Оскуолабытыгар биология, химия, география нэдиэлэтэ ыытылла турар. Маны кытта тэҥҥэ «Аргыс» оҕо түмсүүтэ Доруобуйа нэдиэлэтин ыытар.
Биология учууталлара нэдиэлэ саҕаланыыта микробтар, куһаҕан дьаллык содулун туһунан тэттик киинэлэри көрдөрбүттэрэ. Онон биир көхтөөх тэрээһининэн кылааһынан чөл олоҕу сырдатар эркин хаһыаттарын таһаарыы буолла. Манна 5-11 кылаастар кытыннылар.
Кылаастар араас хаһыаты таһаарбыттар. Сорох плакат курдук, сорох сахалыы, сорох — нууччалыы оҥорбуттар. Ол эрэн, бары ис хоһоонноро чөл олоҕу тутуһууга, спорду кытта доҕордоһууга ыҥыраллар. Куһаҕан дьаллыктан сэрэтэллэр.
Кыайыылаахтары аныгыскы нэдиэлэҕэ биллэрэллэрин кыттааччылар долгуйа күүтэллэр.
Изабелла Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.