…Харыйа дьиримниир уоттара, ааһан эрэр сыл ЧАҔЫЛыс гына ааспыт ЧАҔЫЛхай күннэрин кэрэһилиирдии, сулустуу суһумнаан ЧАҔЫЛыҥныыллар. Ону көрөн, бу сылга буолбут ЧАҔЫЛ-күлүм түгэннэргин эргитэ саныыгын, харахтыын ЧАҔЫЛыйа сырдыыгын. Онтон: “2019 сыл өссө ситиһиилээх буоллун!” — диэн баҕа санааҕын этэн ЧАҔЫЛытаат, ЧАҔЫЛҕанныы сааллар фейерверкин ытан ньиргитэҕин, хараҥа халлааны күлүмүрдэс мөһүүрэлэринэн ЧАҔЫЛыта сырдатаҕын…
Дьэ, маннык алыптаах күннэргэ, тулаҥ барыта бырааһынньыктааҕы настарыанньанан туолан, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ, дьон-сэргэ арыый иллэҥсийэр, сынньанар тоҕоостоох кэмигэр, оруобуна Ороһуоспаны көрсө, тохсунньу 6 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр Чаҕыл Николаев 5 сыллаах үбүлүөйдээх кэнсиэрин тэрийээри бэлэмнэнэ сылдьар.
Биэс сыл диэн ити биһиэхэ, улахан дьоҥҥо, кылгас кэм. Оттон 10 саастаах киһиэхэ уһун болдьох буоллаҕа эбээт. Ити кэрдиис кэм иһигэр кини оҕо саадыгар уһуйуллан, оскуола боруогун атыллаан, ааҕарга-суруйарга үөрэнэн, билигин номнуо алын сүһүөх оскуоланы бүтэрээри сылдьар. Онон Чаҕыл кэпсиирэ да элбэх, сонуна да үгүс.
—Айыы Кыһатын IV “А” кылааһыгар үөрэнэбин. Оскуолабыт саҥа дьиэлэммититтэн наһаа үөрэбин уонна түгэнинэн туһанан эҕэрдэлиибин! Үөрэхпэр үчүгэйбин. Математика, саха тылын олимпиадаларыгар кыттабын. Мындыр өйү сайыннарар “Дьоҕур” куруһуогар дьарыктанабын. Оҕо дыбарыаһын хоругар ыллыыбын. Ардыгар солистыыбын. Итиэннэ үһүс сылбын Хатылаевтар салайар “Тэтим” бөлөхтөрүгэр барабааҥҥа оонньуубун. Быйылгыттан “Zavod” үҥкүү устуудьуйатыгар эрчиллэн эрэбин. Ыллыы-ыллыы, үчүгэйдик хамсанарга наада диэммин.
Оҕо түргэнник улаатар. Аны биир-икки сылынан Чаҕыл “подросток” диэн ааттыыр сааспытыгар үктэниэ, өйдүүн-санаалыын, куоластыын, дьүһүннүүн-бодолуун уларыйыа. Ол иһин кыра эрдэҕинээҕи “минньигэс” кэмин туоһулуур кэнсиэрин видеоҕа устан хааллараары, итиэннэ олоҕун биир түһүмэҕин түмүктүүр бырайыак да быһыытынан бу кэнсиэри тэрийэргэ соруммуттар.
—Биэс сыл иһигэр бу үһүс айар-отчуоттуур кэнсиэрим. Бастакым оҕо саадын бүтэрэрбэр оруобуна Оҕо көмүскэлин күн Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар буолбута. Иккиспин 2016 сыллаахха “Азия оҕолоро” оонньуулар кэмнэригэр Орджоникидзе болуоссатыгар оҥорбуппут. Чурапчыга ыһыахха эмиэ сольнайдаабытым. Онно Сылаҥ “Халлааҥҥа үрдэл” диэн ВИА бөлөҕүн кытта кыттыбытым. “Халлааҥҥа үрдэллэр” бу кэнсиэрбэр эмиэ доҕуһуоллууллар¸ тыыннаах муусукаҕа ыллыыбын. Кистэлэҥмин барытын арыйбаппын, кэлэн бэйэҕит көрөөрүҥ, ыҥырабын.
—Чаҕыл, Инстаграмҥа 5 тыһыынчаттан тахса сурутааччылаах эбиккин дии….
—Оҕолор наар төлөпүөнүм нүөмэрин ыйытааччылар, табаарыстаһыахтарын, кэпсэтиэхтэрин баҕаралларын этэллэр. Ол иһин сонуммун барыларыгар тэҥҥэ сэһэргиир, социальнай ситим нөҥүө сүгүрүйээччилэрбин кытта доҕордоһор туһуттан икки сыллааҕыта бэйэм блог арыммытым. Онон ким сэҥээрбит @cha5yl_nikolaev диэҥҥэ киирэн “подпискаланыҥ”.
—Куруһуок бөҕөтүгэр сылдьар эбиккин. Аны онно эбии кэнсиэрдэриҥ, гастролларыҥ. Хайдах барытын ситиһэҕин?
— Мээнэ мэниктии эбэтэр төлөпүөҥҥэ оонньуу олорботоххо, барытын ситиһэҕин ээ. Мин иллэҥэ суох наар дьарыктаах сылдьарга үөрэнэн хаалбыппын. Дьонум эмиэ наар үлэлээн тахсаллар. Кинилэри холобур оҥостобун.
Кыракый бырааттаахпын дии, Эрсан диэн. Дьиэбэр кинини көрөн, дьоммор көмөлөһөбүн. Бырааппын наһаа таптыыбын. Сыанаҕа кэппит көстүүмнэрбин барытын киниэхэ ууран сытыарабын. Эрсан эмиэ ыллыыр буолуоҕа, онно кэтиэҕэ.
— Улааттаххына, дьонуҥ курдук эмиэ артыыс буоларыҥ буолуо дии?
— Суох, быраас буолуом. Ырыаны хобби оҥостуом. Баҕар, санаам уларыйыа…
— Чэ, көстөн иһиэ. Оттон бу ааһан эрэр сылтан эн саамай өйдөөн хаалбыт түгэниҥ?
— Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар убайым Айталигы көрсө, Хабаровскайга бара сылдьыбыппыт буолар. Ахтан баран көрсүһэр наһаа долгутуулаах эбит. Онтон салгыы Владивостокка баран сынньаммыппыт, муораҕа сөтүөлээбиппит. Наһаа үчүгэй айан буолбута.
—Тымныы Кырдьаҕас Моруос Оҕонньортон туох бэлэҕи күүтэҕин?
— Портативнай улахан “JBL” колонканы. Бу интервьюну ааҕар ааҕааччыларбар Саҥа дьылынан бэйэм эмиэ бэлэх оҥоруохпун баҕарабын. Ким ыйытыыбар сөпкө хоруйдаабыт айар кэнсиэрбэр миигиттэн 2 билиэти ылыаҕа. Боппуруоһум маннык: мин саамай ыраах гастроллаабыт сирим (улууһум).
Дьэ, онон хоруйгутун 89142223579 нүөмэргэ ватсаптаан ыытыҥ. Ким бастакынан сөпкө таайбыт Чаҕылтан бириис тутуоҕа.
Анисия Иевлева.