Кэбээйи орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ быстах хомуурга ыҥырыллыбыт ыал дьиэ кэргэнигэр кыһыҥҥы тымныыны аахсыбакка көмөлөһөллөр.
Биһиги нэһилиэктэн 16 эдэр уол, дьиэ кэргэн аҕалара, тапталлаах оҕолоро, убайдара дойдуларын көмүскүү, ытык иэстэрин толоро барбыттара. Оскуолабытыгар Аҕа дойдубутугар бэриниилээх буолуу бырагырааматынан 6-11 кылаас кэлэктииптэрэ кинилэр дьиэ кэргэттэригэр сыһыарыллан, араас көмөнү оҥорон саҕалаатыбыт. Ол курдук, дьиэ ис-тас үлэтигэр, хаары күрдьэн, муус ылсыһан, тиэйсэн, сааһылаһан о.д.а. кыра да көмөнү оҥордохпутуна, өйөбүл буолар дии саныыбыт.
Биһиги кылаас түмсэн, быстах хомуурга ыҥырыллыбыт В.В. Дьяконов дьиэ кэргэнигэр кыһыҥҥы тымныыны аахсыбакка, көмөлөһөн кэллибит. Дьиэлэрэ ичигэс буоллун диэн, сабараанньатыгар хаар куттубут, тыалтан хаххалаан инчэҕэй хаарынан эркиннэрин сыбаатыбыт. Ыал ийэтэ Анастасия Дьяконова итии чэйдээх, бэрэскилээх көрсөн, махтал тылларын этэн, үөрэн-көтөн атаартаата.
Биһиги оҕолор эмиэ үтүө дьыаланы оҥорон астынан тарҕастыбыт.
Саргы Лугинова, 11 кылаас, «Дьоҕур» пресс-киин.
Лилиана Полятинская хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Кэбээйи орто оскуолата.