Дойдубутугар Аҕа күнэ бэлиэтэниэҕиттэн оскуолабытыгар онно анаан тэрээhиннэр ыытыллаллар.
Аҕа – дьиэ кэргэн тутаах киhитэ. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа уонна оҕо сыhыаннарын тупсарар, бииргэ алтыhар, чѳл олохтонор, кѳхтѳѳх, болҕомтолоох буолар, оскуола олоҕун билсэр сыаллаах, Аҕа күнүгэр аналлаах «Чэйиҥ эрэ, аҕалар!» диэн уол аҕатынаан күрэхтэhии буолан ааста.
Икки хамаандаҕа түѳртүү аҕа уонна оҕо буолан арахсан аат толкуйдаммыттара. Бастакы хамаанда «Мохсоҕол», иккис хамаанда «Ух» диэн ааттаммыттара. Оонньуу түһүмэхтэрэ: ыйытыыларга эппиэттээhин, «Погоны» (испиискэ хоруопкатын санныгар ууран барар –кэлэр), «Помощник на кухне» (хортуоску хаҕылыыр), «Бастыҥ табааччы» (кеглилэри кыра мээчигинэн табыы), канаат тардыhыы, күүстээхтэр киирсиилэрэ – арм реслинг.
Бары түмсүүлээхтик кыттыбыттарын түмүгэр «Мохсоҕоллор» бастаатылар, «Ух» хамаанда иккис буоллулар. Күндү аҕаларбытын Аҕа күнүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит, тус олоххутугар ситиhиилэри, кытаанах друобуйаны, үѳрүүлээх, дьоллоох түгэннэри баҕарабыт.
Айаана Андреева, Инга Петрова,
VIII кылаас,
«Кѳмүс бѳрүѳ» пресс – киин
Илбэҥэ, Бүлүү.