Муус устар 10 күнүгэр Дүллүкүгэ өрүс хаҥас биэрэгин оскуолаларын үөрэнээччилэригэр ини-бии математик Софроновтар ааттарынан «Чороон» математикаҕа олимпиада ыытылынна. Олимпиаданы Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай лиссиэй-интэринээт математикаҕа учуутала, Софронов Василий Трофимович уола, СР үөрэҕириитин туйгуна Александр Васильевич Софронов тэрийэн ыытта. Хомустаах, Мэйик, Оҥхой, Сургуулук, Мэйик уонна Дүллүкү оскуолатын V-VIII кылааһын үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Тэрээһин сарсыарда 10 аастан үөрүүлээхтик арылынна. Директор сүбэһитэ, оҕо тэрилтэтин салайааччыта Наталья Матвеевна Степанова бырааттыы Софроновтар тустарынан оҕолорго, кэлбит учууталларга билиһиннэрдэ:
Василий Трофимович Софронов — Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн Дүллүкү орто оскуолатыгар өр сыл математигынан үлэлээбит. Егор Трофимович Софронов — СГУ-га үөрэммит, физико-математическай наукаҕа сахалартан бастакы кандидат, СГУ профессора. Трофим Трофимович Софронов — Томскайдааҕы пединституту бүтэрбит математика учуутала. Серафим Трофимович Софронов – Новосибирскайдааҕы университеты бүтэрбит, физико-математическай наука кандидата, СГУ доцена. Бары биир дьиэ кэргэн оҕолоро математика курдук уустук науканы баһылаан, оҕо аймаҕы, ыччаты иитэн-үөрэтэн, үлэлээн-хамсаан олорон ааспыттара. Кинилэр ааттарынан «Чороон» олимпиада төрөөбүт нэһилиэктэригэр, үөрэммит оскуолаларыгар бастакытын ыытыллар.
Оскуолабыт дириэктэрэ Тихон Александрович Егоров эҕэрдэ тылы эттэ. Олимпиадаҕа кытта кэлбит оҕолорго, учууталларга махтанна уонна олимпиада ыытыллар быраабылатын билиһиннэрдэ. «Үөрэнээччи суоттууругар эппиэтин эрэ суруйбакка, хайдах оҥорбутун быһаарыахтаах, суоттары логическай толкуйунан оҥоруохха», — диэн Тихон Александрович сүбэлээтэ.
Тэрээһин бастакы түһүмэҕэр оҕолор кылаастарынан арахсан олимпиада сорудахтарын толордулар, суоттуурга 2,5 чаас бэрилиннэ.Иккис түһүмэххэ лиссиэй-интэринээт 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ Эдик Иванов, Файруза Степанова икки кылааһынан математическай эстафета ыыттылар. Эстафета 8 сорудахтаах. Хамаандаҕа 4 оҕо кыттар. Оҕолор утууу-субуу араас эриирдээх задачалары суоттаатылар.
Оҕолор үлэлиир кэмнэригэр математика учууталларыгар семинар ыытылынна. Семинар уонна «Чороон» олимпиада туһунан Дүллүкү орто оскуолатын математикаҕа учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Лариса Егоровна Лазареваттан ыйыталастыбыт.
— Семинарга ОГЭ, ЕГЭ боппуруостарын кэпсэттибит, сүбэлэстибит.«Чороон» диэн 5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах улуустааҕы олимпиаданы Софронов Александр Васильевич 2016 с. тэрийбитэ. Улуус элбэх оскуолатын үөрэнээччилэрэ үөрэх чиэппэрин аайы биирдэ мустан күрэхтэһэр, миэстэлэһэр этилэр. Онтон дойду үрдүнэн бүрүүкээбит хамсык өрө туран тэрээһин тохтоон хаалбыта.Онон бу быйыл Бүлүү эбэ хаҥас биэрэгэр олорор нэһилиэктэр оскуолаларын ортотугар тэриллибитэ кэрэхсэбиллээх. Ону таһынан арыый уларыйан, Дүллүкүгэ төрөөбүт бырааттыы математик Софроновтар ааттарын үйэтитэн тэриллибитэ өссө кэрэхсэнэр. Манна Александр Васильевич үөрэнээччилэрин Файрузаны, Эдиги көмөлөһөөччүнэн илдьэ кэлбититтэн биһиги эбии үөрдүбүт. Бу оҕолор биһиги оскуолабытыттан үөрэхтэрин салгыы лиссиэй-интэринээккэ ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Кинилэр, эдэр учуутал Ася Семеновна Анисимова салалтатынан, 5-6 кылааска манна үөрэнэ сылдьан эмиэ «Чороон» хас да төгүллээх призёрдара буолан, Дүллүкү оскуолатын аатын элбэхтэ көмүскээбиттэрэ. Онон бүгүн үөрэммит оскуолаларыгар «үлэлээн» барбыттарыттан үөрдүбүт, астынныбыт. Оҕолорбутугар үөрэхтэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.Бүгүҥҥү тэрээһиммит иккис тыынын ылан сурэхтэммитинэн Александр Васильевичка, кыттыыны ылбыт математика учууталларыгар уонна бүгүҥҥү «Чорооммут» бары кыттааччыларыгар махталбытын тиэрдэбит. Эһиилги үөрэх дьылыгар улуус таһымнаах ыытылларын санатан туран, өссө элбэх кыттааччыны күүтэбит.
