Амма улууґун Эмис нэһилиэгин “Чуораанчык” оҕо саада оҕону олоҥхо нөҥүө иитэр хайысхалаах. Олоҥхо педагогикатынан үлэлиэн баҕалаахтары түмэр “Арылы Кустук” үөрэхтээһин ситимигэр киирэллэр. Олоҥхонон үлэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай площадканан буолаллар.
“Чуораанчык” оҕо саадын иитээччилэрэ олоҥхо педагогикатын нөҥүө төрүт дьарыктарга тирэҕирэн, СЭДИП ньыматынан айымньылаахтык үлэлииллэр. Ол биир холобурунан өрөспүүбүлэкэҕэ киэҥ сэҥээриини ылбыт “Уол Бэргэн” диэн уолаттарга аналлаах оонньуулара буолар. Оонньуу ааптардара — Наталья Константинова, Елена Ларионова. Иитээччилэр бу үлэлэрэ Амма улууґугар “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата тэрийэн ыыппыт остуол оонньууларын көрүү быыстапкатыгар, “Арылы Кустук” үөрэхтээһин ситимин тэрийиитинэн ыытыллыбыт “Тииҥ мэйии” өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивальга кыайыылааҕынан ааттаммыта. “Уол Бэргэн” “Чуораанчык” оҕо сурунаалын олунньу ыйынааҕы нүөмэригэр бэчээттэммитэ. Сурунаалга тахсыбыт бастыҥ матырыйаал быһыытынан бу үлэ “сүрэхтэниитэ” олунньу 26 күнүгэр Эмис нэһилиэгэр “Чуораанчык” оҕо саадыгар буолан ааста.
Хатастан, Сулҕаччыттан, Соморсунтан, Мээндигиттэн, Бөтүҥтэн, Покроваттан, Сатаҕайтан, Алтантан биир идэлээхтэр мустаннар, “Чуораанчык” уус-уран литературнай сурунаал редактора Т.И. Жиркова, өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай библиотека сүрүннүүр библиотекаря Туяра Готовцева үлэ уопутун атастастылар. “Чуораанчык” оҕо саада оҕолору олоҥхоҕо СЭДИП ньыматынан уонна “Чуораанчык” сурунаалы кытта хайдах үлэлиирин көрдүлэр-иһиттилэр
Үлэ уопутун атастаһыы «Көлүкэчээн» эбээлэр түмсүүлэрин алгыстарынан, эҕэрдэ ырыаларынан, Чуораанчык уол 5 саастаах Эрсан Васильев тапталлаах «Чуораанчыгын» дьиэтин туһунан билиһиннэриититтэн саҕаланна.
Салгыы иитээччилэр Наталья Константинова, Елена Ларионова «Уол Бэргэни» оҕолорун кытта бэрт сэргэхтик оонньоон көрдөрдүлэр. Ис хоһоонун кэпсээтилэр. «Уол Бэргэн» оонньуу «Арылы кустук» үөрэхтээһин ситимин научнай салайааччыта, педагогическай наука кандидата Е.П. Чехордуна-Кэчиимэ «Эрбэхчэй Бэргэннэр» диэн кинигэтигэр олоҕуран оҥоһуллубут. Бу туһунан Екатерина Петровна санаатын маннык үллэстэр: «Илии-атах сахалыы оонньууларын уол оҕо кыра эрдэҕиттэн билэрэ наада. Онуоха сөптөөх оонньууну «Чуораанчык» оҕо саадын иитээччилэрэ оҥорон таһаарбыттар. «Уол Бэргэн» оонньууну олус сэргээтим. Оҕо бэйэтэ хамсанан көрдөрө-көрдөрө, төрөөбүт тылынан саҥара-саҥара оонньуура — бу «Уол Бэргэн» саамай сатаммыт өрүтэ». Иитээччилэр иккис үлэлэрэ — кыргыттарга аналлаах «Сир симэхтэрэ» оонньуу. Кэчиимэ «Чээн сибэкки» кинигэтигэр олоҕуран оҥорбуттар.
«Чуораанчыктары» кытта «Арылы кустук» үөрэхтээһин ситимигэр олоҥхонон бииргэ үлэлэһэр Соморсуннааҕы «Чэчир», Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» оҕо саадтара бу күн биир идэлээхтэрин кытта үлэ уопутун атастастылар. Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» оҕо саадын иитээччитэ Александра Корнилова лего ньыматынан хомуллар сахалыы олоппоґо улахан сэҥээриини ылла. «Олоппоспутун хомуйдубут да олоҥхолоон барабыт», — диир ааптар.
Соморсунтан «Чэчир» уґуйаантан Евдокия Владимирова, Надежда Ноева оҕону олоҥхонон иитэр ньыма хас да көрүҥүн билиһиннэрдилэр. Оҕолорго сөптөөх олоҥхо сценарийдарын биир идэлээхтэрэ сэргээтилэр.
Бөтүҥнээҕи «Мичээр» оҕо саадын иитээччитэ Галина Леонтьева: «Булчут аҕалаах буоламмын, булт тиэмэтин оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Аҕам үөрүйэҕэр тирэҕирэн, «Мин аҕам булчут» диэн оҕолорго аналлаах остуол оонньуутун оҥорбутум», — диэн саха оҕотун толкуйугар сөптөөх бэйэтин ааптарскай оонньуутун билиґиннэрдэ. «Мичээр» оҕо саадын музыкальнай салайааччыта Елена Никитина оҕо кыра сааһыттан оонньуу ньыматынан ноталары билэригэр туґуламмыт ааптарскай үлэтэ улахан сэһээриини ылла.
Эмистээҕи «Чуораанчык» оҕо саадын иитээччитэ Мара Петрова оҕону олоҥхоҕо остуоруйа нөҥүө сирдээн киллэрэр ордук табыгастааһын этэр. Ону куобах туґунан остуоруйанан холобурдаан кэпсээтэ. Физкультурнай инструктор Нонна Ноговицына ордук уол оҕону иитиигэ «Чуораанчык» оҕо саадыгар ыытыллар хас да хайысхалаах үлэ көрүҥүн билиһиннэрдэ.
Күн иккис аҥаарыгар «Чуораанчык» оҕолоро СЭДИП ньыматынан «Мин төрүччүм» лэпбук оҥоһуктарын көрүү буолла. Виолетта Ларионова, Ньургуйаана, Сахаян Устиновтар, Айаан Пестрякова, Наташа Неустроева «Чуораанчык» сурунаал матырыйаалларыгар олоҕуран, дьиэ кэргэннэрин, кинилэр дьарыктарын туґунан кэпсээтилэр.
Ааптар: Сардаана Матвеева