2006 с. СӨ Президенин Ыйааҕынан Е.П.Неймоховка «Саха сирин норуодунай суруйааччыта» үрдүк аат иҥэриллибитэ. Егор Петрович СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, Саха сирин Комсомолун бириэмийэтин лауреата.
2011 сыллаахха Томпо оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо Е.П.Неймохов олохтон барбыта. 2014 сыллаахха норуодунай суруйааччы аата Мэҥэ Алдан орто агротехнологическай оскуолатыгар иҥэриллибитэ. Егор Петрович кэргэнэ Мария Петровналыын үс уоллаахтар: Петр, Егор уонна Михаил.
Биир дойдулааҕым — Егор Неймохов
Сэдэх тиэмэлэргэ суруйара
Егор Неймохов сүрүннээн урут ким да ылсыбатах, эбэтэр кыратык суруйар тиэмэлэригэр суруйара. Кини «Хапсыһыы» сэһэнэ спортсменнарга ананар. Егор Петрович олимпиада чөмпүйүөнэ Павел Пинигин «Олимпаҕа айан» диэн кинигэтин уус-ураннык чочуйбута. Спорду сэҥээрээччилэр уонна ааспыт үйэ 80-ус сыллардааҕы ыччата ити кинигэлэри былдьаһа-тараһа ааҕаллара. «Көтүү» сэһэн артыыстарга анаммыта эмиэ сонун этэ. Оччотооҕу ыччат детективтэри тартаран туран ааҕара. Бырааттыы Вайнердар, Юлиан Семенов уо.д.а. айымньыларын бары билэллэрэ. Егор Неймохов детектив тиэмэтигэр «Сайсары күөлгэ түбэлтэ», «Хаһыы» диэн айымньылардаах. Мүччүргэннээх сырыылар, спорт, детектив ыччат сөбүлүүр тиэмэтэ этэ. Онон суруйааччы сөптөөх суолу тайаммыта.
Сэбиэскэй кэм, онтон Аҕа Дойду Улуу сэриитин тиэмэтин Егор Петрович эмиэ тумнубатаҕа. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Герой Федор Охлопков туһунан, бэйэтиттэн интервью ылан, ыстатыйа суруйбуттаах. Егор Неймохов «Ильмень үрдүнэн туруйалар» (2004), «Великие снайперы России» (2009) диэн айымньылардаах. «Ильмень үрдүнэн туруйалар» айымньы мин санаабар, сэбиэскэй кэм оскуолатын программатыгар киирэр Сергей Борогонскай «Ытык Ильмень» диэн поэматын кытта дьүөрэлэһэр. Ити икки айымньы Ильмень күөлгэ буомбаҕа түбэһэн суорума суолламмыт саха саллааттарыгар ананаллар.
Норуодунай суруйааччы бөдөҥ айымньылар ааптардара. Кини «Быһах биитинэн» (2005), «Алампа» (саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов туһунан, 2006, 2009 сс. икки кинигэнэн тахсыбыта) диэн романнардаах.
Саха киинэтигэр оруола
Егор Петрович Саха сирин кинематографиятыгар эмиэ суолун хаалларбыта. Кини «Хара мааска», «Ильмень үрдүнэн туруйалар» айымньыларынан уус-уран киинэлэр уһуллубуттара, сценарийын бэйэтэ суруйбута. «Хара мааскаҕа» биир сүрүн оруолу Мэҥэ Алдантан төрүттээх, мас тардыһыыга СӨ спордун маастара Петр Саввин толорбута. Бу киинэ Москваҕа 2003 с. детектив киинэлэр норуоттар икки ардыларынааҕы фестивалларыгар «Лучшее игровое кино» номинацияҕа алта бастыҥ кэккэтигэр киирбитэ.
Ахтыыларын аахтахха…
2002 сыллаахха «Томпо илдьитэ» оройуон хаһыатыгар хас да нүөмэргэ Егор Неймохов «Дьиэм аттыгар тураммын» ахтыыта бэчээттэммитэ. Кини бу ахтыытыгар оҕо сааһын, ыалларын, тыа сирин үлэһиттэрин, өйүгэр куруук баар төрөөбүт нэһилиэгин айылҕатын туһунан кэпсиир. Биһиги ийэбит эмиэ Мэҥэ Алдантан төрүттээх буолан, эбэбитигэр, аймахтарбытыгар сотору-сотору сылдьабыт. Онон ити дьону үксүлэрин билэттиибин, сорохторо аймахтарым буолаллар. Биһиги эмиэ, кини курдук, ити кэпсэнэр күөх хонууларынан сүүрэ-көтө оонньуурбут, Эһэлээх диэн күөлгэ сөтүөлүүрбүт. Ол иһин суруйааччы ахтыыларын аахтахха, хараххар барыта бу баардыы көстөн кэлэр.
