“Чуораанчык” уонна “Колокольчик” оҕо сурунааллара күн сирин көрбүттэрэ отут биэс сылын көрсө, эрэдээксийэ үлэһиттэрэ, бас-көс дьон, төрөппүттэр, уһуйааччылар кыттыылаах «төгүрүк остуол» буолла.
Көрсүһүүнү Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Семенова уонна кырачаан ааҕааччыбыт Лера Кусатова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ “НИИ генеалогии народов Севера” уопсастыбаннай тэрилтэ сэбиэтин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров, АО “Водоканал” генеральнай дириэктэрин көмөлөһөөччүтэ Павел Танин, “Институт развития образования и повышения квалификации имени Донского” оскуола иннинээҕи үөрэҕирии кафедратын преподавателэ Мария Слепцова, норуодунай поэт Иван Мигалкин, “Федеральный институт родных языков народов РФ” Саха сиринээҕи салаатын учебник уонна үөрэҕирии цифровой ресурсун отделын сэбиэдиссэйэ Фаина Леханова, Межэтническэй суруналыыстыка гильдиятын президенэ Маргарита Лярге уо.д.а. ыалдьыттаатылар. Кэпсэтии тиэмэтэ «Три аспекта воспитания детей: воспитание, трансформация, наследие» диэн ааттанна. Онон сурунаал үлэһиттэрэ бу күҥҥэ ыалдьыттартан, хас кэлбит дьонтон баҕа санааларын, оҕону иитиигэ хаһыат, сурунаал, ааҕыы оруолун туһунан иһиттилэр.
АО “Водоканал” генеральнай дириэктэрин көмөлөһөөччүтэ Павел Александрович Танин:
— Биһиги бииргэ үлэлээбиппит чопчу бу ыйга үс сыл анараа өттүттэн саҥаламмыта. Билэрбит курдук, биһиги планетабытыгар иһэр уу саппааһа олох аҕыйах. Ол иһин биһиги оҕолорбутугар ууну харыстыырга үөрэтиэхтээхпит. Хас эмэ уонунан сылынан иһэр уу дефицит да буолар куттала тириир кыахтаах. Онон оҕолору экологическай хайысханан иитиигэ сурунаалларгытын кытта өссө да үлэлииргэ бэлэммит. Элбэх идиэйэлээх эрэдээктэргитигэр махталбытын тиэрдэбит.
“Чуораанчык” сурунаал Өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэҕирии сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтии институтун өйөбүлүнэн оҕо аһылыгын туһунан методическай босуобуйаны бэлэмнээн таһаарда. Ольга Семенова институт дириэктэригэр Ньургун Михайлович Павловка өйөбүлүн иһин махталын биллэрэн, тылы институт оскуола иннинээҕи үөрэҕирии кафедратын преподавателэ Мария Николаевна Слепцоваҕа биэрдэ:
— Бу саалаҕа мустубут дьон ортотугар оҕо эрдэхтэринэ, “Чуораанчык” сурунаалы илиитигэр туппатах киһи суоҕа буолуо. “Чуораанчык” сурунаалга тахсыбыт методическай босуобуйа педагогтарга, төрөппүттэргэ уонна, саамай сүрүнэ, оҕолорбутугар туһалаах буолуо. Сурунаал цифровой көрүҥэ эмиэ баар — кюар-куод, “виртуальная реальность”. 2020 с. үөрэх хаачыстыбатын сыаналыыр федеральнай институт Россия хас биирдии регионун национальнай үгэһин киллэрэн туран, иитии оробуочай бырагырааматын суруйарга ыйыы биэрбитэ. Хомойуох иһин, сорох регионнарга олохтоох омук төрөөбүт тылын билиитэ лаппа аҕыйаабыта бэлиэтэнэр. “Чуораанчык” сурунаал оҥорбут босуобуйата олус тиийиэмтиэ, ылынарга чэпчэки буолан, педагогтарга көмө буолуо диэн эрэнэбин.
«Ай сулустар» инклюзивнай этно-устуудьуйа кырачаан кыттааччыларын “Орто дойду” нүөмэрин кэнниттэн “ТОП-10 бастыҥ дьыссааттар” кыайыылааҕа Дьокуускай 88 №-дээх “Академия детства” дьыссаат кэллэктиибэ наҕараадаланна.
«Сделай мальчика Колокольчика своими руками» куонкурус кыайыылаахтара Өймөкөөнтөн Уйгулаана Ви нокурова, Үөһээ Бүлүүттэн Сандал Никифоров, Саша Егоров, Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕыттан Максим Тарасов, Дьокуускайтан Вика Ноговицына наҕараадаланнылар.
