Абытаай-абытай! Бука, ким да сөбүлээбэтэ буолуо бырдахха, кумаарга сиэтэрин. Онтон, оҕолоор, саамай бырдахтаах сиринэн киэҥ нэлэмэн туундара айылҕата буоларын билэҕит дуо? Дьэ, хоту сир тыатыгар таҕыстаххына бырдахха сиэтэн былдьата сыһаҕын. Бэл, дэриэбинэ иһигэр кумаар, оҥоойу элбэх буолар.
Онтон бу хаартыскаҕа ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгиттэн сылдьар кырачаан 3 саастаах Олег Максимов эбээтинээн Елена Петровналыын күн аайы маннык дьиэ таһыгар тахсан хортуоппуйга, оҕуруот аһыгар уу куталлар.
Кырачаан оҕуруотчут бырдахтан саллан турбат, эбээтигэр сүрүн көмөлөһөөччү буолар. Аны күһүн хортуоппуйдара, үүннэрбит оҕурсуулара, помидордара ас биэрэн маанылыа.
Хоту сиригэр ас-таҥас, чуолаан сибиэһэй оҕуруот аһын сыаната олус ыарахан буолар, онон олохтоохтор хайдах кыалларынан бу аҕыйах кэмҥэ турар куйааска үүнээйи арааһыттан олордо сатыыллар.
Кырачаан Олегка уонна кини эбээтигэр аны күһүн өлгөм үүнүүнү ылалларыгар, чугас дьоннорун иҥэмтиэлээх оҕуруот аһынан күндүлүүллэригэр баҕарыаҕыҥ.
Онтон оҕолоор, эһиги оҕуруоттааххыт дуо? Ол туһунан биһиэхэ суруйан ыытаарыҥ.
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.