«Muus uSTAR» ыччат фестивалын биир сонун түһүлгэтинэн ”Союзмультфильм” киинэ студиятын кытта көрсүһүү буолла.
Кэпсэтии тиэмэтинэн үгүс көлүөнэ иитиллэн тахсыбыт ”Крокодил Гена” ойуу киинэтин сүрүн геройа Чебурашка буолла. Бу таллайбыт кулгаахтардаах, дьоҥҥо барытыгар көмөлөһөр сылаас, үтүө санаалаах, сырдыгынан тыгар, сылааһынан илгийэр, тулалыыр эйгэни алларааттан хантайан туран анаарар Чебурашка уобараһын ситиһиитэ тугуй?
Бу ыйытыыга ”Союзмультфильм” киинэ студиятын дириэктэрэ Борис Машковцев санаатын маннык үллэһиннэ: «Киинэ искусствота айылгытынан эдэр тыыннаах. Олох хардыытын устатын тухары куруук эдэр уобарастар баар буолаллар. Ол биир холобура – Чебурашка. Кини Эдуард Успенскай 1966 с. бэчээттэммит «Крокодил Гена и его друзья» кинигэтин биир биллибэт-көстүбэт уобараһа этэ. 1969 с. «күөх» экраҥҥа тахсарыгар Чебурашка сүрүн герой буолар уонна күн бүгүнүгэр диэри иитэр-үөрэтэр, үөрдэр-көтүтэр суолтатын сүтэрбэт. Чебурашканы көрөн улааппыт хас да көлүөнэ дьон кини сылааһын, сырдыгын сүрэхпитигэр илдьэ сылдьабыт. Сэрии кэннинээҕи көлүөнэ олоххо тардыһыыта, айар-тутар баҕата муҥура суох үрдүк, киэҥ, дириҥ этэ. Бу кэми киинэ искусствотыгар «Сергей Михалков эпохата» диэн ааттыыбыт. Чебурашканы айбыт суруйааччы Эдуард Успенскай эмиэ ити көлүөнэ бэрэстээбиитэлэ этэ. Олоххо, сырдыкка тардыһыы күүһэ, кыаҕа умнуллубат уобарастар айыллан тахсыыларыгар олук буолбута».
Быйыл Россияҕа мультпликационнай анимация төрүттэммитэ 110 сыла. 1912 с. муус устар 8 күнүгэр бастакы анимация күн сирин көрбүтэ. Биолог Владислав Старевич «Прекрасная Люканида. Или борьба рогачей с усачами» диэн үөн-көйүүр олоҕуттан табыллыбытах таптал туһунан 8 мүнүүтэлээх анимацияны оҥорон таһаарбыта.
« Уруһуй кыраһыабайдык, дьэрэкээнник көстөрүгэр улахан болҕомто ууруллар эбит буоллаҕына, анимацияҕа уруһуйга ойууламмыт уобарас хас биирдии чааһа, илиитэ-атаҕа, төбөтө, хараҕа, мунна – барыта чочуллар. Анимация туспа хайысхалаах, сокуоннардаах, ирдэбиллээх үлэ», – диэн этэр Борис Машковцев.
Көрсүһүүгэ кыттыбыт Саха сирин аниматордара, худуоһунньуктара «Чебурашка диэн кимий?», – диэн ыйытыыларыгар ”Союзмультфильм” киинэ студиятын дириэктэрэ – «Кини кимин быһаарар суолтата суох. Чебурашка үйэлээх суолтата – киһи тулалыыр эйгэни аллаараттан хантайан туран анааран көрүүтүгэр сытар», – диэн хоруйдаата.
Үйэлээх киинэлэри, уобарастары айан таһаары туохтан саҕаланарый? диэн ыйытыыга Борис Машковцев хоруйа маннык буолла: «Толкуйтан, сценарий ис хоһоонуттан. Баҕар, эһиги этиэххит, Чебурашканы биллиилээх артыыска Клара Румянцева, крокодил Генаны Шерлок Холмс уобараһын айбыт биллиилээх артыыс Василий Ливанов саҥарбыттарын түмүгэр ситиһии кэлбитэ диэн. Биллиилээх киһи саҥарда ону ылынабыт диэн өйдөбүл тутах. Бүтүн көлүөнэ ылынар, таптыыр Чебурашкатыгар итинник өйдөбүл тутах дии саныыбын».
”Союзмультфильм” киинэ студиятын коммерческай дириэктэрэ Владимир Чибисов, ”Союзмультфильм” пааркаларын, тэрээһиннэрин департаменын салайааччыта Екатерина Слащева Саха сирин айар-тутар баҕалаах ыччатын кытта көрсүһүүлэригэр ситиһиилээх бырайыактарын туһунан кэпсээтилэр.
”Союзмультфильм” ойуу киинэлэрэ бүгүҥҥү күҥҥэ үөрэхтээһин эйгэтигэр, иитии үлэтигэр, оҕо аһылыгар, таҥнар таҥаһыгар, эмигэр-томугар диэри тутаах миэстэни ылаллар. Ааспыт сылга Москваҕа ВДНХ-ҕа «Союзмультфильм» мультиктарын паарката арыллыбыт. Быйыл маннык паарка Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр киин куоратыгар Казаньҥа баар буолбут.
«Саха сирэ ойуу киинэлэри оҥорууга сүрдээх улахан кыахтаах. Икки нэдиэлэ аннараа өттүгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ биһиэхэ, «Союзмультфильмҥа», ыалдьыттаабыттара. «Колокольчик» оҕо сурунаалыгар герой буолан тахсарга бэлэм уобарастар баалларын сэргии көрбүппүт», – диэн Екатерина Слащева бэлиэтээн эттэ.
Бу күн Маргарита Попова «Кындыкан» бырайыагын билиһиннэриитэ ”Союзмультфильм” киинэ студиятын үлэһиттэрин сэҥээриилэрин ылла.
Сардаана МАТВЕЕВА.