Семинар кэнниттэн Александр Васильевиһы математиктар удьуор-утумнара хантан саҕаламмытын ыйыталастыбыт.
— Дүллүкүгэ Центральная 22 уулуссаҕа Трофим Софронович уонна Мария Никитична Софроновтар ыал буолан олорбуттара. Оччотооҕу кэм сиэринэн, оскуолаҕа үөрэммэтэхтэр. Мин кыра сырыттахпына, эһэм оскуолаттан баран иһэр оҕолору тохтотон ылан кэпсэтэн, туох эрэ задача биэрэр этэ. Баҕар, уолаттарын эмиэ оннук дьарыктаан оҕолоро барыта математик буолбуттара буолуо. Эһэм оҕонньору манна билигин алын кылааска учууталлыыр Валентина Захаровнаны 1 кылааска үөрэнэ сылдьан оскуолаттан ааһан иһэн ааҕарга үөрэппит. 60 дуу, 70 дуу сааһыгар бэйэтэ сытан эрэ кинигэни ааҕар этэ. Мин аҕам Василий Трофимович бырааттыылартан улаханнара. Онон икки үөрэҕэ суох дьонтон оҕолоро төрдүөн анал идэлээх математик буолан тахсыбыттара. Мин Дүллүкү оскуолатыгар үөрэммитим. Онтон орто оскуоланы Дьокуускайга республикатааҕы физико-математическай оскуолаҕа бүтэрбитим.Математика учууталын идэтигэр СГУ-га үөрэммитим.Үөһээ Бүлүү лиссиэйигэр 25 сыл математиканы үөрэттим.Үөрэтэр ньыма туһунан эттэххэ, атын дьонтон уратыта суох, уопсай методиканы туһанабын.Бүгүн оҕолор олимпиадаҕа үчүгэйдик үлэлээбиттэр. Ордук кыра кылаастар бэркэ суоттууллар эбит.
Салгыы алын кылаас учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Иванова Валентина Захаровнаны кытта кэпсэттибит:
— Биһиги Софроновтары кытта уулусса нөҥүө-маҥаа ыаллыы олоробут. Эһэлэрэ Трофим ыалдьан ороҥҥо сытара. Кэргэнэ Мария Никитична олус намыын, эйэҕэс-сайаҕас магылаах этэ.
1963 с. бастакы кылааска үөрэнэ киирбитим. Оччоттон мин сытыы-хотуу быһыылааҕым. Арааһа, «эһэбитигэр буукубаны үөрэт» диэбиттэр быһыылаах, күн аайы учууталым Наталья Андреевна Прокопьева үөрэппит буукубаларын кэлэн Трофим оҕонньорго кэпсиибин, сүһүөхтэри холботорбун, ааҕа сатыырын өйдүүбүн. Кэлин оонньуу барар санаам баһыйан, түннүк таһыгар сытар киһиэхэ үс мас бүтэй күрүөҕэ үктэнэн туран кэпсээн ааһар буолбутум. Мария Никитична куруук «аҕабыт эйигиттэн ааҕарга үөрэммитэ» диэччи. Кэлин да киирдэ сырыттахпына «оҕонньор учуутала» диэн ааттааччы. Трофим улахан киһи буолан, ааҕарга түргэнник үөрэммитэ быһыылааҕа. Дьиэлэригэр сырыттахпына, сиэннэригэр ахсаан суоттатааччы. Диафильмнаах буолааччылар, онно киирэн киинэ көрөөччүбүт. Кырдьаҕас оҕолору мунньан фокус көрдөрөөччү. Уолаттара Серафим, Егор кэлэн баралларын биирдэ эмит көрөөччүбүн. Кийииттэрэ Мария Егоровна Афанасьева оҕолорун кулуупка киинэҕэ илдьэн сахалыы тылбаастыы олорор буолааччы. Онон учууталым Василий Трофимовичтаах оҕолорун үөрэхтэригэр, иитиилэригэр улахан болҕомтолорун уурар ыал этилэр.Мин оскуолаҕа быйыл 49-с сылбын учууталынан үлэлиибин.
