Биһиги улууспутугар «Боотур Уус сыдьааннара» диэн иитэр үлэ программа биир хайысхатынан «Төрүччүбүтүн үөрэтэбит» бырайыак буолар. Бу бырайыакка бүтүн оскуоланан кыттыыны ыллыбыт.
Ол курдук хас биирдии үөрэнээччи бэйэтин төрдүн-ууһун үөрэтэн, бу күннэргэ чинчийии үлэтэ бөҕө ыыттыбыт. Дьиэ кэргэнинэн архыыбы хасыһан, кырдьаҕас аймахтары кытта кэпсэтэн, 3,5,7 көлүөнэҕэ диэри бэйэлэрин төрүччүлэрин үөрэттилэр. Оҕолор төрүччүлэрин кылаастарын иһинэн көмүскээтилэр.
Ыам ыйын 18 күнүгэр оскуолабыт актовай саалатыгар кылаас аайыттан саамай бастыҥнык төрүччүлэрин үөрэппит оҕолор бырайыактарын көмүскээтилэр. Оҕолор кыһаллан туран бэлэмнэммиттэр.
Хас биирдии үлэ интэриэһинэй. Кылааһым аатыттан мин төрүттэрим туһунан кэпсээтим. Түмүгэр бу үлэлэрбитин өссө сайыннарыахпыт этэ диэн биир санааҕа кэлэн тарҕастыбыт.
Сивцева Кэскилээнэ, 8 гуманитарнай кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата