Сибээс тэрилтэтин үлэтэ нэһилиэк, дьон-сэргэ сайдыытыгар ыкса ситими, хардарыта сыһыаны быһаччы хааччыйар тэрилтэ. 1951 сылтан саҕалаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри бу тэрилтэҕэ араас сылларга элбэх киһи үлэлээн-хамсаан ааспыта. Олортон биирдэстэринэн Мария Иннокентьевна Винокурова буолар.
Мария Иннокентьевна аан бастаан сибээс тэрилтэтигэр 1968 сылтан почтальонунан үлэлээн саҕалаабыт. 1974-1976 сс. Улан-Удэҕэ сибээс техникумугар почта үлэһитин анал идэтин бүтэрбит. 1978 сылтан Уус Таатта почтатыгар Егоров Семен Гаврильевичтыын салгыы үлэлээбит. Семен Гаврильевич пенсияҕа барбытын кэннэ, почта үөрэхтээх Мария Иннокентьевна ананан өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Сыыйа оператор, начальнигы солбуйааччы, радиооператор, кэлин начальнигынан үлэтин түмүктээбит.
Кини үлэлиир сылларыгар куораты кытта быһа сибээс почтаҕа эрэ баар эбит, онон араас кыһалҕалаах дьоҥҥо күнүс-түүн диэбэккэ, дьон кыһалҕатын кыһалҕа гынан нэһилиэгин дьонун махталын ылыан ылбыт, билигин да кини үтүөтүн истиҥник өйдүүр дьон элбэх.
«Сибээс – олох ситимэ» Булуннааҕы сибээс тэрилтэтин 65 сылыгар хомуйан оҥоһуллубут кинигэ ахтыыларыттан быһа тардан:
Үлэ, тыыл ветерана Петрова Татьяна Васильевна, олунньу ый 2016 с., Уус-Таатта:
“Мин бэйэм хоту сиргэ сылдьар буолан, почта өҥөтүнэн элбэхтик туһанан кэлбитим. Ол курдук биир түбэлтэни кэпсиэхпин баҕарабын. Дойдум пограничнай зонаҕа киирэр буолан, барарга хайаан да вызов баар буоллаҕына көтөр этим, онтум суох буоллаҕына, сатаан айаннаабат этим. Сvhал вызов кэллэҕинэ, Мария Иннокентьевна түүннэри даҕаны аҕалан биэрэр этэ. Биир оннук телеграмманы тутан, Уус Тaаттаттан сарсыарда 10 чааска туран баран дойдубар киэһээ 11 чааска баар буолан турардаахпын. Ол курдук биһиги почтабыт үлэһиттэрэ дьон кыһалҕалаах кэмигэр туора турбакка, үлэм чааһа бүттэ диэбэккэ, туох баар күүстэринэн көмөлөһөллөр этэ. Онон Мария Иннокентьевнаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин.
Заря Спиридоновна Бехтюева, 70-80 сс. почта өҥөтүнэн туһаммыт нэһилиэк олохтооҕо:
“Мин 1979-1984 сс.. Иркутскай куоракка омук тылын институтугар студенныы сылдьан почта өҥөтүнэн элбэхтэ туһаммытым. Дьонум, төрөппүттэрим барахсаттар миэхэ элбэхтэ сурук суруттаран, телеграммалары, харчы переводтааһын, посылкалары ыыттаран почта өҥөтүнэн туһанан, ол саҕана чугас дьоҥҥун кытга почта нөҥүө эрэ билсэҕин.
Ийэм, аҕам үөрэҕэ суох дьон телеграмма ис хоhооно барыта нууччалыы суруллан барар Иркутскайга, ол тиэксин барытын начальник Мария Иннокентьевна суруйан оҥорон ыытара, аны анарааттан кэлэр телеграммалары барытын кырдьаҕас дьоҥҥо быһааран биэрэр эбит, ол иһин дьонум махталлара улахан этэ. «Чэ бэйи, почта Маарыйа быһааран биэриэ», — диэн улахан эрэллээх этилэрэ…”.
Үлэ ветерана, потребкооперация туйгуна, сэрии сылын оҕото Зинаида Семеновна:
“Мин Мария Иннокентьевнаны 1971 сылтан Булуҥ почтатын начальнигынан кэлиэҕиттэн билэбин. Ол саҕана бородуукта маҕаһыыныгар үлэлиир буоламмын, сарсыарда аайы харчы туттара почтаҕа кэлэрим. Онно кини саҥа кэлбит киһини (миигин) сүбэлээн-амалаан, эн-мин дэһэн дьиэ кэргэнинэн табаарыстаһан, наһаа үчүгэйдик пенсияҕа тахсыахпар диэри үлэлээбиппит. Урукку Советскай саҕана хас биирдии ыал наhаа элбэх сурунааллары, хаhыаттары суруттараллара. Маны таһынан элбэх посылка, сурук, телеграмма, переговор, эбиитин сберкасса, пенсия барыта почта нөҥүө aahapa.
Санаан көрдөххө, маны барытын бириэмэтигэр наардаан, аадырыска тиэрдэр элбэх түбүктээх улэттэн тахсара биллэр. Дьиэлээх-уоттаах, оҕолордоох, хаһаайыстыбалаах киһи туһааннаах үлэтигэр эпиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, сыралаах үлэтэ сыаналанан, «Ветеран труда», Уус-Таатта 100 сыллаах үбүлүөйдээх знага, элбэх ахсааннаах грамоталар, хайҕал, махтал суруктар да туоһулууллар”.
Ульяна Ивановна Колодезникова, Булуннааҕы сибээс тэрилтэтин бочуоттаах үлэһитэ:
“…Бастаан тугу да билбэт киһини, Мария Иннокентьевна, хаһыаты, сурунаалы хайдах сортировкалаан, аадырыстаан суруппут ыалга тиэрдэргэ карта оҥорон, маршруппун ыйан үөрэппитэ. Мин оруобуна уон сыл почтальонунан үлэлээбитим. Ол бириэмэҕэ Мария Иннокентьевна сыыйа кэлбит, барбыт суруктарга бэчээт уурдаран, улуустарынан, куораттарынан наардатан почта ис үлэтигэр үөрэтэн саҕалаабыта. Онтон сыыйа-баайы подписка ыытарга, телеграмма ыларга, ыытарга үөрэтэр этэ. Суот туорааҕын тардарга киниттэн үөрэммитим. Онтон саҕалаан почта үлэтигэр сыстан барбытым. Элбэх да посылка, сурук, телеграмма кэлэр-барар этэ, аны маҕаһыыннар күннээҕи киллэриммит харчыларын тутуу, ону барытын ааҕан, хас да хос квитанцияҕа, реестрга суруйан ыытар, барыта соҕотох Мария Иннокентьевна үлэтэ этэ.
Уон сыл үлэлээн баран, «сокращениеҕа» түбэһэн уурайан хаалбытым, онно наһаа да хомойбутум. Онтон 2001 с., Мария Иннокентьевна: «Мин оннубар хаал, мин сынньаныам этэ, сөбүн үлэлээтим» диэн ыҥыран ылбыта. Онон аны начальник буолан хаалбытым. Онно өйдөөбүтүм, бэйэтин оннугар хааллараары, уон сыл устата сыралаһан, почта ымпыгар-чымпыгар миигин үөрэппитин».
Ити курдук, Мария Иннокентьевна 2001 сылга диэри үтүө суобастаахтык сибээс эйгэтигэр үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Уус Таатта орто оскуолатын медиа бөлөҕө.
keskil14.ru