Оҕо төрүөҕүттэн төрөөбүт тылынан саҥарар буоллаҕына өй-санаа, төрүт толкуй, эт-хаан өттүнэн толору сайдыылаах буолар. Бүгүн оҕо төрөөбүт тылынан саҥарыыта намтаан уопсастыбаҕа сытыытык турар кыһалҕа буолла. Төрөөбүт тылын билбэт, кэпсэппэт, өйдөөбөт буолан эрэрэ кистэл буолбатах. Бу кыһалҕаны оскуола-дьиэ кэргэн-уопсастыба биир ситимнээх үлэтэ эрэ кыайар, хамсааһын таһаарар кыахтаах.
С.А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах Төрөөбүт тыл дэкээдэтин чэрчитинэн “Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ төрөөбүт ийэ тыл суолтата” Чурапчы улууһун төрөппүттэрин мунньаҕа олунньу 8 күнүгэр куйаар ситиминэн ыытылынна. Мунньаҕы оскуола, уһуйаан төрөппүттэрэ иһиттилэр. Бу туһунан олохтоох дьаһалта иһитиннэрэр.
Тэрээһини Чурапчы улууһун депутаттарын сүбэ мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров иилээн ыытта. Мунньахха элбэх санаа, тыл-өс этилиннэ. Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччыта Юрий Посельскай оҕону иитиигэ төрөөбүт тыл суолтатын, оскуола, уһуйаан ыытар үлэтин билиһиннэрдэ. “Лига отцов” Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Петр Черкашин төрөппүт, дьаһалта, уопсастыбанньыктар бары бииргэ түмсэн төрөөбүт тылбыт сүппэтин туһугар үлэ ыытарбыт уолдьаста, ийэ тылбыт сүтэр куттала суоһаабытын туһунан бэйэтин санаатын эттэ. “Эр тойон” С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын эр дьонун түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Андрей Собакин түмсүү үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ. П. Борисова аатынан оҕо сайдар киинэ “Улыбка” уһуйаан логопеда Светлана Артемьева оҕо сахалыы дорҕоону ылына, сатаан саҥара үөрэнэригэр дьарыктан быһа тардан кэпсээтэ, төрөппүттэргэ бэйэтин сүбэтин-аматын тиэртэ. Ыалдьыппыт Надежда Идэлги, элбэх оҕолоох ийэ,“Уус ЭКСПО” маҕаһыын төрүттээччитэ, саха тылын көҕүлээччи уопсастыбанньык хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэни тэрийии төрөппүттэн тутулуктааҕын сырдатта, бэйэ уопутуттан үллэһиннэ.
Элбэх оҕолоох ийэлэр Нина Николаевна Маркова, 3 истиэпэннээх “Материнская Слава” бэлиэ хаһаайката, Анастасия Ивановна Афанасьева, оҕо сайдар киинэ “Чуораанчык” уһуйаан сэбиэдиссэйэ оҕону иитиигэ бэйэлэрин кэккэ кистэлэҥнэрин арыйдылар. Кинилэр сахалыы остуоруйа ааҕыытын, дьиэнэн араас тыл оонньууларын, үлэнэн иитии тиэмэтин тоһоҕолоон таарыйдылар, туһалааҕын эттилэр.
Төрөппүттэртэн элбэх этии киирдэ. Сахалыы контент элбиирин туһугар элбэх санаа иһилиннэ, оҕону иитиигэ аҕа оруолун үрдэтии, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа араас тыл күрэҕин тэрийии, олоҥхону оҕо истэрин дьиэ кэргэҥҥэ тэрийиии уо.д.а. тустаах этиилэр киирдилэр. Мунньах түмүгэр инниктин ыытыллар үлэ былааннанна.
Бу курдук Ийэ тылбыт күнүгэр аналлаах туһааннаах кэпсэтиилэр хас биирдии оройуоҥҥа ыытылла тураллар. Хас биирдии улуус сонуннарын сырдатан биһиэхэ ыытан кэпсии туруҥ!
Үүнэ-сайда тур, сахабыт тыла!