От ыйын 13 күнүгэр «Лето — тур» сайыҥҥы оскуола үөрэнээччилэрэ Чочу нэһилиэгин Иван Михайлович Гоголев – Кындыл аатынан музейыгар сырыттыбыт. Музей салайааччыта Клавдия Николаевна экскурсия ыытта. Олус элбэҕи Иван Гоголев — Кындыл туһунан кэпсээтэ: суруйааччы олорон үлэлээбит хоһун экспозициятын көрдөрө – көрдөрө айымньыларын туһунан, Кындыл аҕатын ууһун ситимин сиһилии кэпсээтэ. Кинилэр аймахха суруйааччы Николай Якутскай, Бүлүүтээҕи педагогическай училище преподавателэ Андрей Ксенофонтович Сивцев, Госдума депутата Федотов Тумусов курдук биллиилээх дьон бааллар эбит.
Бу аймахтар бары даҕаны ураты талааннаах дьон эбиттэр. Ол курдук, Аҕа дойду улуу сэриитигэр Чочу нэһилиэгиттэн 182 киһи ыҥырыллыбытыттан, 110 киһи төннүбэтэх. Биллэн турар, үгүс киһи хаартыската суох эбит. Ону Иван Гоголев улахан убаайын Николай Михайлович Гоголев уолаттара Александр уонна Анатолий бу сэрии кыттыыллаахтарын мэтириэттэрин уруһуйдаан музейга
бэлэх биэрбиттэр. Музей биир саалатын төрүрүйэ бу мэтириэттэр тулалыыллар.
Биһиги бары ордук интириэһиргээн иһиттибит биир экспонат дьылҕатын туһунан. 1886 сыллаахха Чочу нэһилиэгин олохтооҕо баараҕай бизон төбөтүн уҥуоҕун булбут. Ураты булумньуну Семен Егорович Алексеев староста (Бэчиэт кулуба) Бүлүүгэ Шахурдин исправникка туттарбыт. Ол саҕана Саха сиригэр музей суоҕа, ол иһин Шахурдин булумньуну Иркутскай куоракка тиэрдэр сыаллаах
Дьокуускай куоракка ыыппыт. Онтон үп көстүбэккэ Дьокуускайтан ыыппатахтар. Дьокуускайга историческай кэмитэт мунньаҕа буолбут, онно төрөөбүт сиригэр сэдэх артефакт хааллараргар быһаарыллыбыт. Ити курдук бизон төбөтө Саха Сирин баайын- дуолун олохтоох музейын олохтуурга көмөлеспүт уонна бастакы экспоната буолбут. Ол курдук, Чочу нэһилиэгин олохтоохторо Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын кыраайы үөрэтэр
музейын тэрийиигэ тугунан да сыаналаммат кылааты киллэрбиттэр.
Музей дьоҕус да буоллар, нэһилиэк баай историятын арыйар 3000 кэриҥэ экспонаттаах эбит. Олус интириэһинэй музей. Экскурсия кэннэ Кыычыкын сирэ диэн ааттаах сиргэ сырыттыбыт. Бу манна Чочу нэһилиэгин маҥнайгы оскуолата турбут сирэ эбит, ону туоһулуур бэлиэтин көрдүбүт. Айаммыт Чочуга киирэр суолугар турар бизон пааматынньыгар хаартыскаҕа түһүүннэн түмүктэннэ.
Пааматынньыгы нэһилиэк баһылыга Петр Догоюсов Бүлүү олохтооҕор, норуот маастарыгар Николай Степановка оҥорторбут.
Джулианна Дорофеева, Семен Кириллин Лето тур сайыҥҥы оскуола
Н.И. Протопопова аатынан Кэскил киин, Бүлүү к.