XIX педагогическай дьаарбаҥка соругунан кэлэр кэскили былааннааһын, саҥа, сонун идиэйэлэри тарҕатыы буолар. Дьаарбаҥка кыттыылаахтара араас хайысхалаах туһалаах бырайыактары билиһиннэрэн, ураты сонун бырайыак кыайыылаах тахсан, биир сыл устата үлэлэһэн, тарҕанан, олоххо киириэхтээх.
Дьаарбаҥкаҕа үлэлии сылдьар биһиги кэрэспэдьиэннэрбит миэстэтиттэн билиһиннэрэллэр.
Прокопий Софронеев:
— Бастакы күн Болтоҥо нэһилиэгэр «Ийэ тыл кыһата: саха тылын уонна төрүт үгэстэрин үөрэтии, үйэтитии эйгэтэ» (Пространство изучения и сохранения родного языка и культуры народа саха) тэрээһинтэн саҕаланна.
Ньургуйаана Захарова:
— Чурапчы улууһун «Улыбка» оҕо саадыгар педагогическай дьаарбаҥка аанын тэлэччи арыйда. Бу 5 үөрэҕирии маршрута «Сообщество медиапедагога ДОУ РС(Я): Что, как, зачем?» тиэмэҕэ туһуланыа. Маршрут сүрүн эксперэ Нюргуяна Констанитиновна Иванова кэпсиирин мустубут дьон сэргээн иһиттилэр. 5-с маршрут үс хайысхаҕа арахсан үлэтин саҕалаата. Маны таһынан, кэлбит ыалдьыттарга «Улыбка» оҕо саадын логопеда Светлана Васильевна Артемьева маастар-кылаас ыытта. «Саҥарар чуораанчыгым» методическай босуобуйатын дьон дьүүлүгэр таһаарда. Хамсаныы тэтимигэр сөпкө түбэһиннэрэн, дорҕоону арааран истии уонна чуолкайдык саҥарыы методикатын үлэтин уопутун туһунан кэпсээтэ, үллэһиннэ.
Бу оҕо саадыгар XIX педагогическай дьаарбаҥка бэһис маршрута ыытылла турар. Уопсайа, үс хамаандаҕа арахсан бырайыак толкуйдаан көмүскээтилэр. Аныгы олох тэтиминэн медиа холбуһуктар, куйаар ситиминэн оҕоҕо, төрөппүккэ аналлаах таһаарыылары оҥорон, иитии үлэтигэр туһаныахха сөптөөҕүн тула кэпсэтии, ырытыһыы буолла. Иитээччи үлэтэ олоххо аныгы көрүүнэн түргэнник, хаачыстыбалаахтык киирэрин туһугар ыра санааларын эттилэр. Оҕону иитии бастыҥ холобурдара өбүгэ тыыныгар, үгэһигэр тирэхтээх буолуутугар баҕардылар.
Киһи киһиттэн үөрэнэр дииллэриини иитээччилэр, учууталлар үлэ уопутун хардарыта атастаһан элбэҕи көрөн-истэн, үөрэнэн тарҕаһыахтара. Чурапчы улууһун Эбии үөрэхтээһин педагога, модератор Мария Петровна Саввина уонна Дьокуускай куорат «Цветик-Семицветик» оҕо саадын иитээччитин Парасковья Михайловна Соломонова дьаарбаҥка туһунан тус санааларын киирэн сэргээҥ.
Сардана Матвеева:
— Болтоҥоҕо педагогтар дьаарбаҥкаларын иһинэн «Ийэ тыл кыһата: саха тылын уонна төрүт үгэстэрин үөрэтии, үйэтитии эйгэтэ» педагогтар дьаарбаҥкаларын үөрэҕирии маршрутун үлэтэ саҕаланна. Бу Н.Д.Субуурускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатыгар үһүс сылын «Ийэ тыл» бырайыак үлэлиир.
Григорий Местников:
— Биэбэйик, оскуола, орто үөрэхтээһин кииннэрин ситимниир бырайыактар. Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр «ДОУ+ОУ+СПО = новое видение сетевого взаимодействия» бырайыагын үлэ хайысхата үлэтин саҕалыыр.
Хайысха чэрчитинэн биэбэйик, оскуола, орто үөрэхтээһин ситимниир оҥоһуллуохтара. Ол курдук, «аграрнай хайысха», «иитэн-үөрэтэн таһаарар кластер», «сайыҥҥы дьарык» секцияларынан 3 бырайыак үлэлэрэ тахсыахтара.
Ольга Халыева:
— Болугур нэһилиэгэр экология сайдыыта. Болугур нэһиэлиэгэр 1112 киһи олохсуйан олорор.
Нэһилиэк күүстээх өттүнэн географическай балаһыанньата буолар. Болугур нэһилиэгэ Амма өрүс үрдүгэр турар, хайалардаах, киэҥ хочолоох, сайын киһи ахсаана 2500 тыһ. тиийэ буолар. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Ноев Пётр Андреевич : «Дьон-сэргэ кырдьан хаалла, эдэр дьон аҕыйах. Эһиил, 2024 с. хочуолунай туттарыахпыт этэ. Оччоҕо эдэр дьоҥҥо усулуобуйа тупсуо этэ. Үлэ миэстэтэ тыа хаһаайыстыбатын, экология өттүнэн элбэтиэхпитин баҕарабыт»,- диэн эттэ. Билигин Р.И. Константинов аатынан агро-оскуолаҕа этэрээттэр үлэлииллэр. «Ымыы» оҕо сайдар киинигэр «Юные Экоскауты» агро хайысхалаах этэрээт үлэлии олорор. Тэрээһин кыттыылаахтара үс хамаандаҕа арахсан «Уол оҕону иитии», «Экодухуобунай оҕону төрөөбүт дойдуну үөрэтии нөҥүө иитии», «Болугур нэһилиэгэр экологическай фестиваль» тиэмэлэринэн үлэлээтилэр.
Снежана Воронова:
— Мугудай нэһилиэгин баһылыга, Николай Иннокентьевич Аммосов, педагогическай дьаарбаҥка кыттааччыларын эҕэрдэлээтэ уонна нэһилиэгин туһунан билиһиннэрдэ: «Оскуолабытын быйыл 64 оҕо бүтэрдэ. Нэһилиэкпит сүрүн кыһалҕата оҕо ахсаана сыллата аҕыйаан иһэрэ буолар. Ол эбэтэр үлэ миэстэтэ суох буолан, ыччат тыа сиригэр олохсуйбат. Нэһилиэнньэбит саамай элбии сылдьыбыт ахсаана Сэбиэскэй кэмҥэ 1000 тахса сылдьыбыта. Билигин аччаан, 871 киһи олохсуйан олорор. Онон биһиги сыалбыт-сорукпут диэн оҕолорбут нэһилиэктэригэр, улуустарыгар, өрөспүүбүлүкэлэригэр патриот санаалаах улаатан тахсалларыгар иитии уонна бэйэлэрин булалларыгар сөптөөх хайысханы биэрии». Кыттааччылар Мугудай нэһилиэгин соруктарын ырытан, ону быһаарар бырайыактары оҥордулар.