“Чуораанчык”, “Колокольчик” сурунааллар оҕо дьоҕурун, толкуйун сайыннарыыга элбэх бырайыактаахтар. Олортон биирдэстэрэ кумааҕы куукуланан оонньуу буолар. Ол туһунан “Колокольчик” сурунаал шеф-редактора Сардана Афанасьева, сурунаалы таһаарааччы уонна төрөппүт быһыытынан көрүүтүн үллэстэр.
Мин эмиэ бары оҕолор курдук кыра сылдьан кумааҕы куукуланан оонньуурбун олус сөбүлүүрүм. Бэйэм баҕа санаам дойдутун, куораттарын, куукулаларым икки ардыгар сыһыаны үөскэтэрим. Оттон билигин кырачаан кыысчааммын кытта оонньуубун. Кумааҕы куукуланан оонньуу оҕо дьоҕурун сайыннарар уонна тулалыыр эйгэтин кытта билсэригэр көмө буолар, фантазияны кэҥэтэр.
Аныгы оҕо кумааҕы куукуланан оонньуур дуо диэн иитээччилэртэн да, учууталлартан да буоллун ыйыталаһарым. Киһи үөрүөх, билигин да оҕолор оонньуулларын бэлиэтииллэриттэн санаам көтөҕүллэрэ. Төһө да араас оҕо оонньуура баарын иһин, кумааҕынан оонньуу ирдэбилин сүтэрэ илик.
Бу тиэмэни мин ылбычча кэпсээбэппин. Кумааҕы куукулалар биһиги үлэлиир хоспутугар саамай көстөр сиргэ кэчигирэһэн тураллар, ыалдьыттарбыт болҕомтолорун тардаллар. Дьиҥнээх киһиэхэ майгынныыр куукулалар оҕоҕо эт-сиин, сирэй-харах сөптөөх тутулун билиһиннэрэллэр. Ону тэҥэ араас норуот таҥаһын-сабын ымпыгар-чымпыгар диэри көрдөрүү эмиэ олус улахан суолталаах уонна оҕону элбэххэ үөрэтэр.
2015 сылтан “Колокольчик” сурунаалга Норуоттар икки ардыларынааҕы “Дети Азии” оонньууларга анаан, араас норуоттары көрдөрөр куукулалар бэчээттэммиттэрэ. Хас биирдии көстүүм нөҥүө норуот култуурата, уратыта арылхайдык көстөр. Ону тэҥэ Чурум Чурумчуку уонна Туйаарыма Куо, Кыыс Кыскыйдаан курдук литературнай геройдар эмиэ куукула буолан тахсыбыттара. Оҕо аахпыт остуоруйатын геройдарынан илэ-чахчы оонньуур кыахтаммыта.
“Эхо войны” бырайыакка оҕо Аҕа дойду сэриитинн саҕанааҕы салааттары таҥастарынан-саптарынан араара үөрэнэр. Ону тэҥэ музей экспонаттарыттан үүт-үкчү түһэриллэн оҥоһуллубут куукулалары кытта билсэр, оонньуур кыахтанар.
“Колокольчик” сурунаал бу үтүө үгэһи салгыыр. Биһиги ааҕааччыбыт бу кумааҕы куукулалар нөҥүө историяны, литератураны уонна тулалыыр эйгэни кытта билсэрин ситиһии сүрүн сыалбыт-сорукпут буолар.
Вера Петрова