Аҕа дойдуну Улуу сэриитин кэмигэр,1942 с. партия Саха сиринээҕи обкомун атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 213 №-дээх уурааҕын олоххо киллэрбит. 1942 сыллаахха Чурапчы оройуонун нэһилиэнньэтин улахан аҥаарын күүс өттүнэн хоту оройуоннарга көһөрбүттэрэ улахан охсууну аҕалбыта. Үрдүттэн сыыһа дьаһайыы содулугар тыһыынчанан киһи хоргуйан, ыалдьан өлбүтэ. «Бэлэм дьиэҕэ-уокка, дэлэй аска-үөлгэ тиийэҕит, фронт сакааһын хайаан да толоруохтааххыт, байыаннай кэминэн ханнык да утары этии суох буолуохтаах, ханнык да биричиинэ аахсыллыбат, көһүүнү аккаастааһын Ийэ дойдуну таҥнаран, өстөөххө туһаны оҥоруу курдук көрүллүө», – диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи көһөрүү комиссиятын бэрэстэбиитэллэрэ өйдөтүү үлэтин ыыппыттар.
Чурапчы оройуонун 41 холкуоһун 5000 кэриҥэ киһитин күүс өттүнэн хоту оройуоннарга көһөрбүттэрэ. Бу дьонтон 2000-тан тахса киһи, Бэстээх биэрэгиттэн саҕалаан, ыалдьан уонна хоргуйан өлбүтэ. Онтон сэрии толоонугар 1215 киһи охтубута.
1942 с. Хадаар нэһилиэгиттэн хоту көһөрүллүбүт икки улахан холкуоһу Дьардьаан диэн Эдьигээн оройуонун сиригэр түһэриэхтээхтэрин, борохуоттара аһара түһэн, Булуҥ оройуонун сиригэр Быһыттаахха сүөкээбиттэр.
Ситэтэ суох көрдөрүүлэринэн, Хадаартан, «Быакана Бөлөҕө» холкуоһу киллэрбэккэ туран, «Кыһыл Кырыс» уонна «Интернационал» холкуостартан 150 хаһаайыстыба, ол иһигэр 201 үлэни кыайар киһи уонна 195 оҕо барбыттар. Мантан 142 киһи хоргуйан, мунан уонна ыалдьан өлбүттэр.
1944 с. «Кыһыл Кырыс», «Интернационал» холкуостар Быһыттаахтан Булуҥҥа Быков Мыска көспүттэр. 1942-1944 сс. 2980 киһи тиийбититтэн, 2000 үлэһит илии баар эбит. Балык треһэ 30 артыалын тэрийбиттэр.
1948 сылтан, айан харчытын бэйэлэрэ булунан, дойдуларыгар эргиллибиттэр. 1949 с. «Коммунизм» холкуоска холбоспуттар. 1951 сыллаахха ыал ахсын биирдии тыһаҕас биэрэннэр, бас билэр сүөһүлэнэн, ынах-сүөһү ииттэн саҕалаабыттар.
Билигин Хадаар нэһилиэгэр хоту көһөрүллүүгэ сылдьыбыт үс киһи олорор.
Дмитрий Константинович Лукин. Кини 7 саастааҕар ийэтин кытта Быһыттаахха тиийбиттэр. Өрүс кытыытыгар олордохторуна хаар бөҕө түспүт. Онно хаһан дьиэ тутан бүтэриэхтэригэр диэри быыс таҥаһынан саптан олорбуттар. Балыкка үлэлээбиттэр.
Онтон Марфа Васильевна Никитина уонна кини балта Александра Васильевна Софронова 1942 сыллаахха ийэлэрин кытта Хоптоҕоттон барбыттар. Марфа 9, Александра 8 саастаахтар эбит. Кэбээйигэ Сииттэҕэ сылдьыбыттар. Аһылыктара сүрдээх кэмчи эбит. Ыйдааҕы нуормалара биэс киилэ бурдук. Ийэлэрэ иистэнэр буолан, аска атастаһар эбит.
Чурапчы улууһугар балаҕан ыйын 19 күнэ – Кэриэстэбил күнэ. Балаҕан ыйын 20 күнүгэр нэһилиэкпитигэр Хоту көһөрүллүү 82 сылыгар анаммыт митинг буолан ааста. Бу күн Чурапчы алдьархайын туһунан оҕолорго анаан ахтыы оҥордулар, өйдөбүнньүк бэлиэҕэ сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Маннык көрсүһүүлэртэн оҕолор уруккуну ытыктыы, инникини сыаналыы, историяны билэ үөрэнэбит. Төрөөбүт дойдуларыгар, хатыҥ чараҥ алаастарыгар төннүбэтэх Чурапчы дьонун кэриэстиибит, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбит. Чурапчы алдьархайа хатыламматын…
Алёна НОЕВА, Vlll кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы