«Чуораанчык доҕотторун ыҥырар-VII» онлайн-спартакиадаҕа оҕо саадын хамаандалара кытталлар. Хамаанда старшай уонна бэлэмнэнии бөлөҕүттэн турар, 2 уол, 2 кыыс киирэр.
Сайаапкаларгытын хамаанда аатын, оҕо саадын, нэһилиэгин, улууһун, кыттааччылар ааттарын, саастарын, салайааччы аатын-суолун, төлөпүөнүн толору ыйан тураҥҥыт сэтинньи 22-26 күннэригэр 8924 175-74-81 WhatsApp нүөмэргэ ыытаҕыт.
Онлайн-спартакиадаҕа 5 түһүмэхтээх:
1 түһүмэх. Миэстэттэн туран ыстаныы. Хамаанда барыта кыттар. Кыттаачыылар көрдөрбүт түмүктэрэ барыта эбиллэр.
2 түһүмэх. Муостаттан тирэнэн анньыныы. 1 уол кыттар. 30 сөк. устата хаста анньыммыта ааҕыллар.
3 түһүмэх. Ис былчыҥын хачайдааһын. 1 кыыс кыттар. 30 сөк. устата хаста хачайдаабыта ааҕыллар.
4 түһүмэх. Скакалка. 1 кыыс, 1 уол кыттар. 30 сөк. устата хаста ыстааммыттара ааҕыллар. Болҕойуҥ, 2, 3 түһүмэххэ кыттыбыт оҕолор бу түһүмэххэ кыттыбаттар!
5 түһүмэх. Имигэс (гибкость) түһүмэҕэ. Атаҕы токуруппакка туран, илиини төhө тиийэринэн аллара түhэрии. Хамаанда барыта кыттар. Көрдөрбүт түмүктэрэ барыта эбиллэр.
Хас биирдии түһүмэҕи видеоҕа уҥа өттүттэн уһулаҕыт. Уһулуоххут иннинэ «На старт, внимание, марш!» диэн хамаанда биэрэҕит. «Марш» диэн тылы кытта тэҥҥэ секундомеры холбуугут. Видеону монтажтыыр, быһан-отон, тупсаран биэрэр көҥүллэммэт. Түһүмэхтэри видеоҕа биирдии-биирдии уһулан баран, 8924 175-74- 81 WhatsApp нүөмэргэ сэтинньи 26-30 күннэригэр ыытаҕыт.
Киирбит видеолары маннык састааптаах судейскай кэллиэгийэ көрөр: Ноговицына Нонна Николаевна — кылаабынай судьуйа, «Чуораанчык доҕотторун ыҥырар» спартакиада бырайыагын ааптара, «Чуораанчык» оҕо саадын физкультурнай инструктора; Николаев Валентин Павлович — Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ; Степанова Анастасия Степановна – В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын физкультураҕа учуутала; Захарова Алена Семеновна — Амма улууһун Эмис нэһилиэгин «Чуораанчык» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ.
Судейскай кэллиэгийэ видеолары ахсынньы 7-8 күннэригэр көрөн түмүгү таһаарар. Судейскай кэллиэгийэ үлэтин түмүгэ боротокуолунан бигэргэнэр уонна хаттаан көрүллүбэт. Кыайыылаахтары наҕараадалааһын ахсынньы 10 күнүгэр ZOOM-площадкаҕа ыытыллыаҕа.
Уопсай түмүк хамаанданан тахсар. Кыайыылаах хамаанда Кубок бириис тутар. Миэстэттэн ыстааныыга, муостаттан тирэнэн анньыныыга, ис былчыҥын хачайдааhыныгар, имигэскэ (гибкость) бастыҥ көрдөрүүлээхтэр грамотанан, мэтээлинэн, наҕараадаланыахтара. Кыайыылаах хамаанда салайааччылара ИРОиПК сертификатын тутуохтара.
Онлайн-спартакиадаҕа кыттыы иһин усунуостаах. Хамаандаттан 200 солк. 8 924-175-74-81 нүөмэргэ мобильнай бааҥҥа ыытаҕыт.
«Чуораанчык доҕотторун ыҥырар-VII» онлайн-спартакиада балаһыанньатын кытта манна билсиҥ.
Нонна Николаевна Ноговицына, кылаабынай судьуйа, «Чуораанчык доҕотторун ыҥырар» спартакиада бырайыагын ааптара, «Чуораанчык» оҕо саадын физкультурнай инструктора:
«Чуораанчык доҕотторун ыҥырар» спартакиаданы сэттис төгүлүн ыытабыт. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор, иитээччилэр, физкультурнай инструктордар биир саамай кэтэһэр, күүтэр тэрээһиннэрэ буолбутуттан үөрэбит. Хамсык ыарыынан сибээстээн, быйыл иккис сылбытын «Кэскил» оҕо бэчээтин, «Чуораанчык», «Колокольчик+» оҕо сурунаалларын эрэдээксийэтин өйөбүллэринэн онлайн ыытабыт. Ааспыт сылга онлайн-спартакиадабытыгар өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан 124 хамаанда, 496 оҕо кыттыбыта.
Быйыл биһиэхэ ураты сыл – 2021 сыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Доруобуйа сыла, ону кытта Эмис нэһилиэгэ «Доруобай нэһилиэк» диэн өрөспүүлүкэтээҕи пилотнай бырайыакка кыттан үлэлиир. Ити икки хайысха олоххо киирэригэр «Чуораанчык» оҕо саада онлайн-спартакиаданы иилээн-саҕалаан ыытарбытынан күүс-көмө буолабыт».
«Чуораанчык доҕотторун ыҥырар-VI» онлайн-спартакиада 2020 с. боротокуола.
«Чуораанчык доҕотторун ыҥырар-VI» онлайн-спартакиада кыайыылаахтарын туһунан салгыы манна көрүҥ
Сардана Егоровна Коврова, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрин солбуйааччыта, оҕо бэчээтин кыһатын методическай сулууспатын салайааччыта, педагогическай наука кандидата:
«Хас биирдии төрөппүт оҕото доруобай, дьоллоох буолуон баҕарар. Оҕо доруобай буолуутун төрдө, акылаата оскуолаҕа киириэн иннинээҕи сааһыгар ууруллар. Бу сааһыгар эт-хаан өттүнэн хамсаныыта, этин-сиинин олоруута чочуллар. Доруобуйа киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕын билэ улаатар.
«Чуораанчык доҕотторун ыҥырар» диэн аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор туттарар ГТОларын нуорматыгар олоҕуран ыытыллар. ГТО нөҥүө оҕону спорка угуйар ити биир саамай сүрүн суолталаах хайысхата буолар. Ону таһынан бу күрэх оҕону эт-хаан өттүнэн эрчийиигэ, хамсана-имсэнэ сылдьарыгар угуйар.
Онлайн-спартакиаданы тэрийээччилэр биир идэлээхтэригэр эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, бэйэтин кыанар, чэгиэн-чэбдик туруктаах, чөл өйдөөх-санаалаах оҕону иитэн таһаарыыга көмө буолаллар. Быйыл сэттис төгүлүн ыытыллар спартакиада түмүгүнэн методическай үлэ, хас биирдии кыттааччыга аналлаах паспорт оҥоһуллан тахсыаҕа».