Тохсунньу 10 күнүгэр академик В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференция-куонкурус чэрчитинэн С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт төгүрүк остуолу үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр иилээн-саҕалаан ыытта.
Быйыл 27-с төгүлүн ыытыллар «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференция 1996 сылтан Сахабыт сирин үөрэнээччилэрин, учууталларын, педагогтарын, учуонайдарын барыларын биир былаһааккаҕа мунньар бүтүн республика, дойду сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах тэрээһин буолар.
Бу оҕо наука киэҥ аартыгар бастакы хардыылары оҥороругар, бэйэтэ чинчийбит үлэтин салгыы сайыннарарыгар улахан кыаҕы биэрэр. Ол иһин оҕо науканан дьарыктанарыгар дьиэттэн оскуолаҕа диэри бары усулуобуйа барыта баар буолуохтаах — манна үп-харчы эрэ буолбакка, методологическай, психологическай күүс-көмө эмиэ тирэх буолуохтаах. Бу уонна да атын кэккэ боппуруостары бүгүн ыытыллыбыт төгүрүк остуолга тустаах экспердэр ырытыстылар, баар кыһалҕалары ыйдылар.
Төгүрүк остуол түмүгүнэн мэктиэ этиилэр киирдилэр, ол курдук, үөрэнээччилэр научнай-чинчийэр уонна техническай сатабылларын сайыннарыыга научнай-методическай, педагогическай уонна оҥорон таһаарар эрэгийиэннээҕи кыахтарын сомоҕолуур бырагырааманы оҥоруу, үөрэнээччилэр научнай бырайыактарыгар грантовай өйөбүлү киллэрии, наставничество көмөтүнэн оҕо чинчийэр интэриэһин усулуобуйатын сайыннарыыга үлэлээһин, үөрэнээччилэр чинчийэр уонна бырайыактарын методическай арыаллааһыны салгыы сайыннаран тэрийээһин, үөрэнээччилэр чинчийэр үлэлэригэр уонна бырайыактарыгар научнай сүбэни, ыйыыны-кэрдиини, экспертиза систиэмэтин тупсарыы, оҕо науканан дьарыктанар куруһуоктарын тэрийии уо.д.а.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ:
keskil14.ru