Олимпиада буола турар кэмигэр лицейтэн кэлбит оҕолору кытта сэһэргэстибит.
Кинилэр учууталларын туһунан маннык үөрэ-көтө кэпсииллэр:
Файруза: Александр Васильевиһы 5- с кылаастан «Чороон» олимпиадаҕа кыттар кэммиттэн билэбин. Кини биһигини биир дойдулаахтарым диэн куруук үөрэ көрсөөччү. «Үлэҕитин үчүгэйдик толкуйдаан оҥорооруҥ» диэн сүбэлээччи. Онтон лиссиэйгэ үөрэнэ тиийбиппитигэр математикаҕа үөрэтэр буолбута, өссө кылааһым салайааччыта буолбута.Оҕо майгытын курдаттыы билэр курдук. Бу оҕону үөрэххэ хайдах көҕүлүөххэ сөбүй диэн билэр. Сороҕор оҕоҕо тиийэрин курдук кытаанах соҕустук этиэн сөп. Ол эмиэ үчүгэй, туһалаах дии саныыбын. Кимиэхэ эмит көмө наада буоллаҕына куруук өйүүр, өйдүүр. Оҕо бэрээдэгин тутар, мээнэ ыытан кэбиспэт, дисциплина диэн киниэхэ баар. Математика уруогар оҕоҕо тиийимтиэ гына быһаарар. Ол кэннэ хантан эрэ көрөр, устар санааҥ сүтэр. Бэйэҥ оҥоруоххун, суоттуоххун баҕараҕын. Тус бэйэҥ үөрэтэн билэр баҕаҥ баһыйар.Киһи быһыытынан үчүгэй, эппиэтинэстээх, барытын эрдэттэн былаанныы сылдьар. Кини оҕолору үөрэнэргэ үөрэтэр. Бэйэтэ учууталлар олимпиадаларыгар республикаҕа, Россия таһымыгар ситиһиилээхтик кыттар. Учууталбын олус убаастыыбын, чугас киһим буолар.
Эдуард: Александр Васильевич математиканы олус үчүгэйдик быһааран үөрэтэр. Холку майгылаах. Кини бэйэтэ туспа үөрэтэр ньымалаах. ЕГЭ-ҕэ бэлэмнэнэр уруокпутун күрэхтэһии курдук ыытар. Оҥорбут баалбытын суруйар, сууммалыыр уонна таһаартарар. Биһиги ону көрөммүт мотивация ылабыт. Үөһэ талаһыаххын эрэ баҕараҕын. Мин хайаан да маны ситиһиэхтээхпин, билиэхтээхпин, суоттуохтаахпын, кыайыахтаахпын диэн сыал-сорук туруорунаҕын. Кини уруогар киһи үөрэниэн эрэ баҕарар.Уруокка хойутаан кэллэххинэ, төлөпүөннээх буоллаххына, «2» сыананы ылаҕын. Онон эрдэттэн бэрээдэги тутуһан киирэр ордук. Математикаҕа элбэх оҕону уһуйда. Технологическай үөрэххэ туттарсарбар уруокка ылбыт билиим көмөлөһүө дии саныыбын.
Олимпиада бэрэбиэркэлэнэн, эстафета түмүктэнэн, бары оскуола саалатыгар муһуннубут. Түмүгү Александр Васильевич иһитиннэрдэ. Кыайыылаах оҕолорго «Ини-бии суотчут Софроновтар » диэн суруктаах чорооннору, грамоталары, онтон муҥутуур кыайыылаах «Оҥхой» хамаандатыгар улахан чороону үөрэн-көтөн туран туттарда. Оскуолабыт дипиэктэрэ А.В.Софроновка, олимпиада тэрээһинигэр кыттыбыт учууталларга, оҕолорго махтанна.
Математика билимин киэҥник, чиҥник баһылаабыт ытык дьоммут Василий Трофимович, Егор Трофимович, Трофим Трофимович, Серафим Трофимович Софроновтар ааттарынан олимпиада үтүө тэрээһиннээхтик ааһан, эһиил улууска ыытылларыгар өссө элбэх кыттааччыны түмүө диэн эрэнэ хааллыбыт!
Александра Иванова, Айыына Петрова,
VII кылаас,
Дүллүкү орто оскуолата,
Үөһээ Бүлүү