Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Саамай ааҕар кылаас» улуустааҕы бырайыак суперфиналыгар киирдилэр.
Быйылгы үөрэх дьылыгар 6-а уонна 6-б кылаас кэлэктииптэрэ «Саамай ааҕар кылаас» улуустааҕы бырайыак суперфиналыгар киирбиттэрэ. Сэтинньи 15-16 күннэригэр суперфинал кэтэхтэн олимпиада хайысхатынан ыытылынна. Олимпиада сорудахтара сүрдээх интэриэһинэйдэр, айымньы ис хоһоонун билиигэ эрэ туһуламмыт буолбатах. Үөрэнээччилэр араас үлэ көрүҥүн толордулар: тылдьытынан үлэлээтилэр, тургутуктары толкуйдаатылар, уруһуйдаах викториналары оҥордулар, айымньы тиэкиһин ис хоһоонунан сахалыы халандаар оҥордулар, кыра чинчийэр да үлэни ыыттылар. Үлэлэриттэн олус астыннылар.
Сонуну бэлэмнээтэ оскуола педагог-библиотекара Клавдия Дмитриевна Бакычарова.
«ОхлопковNews».