэр | 10. Саҥа саҕахтар |
Алын кылаастар | 11. Үтүө түмүктээх үлэлэр | 12. Саҥа саҕахтар |
Орто сүһүөх кылаастар | 13. Үтүө түмүктээх үлэлэр | 14. Саҥа саҕахтар |
Көрүү-күрэс икки түһүмэхтэнэр:
Кыайбыт бырайыактары көрүү, кыайыылаахтары наҕараадалааһын — 2023 сыл, бэс ыйын 27-28 күннэрэ.
Көрүү-күрэскэ кыттарга бырайыагы кытта анал сайаапка ыытыллара ирдэнэр. Сайаапка холобура балаһыанньа сыһыарыытыгар баар.
Көрүү-күрэс кыттыылаахтара бииртэн элбэх сайаапканы биэриэхтэрин сөп.
Сыаналааһыҥҥа ирдэбиллэр:
бырайыак, үлэ ис хоһооно көрүү-күрэс соруктарыгар дьүөрэтэ (оҕо сахалыы саҥатын сайыннарыы),
бырайыак үлэҕэ туһаныыга табыгаһа/үлэ түмүктэрин таһыма,
бырайыак, үлэ ис хоһоонун арыйыы таһыма,
ыйыллыбыт соруктар уонна түмүктэр дьүөрэлэһиилэрэ.
Көрүү-күрэс түмүгүнэн кыайбыт бырайыагы киллэрбит төрөппүт кэмитиэттэрэ Биһирэбил суруктарынан бэлиэтэнэр уонна анал бириистэри тутар. Кыттыылаахтар Туоһу сурук ылаллар.
Кыайыылааҕы дьүүллүүр сүбэ быһаарар.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта уларыйбат.
«ИЙЭ ТЫЛ ТҮҺҮЛГЭТЭ» оскуола, уһуйаан төрөппүттэрин кэмитиэттэрин үлэлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэс
САЙААПКАТА
Улуус, нэһилиэк, куорат:
Оскуола/уһуйаан:
Оскуола/уһуйаан салайаачыта:
Бырайыак, үлэ салайааччыта:
Бырайыак, үлэ кылгас ис хоһооно:
Бырайыак, үлэ саҕаланар, түмүктэнэр болдьохторо:
“САХАЛЫЫ САҤА” көрүү-күрэс
“САХАЛЫЫ САҤА” иитээччилэр, учууталлар оҕо сахалыы саҥатын сайыннарар үлэлэрин Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэһэ. Кыайыылаахтарга биһирэбил бириис, Хайҕал сурук, бары кыттыылаахтарга туоһу сурук туттарыллар.
14:00-18:00 ч. – Оҕо сахалыы саҥатын сайыннарар үлэ ньымаларын туһунан кэпсэтиһии, ырытыһыы.
16:00-18:00 – Оскуола оҕолорун “Күн” өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтүн билиһиннэрии.
Түһүлгэни тэрийээччилэр:
“Ийэ тыл” көҥүл түмсүү, “Ийэ тыл кэскилэ” Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын.
Көрүү-күрэскэ кыттааччылар уонна ирдэбиллэр:
Кыттааччы: иитээччи, учуутал;
кыттааччы Чурапчы улууһугар буолар XIX Өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа “Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэҕэ” 14.00-18.00 ч. Үлэтин түмүгүн көрдөрүүгэ туруорар. Онно баар буолуохтаах:
— кыттааччы бэйэтин, тэрилтэтин толору аата,
— бырайыак аата,
— бырайыак кимиэхэ анаммыта,
— үлэ соруктара,
— үлэ ис хоһооно,
— үлэ түмүктэрэ/инники соруктара.
Тэрийээччилэр өттүлэриттэн дьайыы:
-дьүүллүүр сүбэни тэрийии;
-көрүү-күрэс бары кыттааччыларыгар тэҥ ирдэбили олохтооһун;
-көрүү-күрэс кыайыылаахтарын анал көҕүлээһини, бэлиэтээһини тэрийии;
-көрүү-күрэс үбүлэниитин быһаарыы.
Сайаапканы электроннай көрүҥүнэн 2023 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр диэри ыйыллыбыт terepputkyhata@mail.ru аадырыска “Сахалыы саҥа” диэн бэлиэтээн ыытаҕыт, билсэргэ төлөпүөн: 89644217932. Көрүү-күрэс кыттыылаахтара бииртэн элбэх сайаапканы биэриэхтэрин сөп.
Сыаналааһыҥҥа туттуллар ирдэбиллэр:
- бырайыак, үлэ ис хоһооно көрүү-күрэс соруктарыгар дьүөрэтэ (оҕо күннээҕи сахалыы саҥатын сайыннарыы),
- бырайыак үлэҕэ туһаныыга табыгаһа/үлэ түмүктэрин таһыма,
- бырайыак, үлэ ис хоһоонун арыйыы таһыма,
- ыйыллыбыт соруктар уонна түмүктэр дьүөрэлэһиилэрэ.
Көрүү-күрэс түмүгүнэн кыайбыт үлэлэр Биһирэбил суруктарынан бэлиэтэнэллэр уонна анал бириистэри тутар. Кыттыылаахтар Туоһу сурук ылаллар.
Кыайыылааҕы дьүүллүүр сүбэ быһаарар.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта уларыйбат.
“САХАЛЫЫ САҤА” иитээччилэр, учууталлар оҕо сахалыы саҥатын сайыннарар үлэлэрин
өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэс
САЙААПКАТА
Улуус, нэһилиэк, куорат:
Оскуола/уһуйаан:
Оскуола/уһуйаан салайаачыта:
Бырайыак, үлэ салайааччыта:
Бырайыак, үлэ кылгас ис хоһооно:
Бырайыак, үлэ саҕаланар, түмүктэнэр болдьохторо:
Тэрийэр хамыыһыйа.