Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллан барбыт эр дьоҥҥо, уолаттарга таҥаһынан көмөнү оҥоруу салҕанар. Бу тэрээһини Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык солбуйааччыта К.М. Васильева) көҕүлээн ыытар.
С.П. Данилов Бэрдьигэстээх орто оскуолатын кэлэктиибэ бары биир санаанан салайтаран, быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт дьонноругар, биир дойдулаахтарыгар анаан 18 жилет уонна 5 төбөҕө кэтэр (балаклава) бэргэһэ тигэн бэлэмнээтилэр. Бу үлэни технология учуутала Любовь Дмитриева иилээн-саҕалаан тэрийэн ыытан, көмөнү улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Любовь Пахомоваҕа туттарда.
Үтүө санааланыы аахсыйатыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит учууталларга, үлэһиттэргэ Сааскылаана Гоголеваҕа, Акулина Дьяконоваҕа, Ольга Пахомоваҕа, Марианна Никитинаҕа, Ольга Семеноваҕа, Лариса Челбердироваҕа, Фаина Жирковаҕа, Нюргустаана Поповаҕа, Любовь Антоваҕа, Татьяна Текеяноваҕа, Мария Дьяконоваҕа, Варвара Семеноваҕа махтанабыт!
«Кэскил» медиа-оскуола.