Муус устар 3 уонна 4 күннэригэр, Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университетка «Чугуновскай ааҕыылар» Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай практическай кэмпириэнсийэ иккис түһүмэҕэ буолан ааста. Кэмпириэнсийэ Арассыыйа наукатын академиятын 300 сылыгар ананна. Ааҕыыларга оскуола оҕолоро уонна устудьуоннар кыттыыны ыллылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Афанасий Васильевич Чугунов — Нооһой — Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх селекционер учуонайа, Арассыыйа уонна Саха сирин наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара, профессор, СӨ наукатын академига, СӨ наукаҕа уонна техникаҕа судаарыстыбаннай премия лауреата, РФ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, публицист, суруйааччы, прозаик, Өрөспүүбүлүкэ, Мэҥэ-Хаҥалас, Малдьаҕар уонна Дьаҥхаада нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо.
Бу кэмпириэнсийэ сыала-соруга: үрдүк үөрэх кыһа агропрофильнай хайысхатын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, биллэрии, ону кытта оскуола оҕолорун уонна устдьуоннары инники идэлэрин талалларын өйөөһүн буолар.
Быйылгы ааҕыылар растениеводство, животноводство, ветеринария, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын переработкалааһын, агроинженерия, тыа хаһаайыстыбатын экономиката уонна гуманитарнай салааларынан арахсан үлэлээтилэр. Хамыһыйаҕа Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университет профессордара уонна преподавателлэрэ эспиэрдээтилэр.
Оҕолор быйыл олус интириэһинэй уонна тыа хаһаайыстыбатыгар наадалаах тиэмэлэргэ дакылааттарын көмүскээтилэр. Ол курдук агротехниканы үөрэтии, Саха сирин оройуоннарын усулуобуйаларыгар үүнээйилэри үүннэрии, ветеринарно-санитарнай экспертиза, көтөрдөрү иитии, тыа хаһаайыстыбатыгар информационнай системаны туттуу, БАДтары оҥорон таһаарыы, тыа хаһаайыстыбатын сырьета киһиэхэ туаһалаах өрүттэрин үөрэтии, араас бизнес бырайыактары оҥоруу, төрөөбүт нэһилиэктэринн историятын уонна топонимикатын үөрэтии о.д.а.
Кэмпэриэнсийэ кыайыылаахтара
Растениеводство салаатыгар:
I истиэпэннээх диплом– Сахаяна Николаевна Васильева, Олеся Васильевна Пудова, 6 кылаас үөрэнээччилэрэ, II Малдьаҕар орто оскуолата
II истиэпэннээх диплом – Ньургустана Антоновна Никулина, Бөтүн орто оскуолта
III истиэпэннээх диплом – Калерия Игоревна Гаврилина, 10 кылаас Нам орто оскуолата
Ветеринария салаатыгар:
I истиэпэннээх диплом – Дая Семеновна Неустроева, 11 кылаас, Кириэс Халдьаайы орто оскуолата
II истиэпэннээх диплом – Васелена Валентиновна Гаврильева, 6 кылаас, II Малдьаҕар орто оскуолата
III истиэпэннээх диплом – Ксенья Алиановна Мегинова, 6 кылаас, Кириэс Халдьаайы орто оскуолата
Животноводство салаатыгар:
I истиэпэннээх диплом – Виктория Кирилловна Попова, 11 кылаас, Мэлдьэхси орто оскуолата
II истиэпэннээх диплом — Амелия Ивановна Карпова, 6 кылаас, Майа орто оскуолата
III истиэпэннээх диплом – Сардана Петрова, Амелия Степанова, 9 кылаас Хоро орто оскуолата
Агроинженерия уонна тыа хаһаайыстыбатын цифровизациялааһын салаатыгар:
I истиэпэннээх диплом– Иван Сутаков, Тима Борисов, 9 уонна 8 кылаас үөрэнээччилэрэ, Бөтүн орто оскуолата
II истиэпэннээх диплом — Богдан Борисович Слепцов, 6 кылаас, II Малдьаҕар орто оскуолата
III истиэпэннээх диплом – Чаҕыл Семенович Попов, 8 кылаас Чычымах орто оскуолата
Тыа хаһаайыстыбатын экономикатын салаатыгар:
I истиэпэннээх диплом — Виолетта Владиславовна Колодезникова, 10 кылаас Танда орто оскуолата
II истиэпэннээх диплом — Дайаана Николаевна Афанасьева , Юлия Александровна Нестерова, 8 кылаас үөрэнээччилэрэ, Хоро орто оскуолата
III истиэпэннээх диплом – Тамара Сыдыкбекова , 7 кылаас Майа орто оскуолата
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын перероботкалааһын салаатыгар:
I истиэпэннээх диплом – Алина Михайловна Шестакова, 10 кылаас Хорообут орто оскуолата
II истиэпэннээх диплом — Айтал Ионович Копырин, 10 кылаас Хатас орто оскуолата
III истиэпэннээх диплом — Өркөн Павлович Харитонов, 8 кылаас Рассолуода орто оскуолата
Гуманитарнай салааҕа:
I истиэпэннээх диплом — Алина Анатольевна Охлопкова, 9 кылаас, Мэлдьэхси орто оскуолата
II истиэпэннээх диплом — Альберта Ивановна Алексеева, 10 кылаас II Малдьаҕар орто оскуолата
III истиэпэннээх диплом — Уйгулана Сергеевна Егорова, 10 кылаас Мэлдьэхси орто оскуолата
Тэрийээччилэр «Чугуновскай ааҕыылар» Бүтүн Арссыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэни тэрийсиигэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо уонна тэрилтэлэргэ улахан махталларын тириэрдэллэр.
Ол курдук:
— Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университет ректорыгар,
Валерий Иннокентьевич Федоровка;
— Арассыыйа Федерациятын сэбиэтин сенаторыгар, Арассыыйа Федерациятын аграрно-продовольственнай политикаҕа уонна природопользованиеҕа комитетын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар Егор Афанасьевич Борисовка;
— Афанасий Васильевич Чугунов дьиэ кэргэнигэр, кэргэнигэр Клара Павловна Чугуноваҕа уонна кыыһыгар Саргылаана Афанасьевна Чугуноваҕа;
— Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕэриитин салалтатын начальнигар Гаврил Николаевич Толстяковка
— Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси нэһилиэгин баһылыгар Валерий Георгиевич Никифоровка;
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэрстибэтигэр, миниистр Артем Александрович Александров;
— «Сосновый бор» оҕону сынньатар уонна чэбдигирдэр кииҥҥэ, директор Яна Николаевна Иванова;
— АО Агрохолдинг «Туймаада» , генеральеай директор Петр Семенович Ефремов
— «Агротекс» торговай мааркаҕа, менеджер Афанасий Николаевич Боянов;
— Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыгар, директор Ольга Ивановна Семенова;
— РАН крилиотозона биологическай проблемаларын Сибиирдээҕи отделын институтугар, директор Иннокентий Михайлович Охлопков;
— «Семь звезд+» турагенствоҕа, директор Людмила Сергеевна Коршунова;
— ООО «Еланка» турбазаҕа, учредитель Прасковья Афанасьевна Портнягина;
— «Зеленый рай» экологическай хампааньаҕа, учредитель Василий Васильевич Жирков, директор Анна Николаевна Тихонова.
Виктория КОЛОДЕЗНИКОВА