Сүүрбэ биэс сыл. Сүүрбэ биэс сыл биир киһи үйэтигэр уһун кэм. «Бэлэм буол» хаһыат 1959 с. тохсунньу 1 күнүгэр салгыы тахсан, иккис кэрдиис кэмигэр үктэммитэ. Билигин үлэлии сылдьар редакция үлэһиттэрин үгүстэрэ сонтон ыла бааллар. Оттон хаһыаппыт хаһыаппыт аан маҥнайгы нүөмэрин оҥорсон таһаарбыт үлэһиттэртэн Нина Иннокентьевна, Марина Андреевна, Николай Егорович, Михаил Дмитриевич уонна мин буолабыт.
Биһиги таһаарар хаһыаппытын – пионерскай хаһыаты оҕолор ааҕар хаһыаттара буоларын быһыытынан журналистар этэллэринэн оҥорорго, суруйарга ыарахаттардаах дииллэр. Кырдьыга да оннук быһыылаах. Кээмэйэ кыратын үрдүнэн, оҕоҕо тиийимтиэ тылынан-өһүнэн, өйдөнүллэр хаартыскаларынан, үгүс уруһуйдарынан уратылаах буолуохтаах.
Ханнык баҕарар ыал олоҕо-дьаһаҕа ийэтиттэн, аҕатыттан тутулуктаах. Тэрилтэ, редакция эмиэ биир сыаллаах-соруктаах, иллээх-эйэлээх буоллаҕына, үлэтэ-хамнаһа үчүгэй буолар эбит. Мин «Бэлэм буолтан» атын тэрилтэҕэ үлэлээбитим да диэн суоҕун кэриэтэ. Атын ыраах да, чугас да сирдэргэ бардахпына, бэйэм үлэлиир доҕотторбун ахтан кэлээччибин. Үгүс үчүгэй үгэстэртэн биири этэр буоллахха – биһиэхэ өрдөөҕүттэн үөскээн хаалбыт, омос көрдөххө бэрт дуона да суох буоллар, үчүгэй үгэс баар. Ол ким эмит, ханна да баран кэлин, бука барыбытыгар, сороҕор ахсааммытынан кыра кэһиилээх кэлэр (уруучука, духи, үчүгэй мыыла о.д.а.). Бу былыргы саха дьонун үгэстэрэ.
Бары дьиэлээх-уоттаах, кэргэттэрдээх дьоннорбут. Киһи олоҕор умнуллубат үтүө түгэннэр, ыар, хомолтолоох кэмнэр баар буолааччылар. Манна барытыгар ким туох кыахтааҕынан үөрүүнү, хомолтону үллэстэр. Доруобай киһи «доруобуйам үчүгэйин» диэн мэлдьи хайҕана сылдьыбат. Син ол кэриэтэ доруобай коллективка сылдьаргын туора дьонтон иһиттэххинэ искэр үөрэҕин.
Маны таһынан киһи аахтаҕына хайдах эрэ бэйэ тэрилтэтин, дьонун хайҕаан киһи аахтаҕына, хайдах эрэ бэйэ тэрилтэтин, дьонун хайҕаан киһиргээбит курдук буолуон сөп эрээри, саныыр санаабын сөптөөх курдук ааҕабын. Үчүгэй «ыал» кэргэнин биир киһитэ буоларбынан күөн туттабын. Тапталлаах кыракый «Бэлэм буолбун», «хааһылар» хаһыаттарын редакциятын, ханнык да ырай дойдутугар атастаспаппын.
Сарсыарда үлэтигэр тиэтэйэн, үөрэ-көтө кэлэр, оттон киэһэ дьиэтигэр кэргэттэрин ахтан кэлэр киһини дьоллоох киһинэн ааҕаллар.
Балыстарым, убайдарым, бырааттарым курдук саныыр үгүс сылларга бииргэ үлэлээн кэлбит ытыктабыллаах, тапталлаах аҕа табаарыстарбын, доҕотторбун, атастарбын саҥа үүммүт саргылаах Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Бука барыгытын ыга кууһан ууруубун, сыллыыбын.
Спиридон Федоров,
Ахсынньы 25 к. 1983 с.
«Кэскил» «Юность Севера» (хаһыат историятыттан)» кинигэттэн,
Дьокуускай, 2001