Сиэдэрэй ойуулаах, дьэрэкээн өҥнөөх “Чуораанчык” сурунаал кыра уонна алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ананар. Атырдьах ыйынааҕы нүөмэрэ син балачча халыҥаан, илииһэ элбээн, сонуна үксээн таҕыста. Холобур, «Sela» маҕаһыын балаһатын арыйдахха, кумааҕы куукула таҥастара уонна маҕаһыын 30 % чэпчэтиилээх купона таҕыста.
Сурунаалы икки өртүттэн ааҕыахха сөп. Биир өртүттэн арыйдахха, кыра оҕолорго аналлаах алыптаах остуоруйалар, кыыллар, харамайдар тустарынан хоһооннор, сайыннарар оонньуулар бэчээттэммиттэр.
Дьокуускай дьиэлэригэр уу хайдах кэлэрин туһунан “Водоканал” тэрилтэ анал балаһатыгар ааҕабыт. “Мүрүчээнэ” уһуйаан (Бороҕон, Уус-Алдан) иитээччитэ Лидия Петрова дорҕооннору үөрэтэр ребуһа тахсыбытын, уһуйаан дьарыгар туһанабыт.
Аны сурунаалы эргитэ тутан арыйдахха, суруйааччылар айымньыларын ааҕыахха сөп. Сэмэн Тумат оҕо сааһын оонньуурдарын, мохсуо, хаамыска туһунан суруйбут. Ону сэргэ, “Кыракый хоруолчаан” татаар остуоруйатын Василина Попова тылбаастаабыта, Леонид Попов айымньылара дьоҕус кинигэ буола кырыллардыы, бэчээттэммиттэр.
Атырдьах ыйын сиэрин-туомун, оҕоҕо аналлаах алгыһы эбээ Уйусхаана билиһиннэрбит. Маны таһынан, бу нүөмэргэ Амма улууһун гербэтин кырааскалыыр, куукуланы кырыйан таҥыннарар уонна да атын сорудахтары толоруохха сөп.