Ульяна Павлова, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын цифровой отделын редактора:
— Статистика көрдөрөрүнэн аан дойду үрдүнэн 3-17 саастаах оҕолор үс гыммыт биирдэрэ үксүн Интернет ситимигэр олороллоро биллэр. Бу чааһыгар бэчээттэнэн тахсар хаһыаттар, сурунааллар оҕо социализациятыгар, сайдыытыгар улахан оруолу ылаллар. Издательствобыт иһинэн 2018 сыллаахтан бэчээтинэй таһаарыыларбытыгар цифровой контены киллэриини саҕалаабыппыт. Биһиги “Чуораанчык” уонна “Колокольчик” сурунаалларбыт Илин Уһуктааҕы региоҥҥа соҕотох «тыыннаах тастаах» (оживающая обложка) буолар. QR куоду өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ маҥнайгынан киллэрбиппит. Хас биирдии рубрика QR куодунан көстөр видеоконтеннаах. «Эрбэкэ-Сэрбэкэ” (“Самоделкин”) рубрикаҕа араас оҥоһугу видеонан маастар-кылааһы көрөн оҥоруохтарын сөп. “Саха төрүт дорҕооно» рубрикаҕа QR куодунан норуот музыкальнай үнүстүрүмүөннэрэ хайдах тыаһыылларын истиэххэ сөп.. Оннук, цифровой контент көмөтүнэн оҕолор омук тылынан ааөаллар, ырыа ыллыыллар, остуоруйаны истэллэр, куонкурустарга кытталлар. Keskil14 cайтка ЧуорНьюс уонна ЭрбэкэСэрбэкэ диэн рубрикалардаахпыт.
«Туһакинюн эһэкэ» эбэҥки остуоруйатын Эдьигээнтэн ыалдьыттарбыт Сардана уонна Саргылана Шадриналар кэпсээтилэр.
Фаина Матвеевна Леханова, РФ норуоттарын төрөөбүт тылларын институтун Саха сиринээҕи салаатын учебник отделын сэбиэдиссэйэ:
— Үөрүүлээх үбүлүөйгүтүнэн, Россия таһымыгар тахсыбыккытынан эҕэрдэлиибин. Билэрбит курдук, сорох төрүт омуктар симэлийэр кутталлаахтар. Холобур, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 22 тыһ.эбэҥки олорор. Балартан 5 эрэ бырыһыана бэйэтин тылын билэр, саҥарар. Оскуола, дьиэ кэргэн, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бииргэ үлэлээтэхтэринэ табыллар. «Алагун» НКО уонна «Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата “Я говорю на эвенкийском” эбэҥки тылын үөрэтэр босуобуйаны оҥорон таһаардылар. Бу улахан үлэни оҥорбуккутугар махталбын тиэрдэбин.
Маргарита Арвитовна Лянге, Межэтническэй суруналыыстыка гильдиятын президенэ:
— Оҕо бэчээтин кыһата таһаарар суруналларын олус сөбүлээтим. Ордук сурунааллар сайда туралларын биһирээтим. Тоҕо диэтэххэ, сорох изданиелар олох сайдыбакка тураллар. Бэл диэтэр, 80-с сыллар кэминээҕигэ тохтоотулар. Өссө эһиги издаеларгыт Россияҕа бастыҕнар диэхпин баҕарабын. Оҕо бэчээтин ис сүрэхтэриттэн кеыһаллар эрэ дьон сайыннарыахтарын сөп. Бу бизнес буолбатах, манна туох да барыс суох. Эһиги партнердары булаҥҥыт, өйөбүллээххит олус үчүгэй. Мульткиинэлэри оҥороҕут, QR куод, “виртуальная реальность” киллэрбиккит. Билигин «Мурзилка», «Костер» репринтнай издание оҥоро сатыыллар да, бу үлэлээбэт. Информацияны биэриини уларытыахха наада. «Колокольчик» манна бэркэ үлэлиир эбит. Оҕо бэчээтигэр куттал баар – уруккунан хаалларыы: урут, биһиги оҕо эрдэхпитинэ, үчүгэй этэ дии, оннук хааллын. Бу сыыһа. Эһиги кырачаан блогердары, ыытааччылары, юнкордары кытта үлэлииргит – олус үчүгэй. Оҕо бэчээтигэр судаарыстыба син биир хаһан баҕарар үбү-харчыны биэриэ. Ол эрээри боппуруос төһө туһалаах уонна наадалаах контены оҥороргутугар. Мин Россияҕа сабыллара сөптөөх уонча оҕо изданиетын билэбин. Ол эрээри саптахха, ол оннугар туох да суох буолар. Кэллэктиип эдэрэ эмиэ үөрдэр. Москваҕа оҕо изданиеларыгар 60+ саастаах дьон үлэлииллэр.
Маргарита Арвитовна бэйэтин үлэтин туһунан кэпсээн, мустубут дьон сэҥээриитин ылла. ТикТок платформаҕа 590 тыһ. сурутааччылаах, араас норуоттар үгэстэрин туһунан кэпсиир эбит. Холобур, саха ыһыаҕын туһунан видеотун суукка иһигэр 70 тыһ.киһи көрбүт!
«Төгүрүк остуолга» мустубут дьон тэрээһин дьиҥ оҕолуу тыыннаах чэпчэкитик уонна туһалаахтык ааспытыттан астынан тарҕастылар.
Таисия Алексеева