Түҥ ойуур иһигэр көҥдөй төҥүргэс үүтүттэн бур-бур буруо көйө көтөн тахсар. Ыт мунна баппат ыккыйыгар, симилэх төрдүгэр, сир иһигэр ким олороро буолуой? Харчы сото, харыс бытык Сээркээн Сэһэн оҕонньор. Кини аан дойду айыллыаҕыттан ыла баар. Бу билигин даҕаны аалыы таас аркыыматыгар хотой кыыл хотоҕойун түүтэ куорсунунан суруйан судурҕата олорор.
Арай ол олорон иһиттэҕинэ ким эрэ ытаан ыҥыргыыр.
-Ким ытыыгын?
-Ми-ин, Чөчүөккэбин – диир уонно оһох кэнниттэн уот кугас арбаллыбыт баттахтаах кус сыгынньах уолчаан оргууй тахсан кэллэ.
-Хайа, тукаам, тоҕо ытаатыҥ?
-Тоҕо ытыам суоҕай? Орто дойдуга саха аймахха оҕо ымыыта буолан айыллыбытым этэ. Ону баара урукку да өртүгэр оҕо абааһыта диэннэр балыйаннар үөттүрэҕиттэн үүрүллэр буоларым. Билигин буоллаҕына мин эрэйдээҕи айыы да, абааһы да диэн ахтыбат буоллулар. Биир эмит оҕоҕо чугаһаан көрдөхпүнэ, тылбын олох өйдөөбөт. Бэркэ буоллар: “Уой, домобуой!” – диир. Оттон ким ахтыллыбат буолбут. Үһү дойдутугар үтүрүллэн эн бэйэҥ да бэркэ билэн эрдэҕиҥ. Ыы-ы-ыы… Үһү дойдутугар үүрүллүөхпүн олох баҕарбаппын! Эһэкэм, Сээркээн Сэһэн оҕонньор, өлбөт-сүппэт сүбэбин сүбэлээн кулу!
Чөчүөккэ ытабылыттан Сээркээн Сэһэн оҕонньор сүөм түстэ, харыс намтаата, сүр үлүгэрдик өрө тыынан ылла. Орто дойду дьонун көрөр хараҕа, истэр кулгааҕа буолбут сир түннүгэ, кини бэйэлээх билбэтэҕэ диэн кэлиэ дуо?! Саха тыла көйгөтүйдэ, аанньа ахсарыллыбат буолла. Бу илбистээх-саталаах кырдьаҕас тыл иччитэ Үһү дойдутугар үтүрүллэрэ кэллэҕинэ, саха омук саргыта сарбыллыа буоллаҕа… Арай кэнчээри ыччат тылын-өһүн умнубат сүбэтин тобуллар… Ити курдук саныы олордо Сээркээн Сэһэн оҕонньор.
Иэйэхситтээх илин халлаан итии эбир-дьаҕыл эҥийэтигэр араҕас сабыдал далбарыгар Аан ийэ дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун олорор. Кини Эрэкэ-Дьэрэкэ диэн от-мас иччилэрэ оҕолоох-уруулаах. Бу дойдуга кыһын диэн суох. Үрүмэтийбит үүт көлүйэлээх, хагдарыйбат күөх сирэмнээх. Орто дойдуга төһө да кыһын буоллар, Аан Алахчын түбүгэ үгүс. Аны саас быгыахтаах от-мас сыатын: араҕас-кыһыл өҥнөөхтөрү кыһыл саһыл, үрүҥнэри куобах, кырса, күөхтэри – күөх тииҥ түүтүнэн бүрүйэр.
Ол сырыттаҕына Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор күйгүөр бөҕөнү түһэрэн кэллилэр. Сэлэллэн биэрбиттэригэр көрбүтэ: кулхаахтаах бэргэһэтин кыҥнары уурунан, куобах саҕынньаҕын нэлэкэйдии кэтэн Сээркээн Сэһэн оҕонньор турар эбит. Саҕынньаҕын иһиттэн уот кугас баттах быгар.
— Көр эрэ! Өтөр-наар үктэммэтэх күндү ыалдьыт кэллэ! Хайа, кырдьаҕас, туох кэпсээн? — Аан Алахчын ыалдьытын айхаллатта.