Испэктээк турбута
2010 сыллаахха Мэҥэ Алдаҥҥа Егор Неймохов үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитинэн Саха академическай тыйаатырын 17 киһилээх труппата «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» детективнэй сэһэнинэн испэктээк көрдөрбүтэ. Туруорууга РФ Государственнай бириэмийэтин лауреата, СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев, СӨ үтүөлээх артыыстара Ирина Никифорова, Елизавета Потапова, Надежда Ушницкая, Дмитрий Михайлов уонна да атыттар оонньообуттара. Режиссер – суруйааччы кэргэнин эдьиийэ, СӨ норуодунай артыыската Зоя Петровна Багынанова. Мин испэктээк кэнниттэн Егор Петровиһы кытта гримнээх сылдьар артыыстары хаартыскаҕа түһэрбэтэхпиттэн кэмсинэбин. Артыыстартан ким эрэ: «Биһиги өссө да түһүөхпүт», – диэбитэ да, хомойуох иһин, оннук буолбатаҕа.
Онно үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ Егор Петрович доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, кэлин норуодунай буолбут поэт И.В.Мигалкин, филологическай наука кандидата В.Г.Семенова уонна биллиилээх поэтесса Н.В.Михалева-Сайа кыттыбыттара.
Евдокия НЕУСТРОЕВА
“Дьоҕурга” үөрэппит учууталым
Оскуолаҕа сылдьан Егор Неймохов ийэ туһунан истиҥ, иһирэх эссетин түбэһэн аахпыттааҕым. Ити “Сахаада” хаһыат “Өлүөнэ сарсыардата” литературнай сыһыарыытыгар быһыылааҕа. Ыалдьар, охтор, мөлтүүр, өлөр-хаалар күҥҥэ, киһи сыччах биир эрэ “ийээ” диэн тылы ыһыктарын туһунан сүрдээх уйаҕас, нарын суруйуу этэ… Эссени ааҕаат: “Бу биһиги учууталбыт. Кини биһигини сайыҥҥы оскуолаҕа үөрэппитэ”, – диэн өрө көтөҕүллэн, санаан кэлбитим. Ол сайын, 1993 сыллаахха “Дьоҕур” общество сайыҥҥы оскуолатыгар иккис төгүлүн ыҥырыллан үөрэнэр чиэскэ тиксибитим. Ити иннинээҕи сыл Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр профессор Варвара Окорокова уонна билигин “Күрүлгэн” альманах редактора Афанасий Гуринов-Арчылан салалталарынан бэрт умсугутуулаах үөрэххэ сылдьыбытым. Онно поэтесса Анна Парникова-Сабарай Илгэни илэ көрбүт, айар, суруйар дьарыкка интэриэһим күөдьүйбүт буолан, үөрүүнү кытта Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар “Дьоҕур” ыҥырыытын тутан, олус диэн үөрбүтүм.
Болдьоммут кэмҥэ араас улуустан мустубут оҕолор, өрүс уҥуор туораабыппыт. Биһигини кытары аҕам саастаах, бэрт сэмэй киһи баара. Кини суруйааччы буоларын бастаан хантан билиэхпитий? Ол сэмэй, саҥата-иҥэтэ суох олорбут киһи үгүс кинигэ ааптара, биллиилээх суруйааччы Егор Неймохов буоларын сыыйа билбиппит. Сорохтор кини “Хаһыы” диэн саҥардыы тахсыбыт кинигэтин номнуо аахпыт этилэрэ.
