Таатта улууһун Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Өбүгэ үгэһин үөрэҕэ» диэн предмеккэ сүрдээх айымньылаахтык, хорутуулаахтык ылсан үөрэнэллэр. Ыраахтан үөрэнии кэмигэр уруогу таһынан төрөппүттэрин кытта көмөлөөн бэйэлэрэ остуол оонньуутун айан оонньууллар. Бу сырыыга 3-с кылаас үөрэнээччилэрин үлэлэрин кытта билсиҥ.
Таатта улууһун Игидэй орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин кытта остуол ооньууларын бэйэлэрэ айан-тутан оҥордулар. Люба Егорова Кыайыы 75 сылыгар анаан сахалартан соҕотох «Албан аат» уордьан толору кавалера Дмиртрий Ананьевич Петров бойобуой суолун кэпсиир оонньууну толкуйдаабыт.
«Мин хос эһэм Тимофеев Алексей Петрович 1943 с. «Лыппа» колхуоска үлэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Автоматчик-пулеметчик быһыытынан сылдьыбыта. Кыайыы кэнниттэн куораттары тутуспута. 1948 с. дойдутугар эргиллибитэ. «Хорсунун иһин», «Германияны ылыы иһин» мэтээллэрдээх. Мин бу оонньуубун хос эһэбэр аныыбын», — диир Люба.
Оттон бу Никита Дягилев ийэтинээн Саргылаана Анатольевналыын оҥорбут оонньуутун көрүҥ — олус үчүгэй. Оонньуу аата — «Ойбонтон уулааһын».
Бэйэ инф.