Хас биирдии киһи аттыгар чугас доҕордоох буолар. Кини эйиэхэ сүбэ-ама биэрэр, тус санааҕын тулуйан истэр – үтүөкэн киһи. Онтон буукуба доҕор буолуон сөп дуо?
Муус устар 12 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар алын сүһүөх маҥнайгы кылааһын үөрэнээччилэригэр “Чуораанчык доҕотторун ыҥырар” улуустааҕы метапредметнай оонньуу-күрэс тэрээһинэ буолан ааста. Ааптар, алын кылаас учуутала, Елена Николаевна Чичахова.
Бу күрэх сүрүн сыала: оҕолорго “Чуораанчык” сурунаалы төһө аахпыттарын чочуйуу, өссө биирдэ толкуйдарын дьоҕурун сайыннарыы. 2022- 2023 сыллардаахха бэчээттэммит “Чуораанчык алта дьарыга” методическай сүбэлэр көмөлөрүнэн алта араас хайысхаҕа арахсан оҕолор оонньуу-күрэскэ кытыннылар.
Оҕолор Мэҥэ Хаҥалас Павловскай, Наахара нэһилиэгин, академик В.П.Ларионов аатынан орто оскуолаларыттан бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Уопсайа 21 оҕо кыттыыны ылла. Билэрбит курдук, Ф.Г.Охлопков аатынан Майа оскуолата “Чуораанчык” сурунаалга алын кылаас үөрэнээччилэрэ бары кэриэтэ сурутуулаахтар. Ол да иһин буолуо, оҕолор билиилэрэ сүрдээх. Чуораанчык албастарын, таайбараҥнарын ааһан иһэн тобулаллар. Чинчийэр үлэлэрин чобуотук кэпсииллэр.
Оҕо аан бастаан киэҥ эйгэни арыйар сирэ – оскуола. Кини манна саҥа доҕоттордонор, дьиэттэн ураты атын эйгэ баарын билэр, аан бастаан буукуба алыптаах иэйиитин умсугуйар. “Кинигэ дойдута” хайысхаҕа – Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоох оҕо суруйааччыта, поэта, Саха сирин, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ Константин Ильич Сосин дьүүллүүр сүбэҕэ кыттыыны ылла. Оҕолор кини суруйбут хоһооннорун үөрэтэн аахпыттарын истэн олус үөрдэ. Константин Ильич «Чуораанчык» сурунаал гимнын ырыатын тылын ааптара.
Елена Николаевна үөрэтэр оҕолоро куруук “Чуораанчык” сурунаал куонкурустарыгар кытталлар. Номнуо кылааһыттан 5 үөрэнээччитин суруйуута сурунаалга бэчээттэммитэ. Бу оҕолор эрэдээксийэттэн махтал сурук тутан олус астыннылар. Саамай киэн туттуубут, Саша Тастыгин эһээтин үйэтитиитэ. Билэргит курдук, “Чуораанчык” сурунаал “Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа” диэн бырайыактаах. Бу бырайыакка Саша үлэтэ эмиэ бэчээттэммитэ. Эһээтин Николай Петрович Тастыгин – Кыыман Ньукулай туһунан кыра кинигэ оҕото таһаарбыта. Бу үлэ Саша бастакы кинигэтэ. Ону таһынан, төрүччүнү үөрэтэргэ бастакы үктэлэ буолар.
Оонньуу-күрэс кыайыылаахтарыгар уонна кыттыбыт оҕолорго барыларыгар, Елена Николаевна үөрэппит урукку көлүөнэ оҕолоро бириис бэлэх ууннулар.
Ити курдук, сүрдээх сэргэх тэрээһин буолан ааста. Учуутал сүрүн үлэтин таһынан, бэриниилээхтик оҕолор тустарыгар кыһаллан үлэлиирэ хайҕаллаах. Бэл, Өрөспүүбүлүкэҕэ биир соҕотох сахалыы тыллаах оҕо сурунаалын кытта бүттүүн кылааһынан доҕордоһоллоро, тирэх буолаллара үөрдэр. Ый ахсын “Чуораанчык” сурунаал элбэх сонуннаах, буукуба доҕордоох оҕолорго тиийэн эрдэҕэ. Үчүгэй доҕор — дьылҕа бэлэҕэ!
Бу курдук, хас биирдии сахабыт сирин улуустарын муннугар “Чуораанчыкка” анаан тэрээһиннэр буолан иһэллэрэ буоллар, олус астык буолуо этэ! Чуораанчыктыын доҕордоһун, билиҥҥи кэм сүрэҕин сырдыгар тардыһыҥ!
Нюргуяна Захарова