Ити сайын биһиги “Дьоҕурга” сүрүннээн үс предмеккэ үөрэммиппит: “Тюркология”, “Саха тыла”, “Литература”. Егор Петрович литератураны үөрэппитэ. Биһиги бары араас саастаах буолан, билиибит эмиэ соннук, биир тэҥ буолбатах этэ. Ол да буоллар, кини уруога, мин тус бэйэм санаабар, олус интэриэһинэйдик, умсугутуулаахтык ааһара. Литература жанрдарын наллаан, анаан-минээн кэпсиирэ, үөрэх бүтүүтэ айар сорудаҕы булгуччу биэрэрэ. Айар сорудаҕы сөбүлээн, кини предметин күүтэрим. Ол сорудахтарын кини сыныйан ааҕара, көрөрө. Хас биирдии бэйэбитигэр үлэбит кэннигэр санаатын суруйбут, “сыана” туруорбут буолааччы. Санаатын кыһыл фломастерынан, бытархай буочарынан суруйбут буолара: “Эйиэхэ иэйии баар. Психологизмы өйдүүр эбиккин. Суруйар дьоҕур баар, кытаат», – диэбит этэ. Онтон биирдэ: “Драма хайдах сурулларын, форматын эн өйдөөбөтөххүн. Өссө төгүл ааҕаргар сүбэлиибин”, – диэн суруйбут этэ. Драма чахчы уустук жанр, билигин да кыайтара илик диэн аһаҕастык билинэбин.
Ити курдук, оҕо сааспар айар дьарыкка кынаттаабыт “Дьоҕур” общество (салайааччы Иван Шамаев), эмиэ “Кэскил” хаһыат курдук, умнуллубат өйдөбүллэри биэрбит. Итиннэ хайатыгар да, саха оҕото сайдыылаах, билиигэ-күрүүгэ аһаҕас, баҕалаах буоллун диэн кэскиллээх санаа баһыйар.
Биирдэ суруйааччылары кытары Уус Алдаҥҥа барыыны биир дойдулаах убайбыт, норуодунай поэт Иван Мигалкин көҕүлээбитэ, тэрийбитэ. Онно СӨ суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Егор Неймохов, скульптор Василий Бочкарев, поэтесса Яна Байгожаева уо.д.а. барсыбыттара. Тумул, Мүрү нэһилиэктэригэр олохтоохтору, оскуола оҕолорун кытары көрсүбүппүт.
Оччотооҕу “Дьоҕурдар” оҕо сааспытыгар суруйааччы тылын-өһүн истибит, киниэхэ үөрэммит дьоллоох оҕолор эбиппит.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
Хоһооннорбун бэчээккэ мэктиэлээбитэ
Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан, “Дьоҕур” общество сайыҥҥы лааҕырыгар Чурапчы улууһугар Мындаҕаайыга үөрэммитим. Итиннэ биһигини Саха сирин инники күөҥҥэ сылдьар преподавателлэрэ Герасим Левин, Сардаана Егинова уонна Егор Неймохов үөрэппиттэрэ.
Егор Петрович Неймохов литератураҕа лиэксийэ ааҕара, өйтөн суруйтарара. Саха суруйааччыларын айымньыларын ырытарбыт. Хоһоон эҥин суруйарбыт. “Ийэбэр” диэн хоһоону суруйбуппун өйдүүбүн. Оччолортон суруйар этим. Ону уопсай тэтэрээккэ илиинэн суруллубут хоһооннорбун Егор Петровичка ырыттара биэрбитим. Хас биирдии хоһоону ааҕан баран, бэйэтин санаатын суруйара. Ол курдук, сорох сиринэн “Арбыыталыы”, сороҕо “табыллыбыт метафора, уобарас”, эбэтэр, “Алампалыы” диэн бэлиэтэммит буолара. Талыллыбыт хоһооннорум лааҕыртан кэлбитим кэннэ, эмиэ лааҕырга бииргэ сылдьыбыт дьүөгэм Ольга Лыткина-Семенова айымньыларын кытары “Сахаада” хаһыакка бэчээттэммит этэ. Ол кэмнээҕи Егор Петрович бэлиэтээһиннэрдээх тэтэрээтим уонна хоһооннорум бэчээттэммит хаһыата кырыллан, Уус Алдаҥҥа уурулла сылдьар буолуохтаах.
Итинник үрдүк култууралаах, дириҥ билиилээх, чаҕылхай талааннаах дьоҥҥо үөрэнэн ааспыппыттан үөрэбин, астынабын. Кэлин, улаатан да баран, Егор Петровиһы көрүстэхпинэ, хайаан да, ханна да ыксаан иһэр буоллаҕына, тохтоон, кэпсэтэн-ипсэтэн ааһааччы. Бэйэтин кинигэтин илии баттаан бэлэхтээн турардаах. Уус Алдаҥҥа кинини кытары айар дьон элбэх буолан бара сылдьыбыппытын өйдүүбүн. Онно оскуолаҕа оҕолору кытары сэргэхтик, үчүгэйдик көрсүбүппүт.
Яна БАЙГОЖАЕВА