Көннөрү кэпсэтэр тылтан ураты «оҕо тыла» диэн баар. Оннук тыл Аан дойду омуктарыгар барытыгар баар. Чинчийэр дьон «оҕо тыла» түҥ былыр үөскээбит диэн таайаллар. Үгүстэр бу тылы киһи бастакы тыла диэн ааттыыллар «Һоп-паа» диэн кинигэтигэр Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис суруйар.
Улахан дьон кэпсэтэллэрин таһынан өссө саҥаралларыгар илиилэринэн хамсанан, сирэйдэрин мимикалаан сүрдээх элбэх информацияны тиэрдэллэр. Онтон сатаан саҥарбат кыра оҕо киһини кытта саамай кэпсэтэр туттар ньымата илиитинэн хамсанан, үтүктэн көрдөрөрө сүрдээх улахан суолталаах.
Илиинэн хамсанан, сирэйи араастаан туттан көрдөрүү уонна саҥаны кыччатан, улаатыннаран араастаан саҥарыы, бу кыра оҕоҕо төрөөбүт тылын билэригэр, төрөппүтүн кытта бодоруһуутугар сүрүн туттуллар ньыма буолар. Илиитинэн хамсанарын нөҥүө оҕо бэйэтин баҕатын, тугу эмит көрдүүрүн сыһыанын биллэрэр: оҕо туохтан эмит аккааастанарын төбөтүн илгистэн, хараҕын быһа симэн эбэтэр илиитинэн хамсанан биллэриэн сөп.
Оҕону үөрэтэргэ манныктары тутуһарга сүбэлиибит:
- бииринэн, оҕо кыайан саҥарбат, онон судургу дорҕоонноох тылтан саҕалаан саҥарда үөрэтиэххэ, ону тэҥэ илиинэн хамсанан көрдөрүөххэ сөп;
- иккиһинэн, улахан киһи оҕону кытта өйдөһөргө кини таһымыгар түһүөхтээх, ол эбэтэр оҕо кыайар тылынан саҥарыахтаах;
- оҕоҕо саҥара-саҥара илиинэн хамсанан көрдөрөҕүн. Бастаан оҕо хамсаныыны үтүктэр, онтон биирдэ тылы үтүктэн хатылыыр. Холобур: “мэ” диэн ыл диэн суолталаах тыл. “Мэ”, — дии-дии оҕоҕо тугу эмит уунаҕын.
- оҕо элбэх тылы саҥарар буоллаҕына, бэйэтэ өйдүүр буолар, кини бу тылы саҥардаҕына, кинини түргэнник өйдүүллэр диэн.
Тылын саппааһа сайдан истэҕин аайы боростуой этиилэри оҥорор буоллаҕына илиитинэн, сирэйинэн көрдөрөрө аҕыйаан иһэр. Онон «маннык көрдөрөн саҥарарга үөрэнэн хаалан саҥарыа суоҕа, оҕобут хойутаан тылланыа» диэн өйдөбүл суох буолуохтаах.
Оҕо тыла оҕону иитэргэ аан суолталаах
Былыргылар оҕо төрүөҕүттэн ыла үчүгэйи, эбэтэр куһаҕаны араарарга үөрэниэхтээх диэн этэллэрэ. Дьэ, ити үөрэтиигэ оҕо тыла төрүөт буолар. Холобур, “чыычый” диэн тыл сэрэн, кутталлаах диэн суолталаах. Бу тылы үксүн “тай” диэн тыл кэнниттэн үөрэтэллэр. Маҥнай “тай” диэн оҕону итииттэн сэрэнэр буолбутун кэннэ, “тай”, “чыычый” диэн икки тылы холбоон тутталлар. Онон “чыычый” диэн эмиэ “тай” курдук сэрэн, ыарытыннарыаҕа диэн суолталанар.
«Чыычый» диэн тыл сэрэнэргэ үөрэтэр
Бу ньыма саамай сүрүн оруолунан буолар — төрөппүт уонна оҕо өйдөһүүлэрэ, оҕо эрдэ тылланыытын тэҥэ, тарбах былчыҥнарын сайдыыта, оччотугар уонна мэйиитин үлэтэ, толкуйун сайдыыта түргэтиир, оҕо өйгө тутар дьоҕура сайдар. Илиинэн хамсанан, оҕо тылын туттан кыра оҕону түргэнник саҥардыахха сөп эбит. Онон оҕолорбутугар болҕомтолоох буолуоҕуҥ.
Бэйэ-бэйэни өйдөһүүттэн, бэйэ санаатын, иэйиитин тиэрдэр кыах баарыттан ордук туох баар буолуой?
«Чыычый»
«Чыычый» диэн тыл сэрэн, кутталлаах диэн суолталаах.
Бу тылы үксүн “тай” диэн тыл кэнниттэн үөрэтэллэр. Маҥнай “тай” диэн оҕону итииттэн сэрэнэр буолбутун кэннэ “тай”, “чыычый” диэн икки тылы холбоон тутталлар. Онон “чыычый” диэн эмиэ “тай” курдук сэрэн, ыарытыннарыаҕа диэн суолталанар.
“Чыычый” диэн тыл сэрэнэргэ үөрэтэр.
«А«
“А” диэн аҕал диэн суолталаах, “А” диэн – бу көрдөөһүн.
