Ахсынньы 8 күнүгэр биһиги «Кэскил» оҕо киинин «Репортер» куруһуогун эдкордара Чинэкэҕэ баар музейга сырыттыбыт. Музей Чернышевскай орто оскуолатын уонна нэһилиэгин остуоруйатын билиһиннэрэр. Манна музей дириэктэрэ Светлана Демьяновна Яковлева кэпсээнэ оҕолор болҕомтолорун тарта.
Светлана Демьяновна музей туһунан маннык кэпсээтэ:
— Бу музей аан бастаан Чуондулу диэн дэриэбинэҕэ тэриллибит, онтон тэрийээччитэ оскуолаттан үлэлээн уурайбытын кэннэ, ыһыллыбыт. Хойут Семенов Михаил Николаевич кулуупка тэрийэн үлэлэппит. Хаста даҕаны төхтөрүйэн баран, дьэ Чинэкэҕэ 2018 сыллаахха чөкөтүйэн дьиэлэнэн манна көһөн турар. Мин бэйэм 2017 сылтан музейга үлэлиибин. Музейга мээнэ күҥҥэ наһаа сылдьыбаттар, бырааһынньыктарга, араас оскуолаҕа уонна нэһилиэккэ буолар тэрээһиннэри кытта сибэстээн сылдьаллар. Кырдьаҕас өттүттэн наһаа кэлбэттэр, ютуб нөҥүө көрөллөр. Музей бэйэтэ “Чинэкэ музея” диэн ютуб каналлаах. Барыта уопсайа 442 көрөөччүлээх.
Ити курдук нэһилиэккэ аныгы сүүрээннээх музей үлэлии турар. Ютуб каналыгар номнуо видео оҥоһуллан киирэн турар. Холобура, “Барыларын түмпүт Геннадий Семенов-Урааҥхай” диэн видеоролигы 18 тыһыынча киһи көрбүт.
Джулианна Дорофеева, Н.И. Протопопова аатынан “Кэскил” оҕо киинин экора,
“Репортер” медиа киин, Бүлүү к.