Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар балаҕан ыйыттан саҕалаан хас оптуорунньук аайы чэбдигирии күнэ ыытыллар. Бу күн «Оптуорунньук — доруобуйа күнэ» диэн бырайыак чэрчитинэн уһуйаан, оскуола оҕолоро, улахан дьон чэбдигирдэр тэрээһиннэргэ кытталлар.
Оскуола үөрэнээччилэрэ сарсыарда 8ч.20 м. спорт саалатыгар эти-хааны эрчийэр хамсаныылары, эрчиллиилэри оҥороллор. Физкультура учуутала Радомир Алексеевич Руфов зарядканы тэрийэн ыытар. Оҕолор бастакы уруок иннинэ хамсанан, күннээҕи үөрэҕи, үлэни бэлэмнээх, сэниэлээх үөрэ-көтө көрсөбүт. Мин санаабар, маннык тэрээһин баар буолбута олус үчүгэй. Оскуолаҕа тиийээт, паарта иннигэр олорбокко эти-сиини уһугуннарар сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэ киһиэхэ күннээҕи сэниэни биэрэр, настырыанньаны тупсарар суолтата улахан. Маны тэҥэ оскуолаҕа, нэһилиэккэ араас тэрээһин ыытыллар. Спордунан дьарыктаныҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ!
Алина Санникова,
X кылаас,
Дүллүкү орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү