Бу таба ыстаадатыгар олорор уол 5 саастаах Денис Павлов туһунан биһиги суруйан турардаахпыт. Кини Муома улууһугар Улахан Чыыстай нэһилиэгэр «Магир» тыа хаһаайыстыбатын дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьар община ыстаадатын олохтооҕо, дьонун кытары тэҥҥэ сылдьыһар, үлэттэн толлон турбат, бары-барыны барытын сатыыр, оҥорор хоту дойду хоһуун уолчаана.
Денис биһиэхэ бэйэтэ айбыт түөрт устуруокалаах хоһоонун ааҕан ыытта:
Мунрукан, мунрукан,
Ньобати мунрукан.
Гудьэйике, гудьэйике,
Исагла гобэн.
Эбээн тылыттан сахалыы тылбааһа:
Куобахчаан, куобахчаан,
Маҥан куобахчаан.
Барахсанчаан, барахсанчаан
Тыаҕа сүттэ.
Болҕойуҥ! #Челлендж биллэрэбит!
Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларынан түөрт устуруокалаах кылгас хоһоонно айан видеоҕа устан биһиги электроннай аадырыспытыгар: keskilpress@mail.ru ыытаргын күүтэбит. Кыттааччы сааһыттан хааччаҕа суох. #Челлендж сүрүн ирдэбилэ: ураты быһыылаах видео буолуохтаах.
Сиһилии билсэр тел.: 8914265-92-20 (Whatsapp).
Кытаатыҥ! Көхтөөх кыттыыны ылыҥ!