Оҕону ааҕарга уһуйаары, хара маҥнайгыттан интэриэһиргэтээри, билиэн-көрүөн баҕатын, ааҕарга дьулуһуутун сыыйа уһугуннараары Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин “Мүрүчээнэ” оҕо саадын иитээччитэ Лидия Александровна Петрова үлэтигэр «Чуораанчык» сурунаалы туһанар, сиэннэригэр суруйтарар.
Улахан сиэнэ Олеся номнуо 8 кылаас буолла. Оҕо оҕоттон үөрэнэр дииллэринии удьуор утумнаан, эдьиийдэриттэн холобур ылан Инесса, Олеся уонна мурун бүөтэ кыра уол Сережа сурунаалы таптаан ааҕаллар. Төрөппүттэрэ, Ольга Сергеевна уонна Андрей Никитич эмиэ оҕолорун кытта бииргэ дьарыканаллар, остуоруйаны, хоһоону ааҕаллар. Төһө да күннээҕи түбүктэн сылайдаллар, хас киэһээ ахсын оҕолорун кытта атаара сатыыллар. «Чуораанчык» сурунаалы бары олус сөбүлээн көрөллөр-истэллэр.
Быйыл “Чуораанчык алта дьарыга” методическай сүбэлэри Лидия Александровна илиитигэр тутаат сэргээбит. Остуолугар олорон хас биирдии теманы ырыппыт, толкуйдаан көрбүт. Онтон “Чуораанчык” сана нүөмэрэ кэлээтин кытта бастакы сорудахтан саҕалаан сиэннэринээн бииргэ дьарыктанан барбыттар.
Лидия Александровна: “Улахан сиэним олох кыра эрдэҕиттэн сурунаалы суруйтарабын. Куруук сайын миэхэ сайылыы кэллэхтэринэ сыллааҕы муспут сурунаалларын уктан кэлэллэр. Дьэ оччоҕо бары киэһээттэн киэһээ ааҕабыт, оҥорботох сорудахтарын ситэрэбит. Улахан сиэним Олеся улаатта. Ол да буоллар билигин даҕаны олус сэргиир. Балыстарынаан көрөр. Кыралар уруккуттан билэр буоланнар сурунаалы олус таптыыллар. Куруук хаһан кэлэрий диэн күүтэллэр. Быйыл “ Чуораанчык алта дьарыга” диэн методическай сүбэлэри көрөн олус сэргээтим. Иитээччилэргэ эрэ анаан буолбакка бүтүн дьиэ кэргэҥҥэ ананан оҥоһуллубут курдук. Хас биирдии төрөппүт ылла да туһаныан сөп эбит.
«Чуораанчыкпыт» үөрдэрэ элбээн иһэриттэн олус астынабыт. Оҕолорбут оҕо саастарыгар биир умнуллубат «Чуораанчык» сурунаал баара дииллэрин курдук үөрэ-көтө суруйтарабыт”.
Ити курдук, эбээ барахсан сиэннэригэр оҕо саас биир кэрэ түгэннэрин ый ахсын бэлэхтиир. Ыйга биирдэ кэлэр сурунаал ый устата оҕоҕо күндү ыалдьыт буолар. Оҕо илиитигэр ылан көрдөҕүнэ ылынар дииллэрэ оруннаах. Онон Лидия Александровна курдук эбээлэр элбииллэригэр эрэнэбит. Чуораанчык лыҥкыныыр, чуораанчык чугдаарар!
Нюргуяна Захарова
1
Лидия Александровна,өссө да айымньылаах үлэн кэҥии,сайда турдун