«А» дииргэ илиини оҕо диэки уунан баран тарбахтарын хамсаталлар. Ыла биэрэ оонньоон оҕо бу тылы сөпкө туттан барар. Онон оҕо тугу баҕарарын илиитин уунан баран «А» диэн көрдүүр буолар.
«Тыс«
«Тыс« диэн айдаарыма, чуумпур диэн суолталаах тыл. Бу тыл оҕо болҕомтотун күүһүрдэр аналлаах. Улахан киһи эмискэ сибигинэйэн “тыс” диир уонна уҥа сөмүйэтин уоһугар чугаһатар, хараҕын киэҥник көрөр, уоһун чорботор. Оҕо улахан киһини үтүктэн эмиэ иһийэр.
«Топ–топ»
“Топ-топ” диэн хаам диэн суолталаах тыл. Бу тылы оҕо хаамар кэмигэр элбэхтик тутталлар. Оҕону сиэтэн хаамтара-хаамтара “топ-топ” дииллэр. “Топ–топ” диэн тыл атах таҥаһын эмиэ бэлиэтиир.
Үгэс курдук, оҕо күн аайы кэтэр атаҕын таҥаһын «топ–топ» дииллэр.
«Мэ»
«Мэ» диэн ыл диэн суолталаах тыл. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн ону-маны туттара үөрэтэллэр, ол биэрэллэригэр “мэ” дииллэр.
«Мэ» — диэн тылынан биэрэри бэлиэтииллэр.
«Бу»
«Бу» диэн көстөр малы-салы билиһиннэрэр тыл. Оҕону көтөҕө сылдьан ыскаапка, остуолга туох баарын чопчу ыйан көрдөрө-көрдөрө “бу, бу” дииллэр. Онно үксүн мал аатын этэллэр.
«Бу» — диэн тыл оҕо тугу наадыйарын бэлиэтиир буолар, болҕомтону салайарга туһалаах.
«Кук-куук»
«Кук-куук» диэн миигин көрдөө диэн суолталаах. Сахалар ойуурга сылдьан бэйэ-бэйэлэрин сүтэристэхтэринэ, “куук” диэн хаһыытыыллара биллэр. Оҕону бэрт кыратыттан сасыһа оонньуурга үөрэтэллэр. Улахан киһи саһан баран “кук-куук” диир, оҕо ол саҥа хоту хайыһар. Киһитэ былтас гынар, оҕо ону таба көрөн үөрэр. Онтон киһитэ эмиэ ньимис гынан хаалар, “кук–куук” диир, эмиэ былтас гынар. Онон оҕо бу тылы иһиттэҕинэ, кими эмэ көрдөөн булуохтаахпын диэн өйдүүр.
“Кук–куук” диэн оҕо билэр-көрөр баҕатын күүһүрдэр. Сасыһа оонньуур оҕоҕо олус туһалаах.
«Сык»
«Сык» диэн сыллаа диэн суолталаах.
Маҥнай оҕону сыллыыырга-ууруурга «сык» диэн этэллэр, иннэ гынан бу тыл сыллыыры бэлиэтиирин көрдөрөллөр. Оттон кэлин, «сык» гын диэн көрдөһөн сыллаталлар. «Сык» диэн тыл сөбүлүүрү, таптыыры биллэрэргэ үөрэтэр.
«Тай»
«Тай» диэн тыл итии, сэрэн диэн суолталаах. Бу тылынан оҕону итииттэн сэрэнэргэ үөрэтэллэр. Оҕо итиини таарыйаат, тута илиитин эһэ охсон ылар, ити кэмҥэ «тай» дииллэр. Онон оҕо бу тыл итиини кытта сибээстээҕин билэр. Кэлин «тай» диэтэххэ, итиини таарыйбакка да сылдьан сэрэнэр буолар.
«Ыый–ый»
“Ыый – ый” диэн ытыыры бэлиэтиир тыл. Бу тылынан оҕо киһини аһынарыгар үөрэнэр. Эмиэ холобурдаах буолар. Оҕо киһини оҕустаҕына киһи сирэйин саба туттан баран “ыый – ый” диэн ытаабыта буолар. Ытыыр киһини аһынан имэрийэллэр, ыйа-ыйа ытаата дии, “ыый – ый” диэн оҕоҕо көрдөрөллөр, оҕо илиитин ылан киһини имэрийтэрэллэр. Харыстыырга эмиэ бу тылынан уһуйаллар.
“Ыый – ый” диэн аһынарга, харыстыырга үөрэтэр.
«Һоп–паа»
«Һоп–паа» диэн өрө ыстан диэн суолталаах. Оҕо үөрдэҕинэ, эрчимнээхтик хамсанан биллэрэр идэлээх. Үксүн өрө даллаҥныыр, ыстана сатыыр. Ити түгэҥҥэ «һоп-паа» диэн этэллэр. Онон эрчимнээх «һоп– паа» диэн тылы кытта сибээстээҕин өйдөтөллөр. Бу тылы оҕону кытта оонньуурга тутталлар.
«Ох»
«Ох» диэн суох, бүттэ диэн суолталаах. Оҕоҕо туох эмит бүппүтүн, суох буолбутун быһаарар тыл. Салгыы оҕо суоҕу көрдүү турбатын наадатыгар туттуллар.
Наталья Кэнчэрична ПРОКОПЬЕВА, туйгун категориялаах иитээччи,
«Ньургуһун» уһуйаан, Хатылы нэһ., Чурапчы улууһа.