Ыам ыйын 21 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар урбаанньыт күнүгэр аналлаах бизнес-идиэйэлэр дьаарбаҥкалара буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ мин дьүөгэбинээн Терехова Риталыын «Аптаах үөрүк» («Волшебный клубок») диэн ааттаах, ол эбэтэр баайыы оонньуурдары, бэргэһэлэри, суумкалары о.д.а маллары оҥорон таһаарыы бырайыагын көмүскээтибит.
Рита иллэҥ кэмигэр баайыынан дьарыктаммыта хас да сыл буолла. Кини оонньуурдарын “Амигуруми” диэн дьоппуон омуктан кэлбит баайыы хайысхатынан тутуһан оҥорор, күрүчүөгүнэн үлэлиирин ордорор. Аан маҥнай Ританы баайыы абылаҥар эбээтэ Ирина Николаевна Терехова үөрэтэн такайбыт. Кэлин бэйэтэ интэриэһиргээн схеманан баайар. Дьоно Рита сөбүлүүр дьарыгын өйөөннөр наадалаах саптары, күрүчүөгү, оҕуруолары, брелокка иилэр карабиннары, оонньууру киэптииргэ аналлаах пуух түүнү атыылаһаллар. Рита элбэх оҕоҕо брелок оҥорон бэлэхтиир, сороҕор атыылаһааччы да баар буолар. Кини үлэлэрэ ис киирбэх, ураты быһыылаах, тутарга-хабарга үчүгэй, бөҕө-таҕа буоланнар дьон сэҥээриитин ылаллар. Бырайыакпыт бастакы миэстэ буолбутуттан үөрэбит. Ритабар баҕарабын өссө үрдүк ситиһиилэри, сайдыыны, аптаах үөрүктэн саҕыллар кэрэ бэлэхтэри.
Максимова Ульяна, 10 кылаас, «Нуклеус» пост, Кэбээйи.
Хаартыскаҕа: куонкурус түгэннэрэ, В.Н. Заровняева түһэриитэ.