— Дьэ оҕордук – диэн Сээркээн Сэһэн санаа баттыгаһа гыммыт кэпсээнин түмүктээтэ. Арай кырдьаҕастаах эдэр хаамыытын холбоон, оҕо-аймах доҕоро буолуох, тыллаах сыҥаах иччитин айан көрөр буоллар, төһө-хачча буолуох этэй?
Оччону истибит Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор өрө көтө түстүлэр:
-Биһиги, биһиги…биһиги оҕо ийэ кутун айыахпыт!
-Хорум эрэ! Эмиэ киһи тылын сири-саары курдук иһиттилэр! Хаста этэбин, улахан дьон кэпсээннэригэр тылга тииһимэҥ диэн? — Аан Алахчын оҕолорун буойда.
Сээркээн Сэһэн сэксэгэр бытыгын имэриммэхтээтэ.
-Оонньоотор кырдьык, оҕо аймахха оҕо дьон тыына ордук чугас буолаарай? Ийэ кутун айдыннар ээ…
Үөрүү-көтүү, сүпсүгүрүү үксээтэ. Айыллыахтаах оҕоҕо ийэ кутун иҥэриэхпит этэ диэннэр Аан Алахчын иннигэр сибэкки кэрэтэ кэчигирээтэ: сардаҥалаах Сардаана, кытыастар Кырсаада, чэҥэччи көрбүт Сир симэҕэ, талыы-кэрэ Таҥара кийиитэ, уоһах араҥас Ньургуһун… Бары да талбыт курдуктар. Арай… кыыс оҕо кутугар ордук барсар эбиттэр. Оттон икки сүрүн кутун Сээркээн Сэһэнтэн уонна Чөчүөккэттэн, туох да диэбит иннигэр эр дьон буоллахтара, айдарыахтаах оҕо хайдах да кыыс буолара сатаныа суох.
— Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор, тыллаах сыҥаах иччитэ буолуохтаах оҕо хайдах буолуохтааҕый? Аан Алахчын ыйытта.
-Этигэн!… Лыҥкынас!… Тыллаах-өстөөх!… Сытыы-хотуу!…
Уонна бары сүрдээх сэмэйдик төбөтүн умса туттан ким-хайа кэнниттэн турар. Чуораан окко эргилиннилэр.
-Чуораан от! Чуораанчык! Сээркээн Сэһэн бэлэһигэр силлээтэҕинэ тылланыа-өстөнүө! Чөчүөккэ хаанын тамайдаҕына, кимнээҕэр да сытыы- хотуу, мэник-тэник буолуоҕа! Оттон Чуораан отунан биһигини удьуордаан уйан куттаныа, уостан тиллэр айгыланыа, — Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор Чуораан оту төгүрүйдүлэр.
Бэрт түргэнник Чөчүөккэҕэ дөлүһүөн иннэтин аҕала охсон биэрдилэр. Чөчүөккэ хатыытыттан төһө да куттаннар, хат айыллар баҕа баһаам, эрбэҕин дьөлө анньан хаанын Чуораан от силиһигэр таммалатта. Ол аата-буор кутун иҥэрдэ. Оту силистэри байдары түөрэ баһан ыллылар уонна Аан Алахчын майбары маҥан туос биһигэр сытыаран тоҕус хонугу быһа бигээн бээбэйдээтилэр. Тоҕус хонук туолуута оҕо ытаан эйээрдэ.
«Тыллаах сыҥааҕым иччитин иҥэрдэҕим буоллун!» — диэн Сээркээн Сэһэн оҕонньор ытыы сытар эһээх оҕо бэлэһигэр үс төгүл силлээтэ. Ол аата – салгын кутун иҥэрдэ.
Дьэ, ити курдук Чуораанчык уол XX үйэҕэ, 1987 сыллаахха тохсунньу ый торулуур тымныытыгар күн сиригэр айылынна. Быыкаа бэйэтин Аан Алахчын Хотун эмиийинэн аһатта. Орто дойду аргыара биллиэ диэн тойтойбут күөх тииҥ түүтэ саҕынньахтаммыта.
Аҕыйах хонугунан уоллара сүүрэн хаалла. Сүүтүк саҕа бэйэтэ баппата, туппаһынан аатырда. Ол иһин өбүгэ үгэһин тутуһан, Аал уот иччитигэр кутун-сүрүн туттаран, ииттэрэ биэрдилэр.
Ааптар: Ольга Корякина -Умсуура