С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын уонна литературатын учуутала Сардаана Николаевна Гоголева аан бастакытын ыытыллар «Төрөөбүт тыл уонна литература бастыҥ учуутала» Бүтүн Арассыыйатааҕы педагогтар күрэхтэригэр кыттыыны ылар.
Бу күннэргэ кэтэхтэн көрүү түһүмэҕэ буолан ааста. Медиавизиткалары 69 учуутал дойдубут араас эрэгийиэннэриттэн ыыттылар. Онтон балаҕан ыйын 11-18 күннэригэр Ставрополь куоракка күрэхтэһии сүрүн икки түһүмэҕэ ыытыллар. Сардаана Николаевна бэйэтин маастарыстыбатын «Методическая мастерская», «Урок», «Классный час» уонна «Мастер-класс» түһүмэхтэргэ көрдөрүөҕэ.
Онтон ВКонтакте социальнай ситимҥэ куонкурус кыттыылаахтарын куоластааһына ыытылла турар, бу сигэнэн киирэн Сардаана Николаевнаҕа куоластыаҕыҥ: https://vk.com/wall-213970634_594
Куонкурус сүрүн саайта: https://vk.com/teacher_natlang
Cардаана Николаевна Гоголева билиһиннэрии визитката:
Место работы: | МБОУ “Чурапчинская гимназия имени С.К. Макарова”, МО “Чурапчинский улус (район)”. |
Педагогический стаж: | 11 |
Образование: | Якутский государственный университет имени М.К. Аммосова, 2005 г. |
Почетные звания и награды: | Нагрудный знак «Надежда Якутии», 16.06.2014 г., Нагрудный знак «Отличник системы образования Республики Саха (Якутия)», 27.06.2022 г. |
Хобби: | Игра в шашки, игра на национальном инструменте «хомус» (варган), ходить по ягоды. |
Сценические таланты: | Конферансье, пение, народные танцы. |
Почему нравится работать в образовательной организации: | 1. Люблю детей. С ними никогда не скучно: каждый день они открывают что-то новое, они же ставят перед тобой новые задачи и подсказывают возможности для сотрудничества и развития. 2. Народная мудрость «век живи – век учись» является моим ключом к успеху. Считаю, что только тот сможет научить других, кто сам любит учиться. 3. Работа в школе – это творчество и поиск. |
Профессиональные и личностные ценности: | Любовь к детям и своему делу, знание предмета и мастерство в методике, осведомленность в инновациях и компетентность, творчество и целеустремленность, трудолюбие и самокритичность, отзывчивость и почитание духовных традиций родного народа. |
Төрөөбүт тыл уонна литература учууталыгар Сардаана Николаевнаҕа ситиһиини, кыайыыны баҕарабыт!
keskil14.ru
2 2
Оҕолору таптыыр эрэ киһи учуутал буолар Так держать!
Учуутал идэтигэр бэриниилээх буол!