Балаҕан ыйын 26 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар улахан тэрээһин буолла. Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын выпускнига, мас тардыһыыга успуор маастара Саввин Дмитрий Александровиһы чиэстээтибит. Дмитрий Александрович Арассыыйа успуордун маастара, РС(Я) уонна аан дойду кыайыылааҕа буоларга ыарахан айаны ааһыахха наада.
Дмитрий Саввины оскуоланы бүтэрээччилэр анаан көрүстүбүт. Бэйэтин туһунан, спортсмен олоҕуттан быһа тардан кэпсээбитэ. Оскуолаҕа Чиэстээһин олус сэргэхтик ааста. Үҥкүү, ырыа бэйэтэ туһунан кэнсиэр курдук буолбуттара. Дмитрий Саввиҥҥа уонна кини тренердэригэр эйэгэс, итии-истиҥ эҕэрдэлэри эппиттэрэ, сэмэй бэлэхтэрин туттарбыттара. Саввин Дмитрий мас тардыһыытыгар миэстэлэспит оҕолору эҕэдэлээбитэ.
Дмитрий Александович бэйэтэ сүрдээх сэргэхтик «Мастер класс» ыытта. Жегусов Тимур, Неустроев Кеша, Потапов Макар, Мярин Артём бэйэ-бэйэлэрин кытта мас тардыстылар. Ол кэнниттэн Дмитрий Александровичтыын киирсибиттэрэ. Уолаттар аан дойдутааҕы чөмпүйүөнтэн көрөн-истэн уопут ыллылар.
Тумукпэр этиэм этэ, Саввин Дмитрий Александрович уонна атын даҕаны аатырбыт спортсменнарбытын бары бииргэ сыаналыы, убаастыы, кэлэр, кинилэри солбуйар ыччакка тиэрдэ сылдьыахха. Кинилэр баар буоланнар Саха сиригэр успуор эйгэтэ сайдар, улахан таһымҥа тахсар уонна инники көлүөнэбитигэр биһиги өйөбүлбүтүнэн барыта табыллыа.
Дая Неустроева, XI кылаас, Томпо, Кириэс-Халдьаайы