РФ уонна СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ, СӨ наукатын академиятын академига, аграрнай үөрэхтээһин норуоттар икки ардыларынааҕы академиятын академига, Хотугу форум академиятын академига, тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора, профессор Афанасий Васильевич Чугунов аатынан ыытыллар педагогическай ааҕыылар Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическэй үөрэхтээһин бырагырааматын чэрчитинэн ыытыллар оҕолорго аналлаах тэрээһиннэр сыллааҕы былааннарын испииһэгэр киирдэ.
Ол курдук, үөрүүлээх сонуну Арктическай судаарыстыбаннай университет ректорын эбээһинэһин толорооччу Константин Кривошапкин иһитиннэрэр:
— Төрүт тылбыт, төрүт дьарык, үлэ — быраактыка, үөрэх — наука төрүттэригэр олоҕуран, тыа сирин технологическай сатабылларыгар билиилээх оҕону иитии — бу «Чугуновскай ааҕыылар» сүрүн соруктара буолар. Саха сирин нэһилиэнньэтин үрдүк хаачыстыбалаах аһылыгынан хааччыйыы — бу үлэбит биир сүрүн хайысхата. Билигин экологическэй үөрэхтээһин омугуттан тутулуга суох төрүт тылбытын, төрүт дьарыкпытын, бу олох түргэн хаамыытын кытта тэҥҥэ дьүөрэлии тутаммыт, сайыннарарбыт күннэтэ үрдүк суолталанан эрэр. Саха сиригэр 33 сыл анараа өттүгэр тэриллибит агро хайысхалаах оскуолалары кытары быстыспат үлэ ситимин аҕалаатар аҕабыт — академик Афанасий Васильевич Чугунов сөпкө да толкуйдаан олоххо киллэрбит эбит. Онон үүнэр сылтан «Чугуновскай ааҕыылар» Арассыыйа агрооскуолаларын иһигэр ыытыллар буолла, бу — улахан ситиһии, сайдыы, инникигэ хардыы буолар.
Быйылгы ааҕыылар тыа хаһаайыстыбатын наукатын историятыгар, сайдыытыгар аналлаах ыытыллыбыттара. Онтон үүнэр 2022 сылга «Чугуновскай ааҕыылар» тэрээһиннэрэ Саха сирин Автономията төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар. Буоларын курдук, күрэх балаһыанньатын быһыытынан, «Чугуновскай ааҕыылар» икки түһүмэҕинэн ыытыллыахтара.