Оҕо бэйэтин доруобуйатыгар тус эппиэтинэһи сүгэрин билэ, «мин доруобуйам – мин бэйэм илиибэр баар» диэн өйдүү улаатыахтаах.
Саас олус халтараан. Илиигин-атаххын харыстаа!
Халтарыйан илиигин-атаххын эчэтиэххин, ууга түһүөххүн сөп. Ол иһин халтараан кэмҥэ сэрэхтээхтик сылдьа сатаа.
Дьиэ үрдүттэн хаар, муус түһэриттэн сэрэн!
Муус эбэтэр хаар үрдүгэр түһэн эчэтиэн сөп. Онон тулаҕын болҕомтолоохтук көрөргө үөрэнэ сатаа.
Күөл, өрүс кытыытыгар киирэр сэрэхтээх.
Саас халлаан сылыйан, муус кэбириир кэмэ. Ууга түһүөххүн сөп.
Ити курдук, оҕо күннээҕи олоҕор сэрэхтээх буолууну эрэйэр түгэнэ олус элбэх.