Оҕо кыра сааһыттан төрүччүтүн, өбүгэлэрин дьарыгын сыныйан үөрэтэн билэ улаатар. Бу биллэн турар оҕоҕо араас хайысханан сайдарыгар улахан олук буолар.
Афанасий Владимиров, “Хотугу норуоттар генеалогиялара” научнай-чинчийэр институт уопсастыбаннай тэрилтэтин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
Бастатан туран, “Чуораанчык” уонна “Колокольчик” сурунааллары 35 сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэ күннэринэн эҕэрдэлиибин! Бүгүҥҥү күҥҥэ доҕоттор мустан көрсүһэн эрэ буолбакка, идиэйэлэринэн, былааннарынан үллэстэн, инникитин да бииргэ, тэҥҥэ үлэлэһэр туһунан кэпсэтэбит. Миигин бу төгүрүк остуолга ыҥырбыккытыгар улаханнык махтанабын! Мин бүгүн “Хотугу норуоттар генеалогиялара” научнай-чинчий эр институт уопсастыбаннай тэрилтэтин аатыттан кэлэн турабын. Баҕар манна олорооччулартан ким эмит ол туох тэрилтэний, тугунан дьарыгырарый диэн ыйытыаххыт. Хас биирдии киһи төрүччүтэ, ол эбэтэр генеалогията научнай көрдөрүүлэргэ олоҕуруохтаах.
“Чуораанчык” сурунаал бу үлэҕэ тута холбоспут биир кыттыгас доҕорбут буолар. Оҕо өбүгэлэрин билэн, кинилэр тустарынан үөрэтэн, сайдыы суолугар улахан күүһү-кыаҕы ылар. Оннук холобур олус элбэх. Билигин оҕо хос эбэтин билэр, өйдүүр буоллаҕына, биэс көлүөнэни билэр буолар. Оччотугар төрүччү маһа бигэ тирэхтэнэ түһэр.
Бу “Мин дьиэ кэргэним сүдү баайа” диэн бырайыакка арылхайдык көстөр. Хас биирдии дьиэ кэргэн тус-туһунан үгэстээх, сөбүлээн туттар маллаах. Ол туһунан оҕолор “Чуораанчык” сурунаалга төрөөбүт сахалыы тылларынан суруйаллар. Бу үлэ чинчийиини ирдиир. Оҕо манна анааран көрүүтэ, чинчийэр сатабыла күүскэ сайдар. Өбүгэ туһунан үөрэтии хаһан да бүппэт, бииртэн биир, саҥаттан саҥа арыллан иһэр.
Сурунаалга да, хаһыакка да буоллун чинчийэр оҕо аан бастакы суруйуута хаһан да умнуллубат. Матырыйаал бэчээттэнэн таҕыстаҕына оҕо бэйэтин сыаналана үөрэнэр, суолталаах үлэҕэ кыттыгастааҕыттан астынар.
Бэйэм уоппуппар даҕатан эттэххэ, 5 сыл устата Покровскайдааҕы 2-с №-дээх орто оскуолаҕа биир кылааһы кытта үлэлээбитим, түөрт ыйга биирдэ баран көрсөр этим. Оҕолор дьиэ кэргэннэрин историятын үөрэтэн, араас куонкурустарга, конференцияларга кыттан, үлэлээбит матырыйаалларын хомуурунньугун сыл ахсын таһаартарар этибит. Ити үлэ түмүгүнэн, кылааска 3 оҕо оскуоланы мэтээлинэн бүтэрбитэ, икки оҕо БКЭ-ни (ЕГЭ) 100 баалга туттарбыта, үөрэххэ киирии 100% буолбута. Бу барыта бэйэҥ өбүгэҕэр бэриниилээх буолууну, киэн туттууну, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ, үтүө сыһыаны олохтуура саарбаҕа суох.
Онон бу маннык хабааннаах бырайыактары биһиги өйүүбүт. Сурунаал худуоһунньуктара хаартыскалартан уруһуй оҥорон таһаарыылара биир улахан бэлэх буолар. Өбүгэлэрбит сырдык мөссүөннэрэ уруһуйданара олус сыанабыллаах.
Түмүкпэр этиэм этэ, биһиги Наука академиятын иһинэн тэриллибит общественнай тэрилтэбит “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын кытта үлэбитин өссө үрдүк таһымҥа таһааран үлэлэһиэхпит.