Чурапчы Толоонугар биир дьикти, көрүдьүөс түгэн буолла. Ыттан куотан остуолбаҕа тахсыбыт куосканы суор кэлэн оройун тоҥсуйар. Олохтоохтор хаартыскаҕа түһэрэн WhatsApp ситиминэн тарҕаппыттар. Сэдэх көстүү номнуо уос номоҕо буолбут.
Куоска — дьиэ кэргэн маанылаах кыыла, оҕо-аймах тапталлаах доҕоро. Кини хараҕын быһа симэн сытан, олоҥхолоон курдьугунаатаҕына, киһи санаата көнньүөрэр. Маҥан куоска тиэргэнигэр үөмэр-чүөмэр үктэнэн дьаарбайа сылдьыбыт буолуохтаах. Түү мээчик көрүөх бэтэрээ икки ардыгар ыттан куотар түбүгэр түһэн, үрдүк остуолбаҕа ыттыбыт. Чугаһынан қуосканы көмүскүөх ким да суоҕун билэн, хара суор обургу, түгэн көстүбүччэ, сытыы тумсунан кинини тоҥсуйан барбыт. Бу кэмҥэ ас көрдүүр адьынаттаах кыыл үргэн, тэйэ көтөрө буоллар. Ону баара, бэрт дьээбэлээх харамай өтөрүнэн арахпат санаалаах. Куоска барахсан утарыласпат даҕаны. Арааһа, охторуттан куттанара буолуо. Сүр баттатара дуу?
Куоскалаах суор көрсүһүүлэрэ тугунан түмүктэммитин сарсын кэпсиэхпит.
Ааптар: Охлопкова Адена, 8 кл Чурапчы «Бахсы кыымнара» эдкорпост